Оҕо тугу оонньуурун кэтээн көрдөххө, инникитин туох идэлээх, хайдах майгылаах-сигилилээх киһи буоларын быһаарыахха сөп. Билигин гаджет үйэтигэр урукку курдук оруоллардаах, сүүрүүлээх-көтүүлээх, куоталаһыылаах оонньуулар умнуллан эрэллэр. Оттон смартфонунан уһун күнү быһа оонньуур оҕо эрэ барыта айтишник буолара саарбах. Онон төрөппүттэр ыччаты иитиигэ оонньуу улахан оруоллааҕын өйдөөн, оҕону атыҥҥа аралдьыта сатыаххытын наада.
«Оҕо оонньууругар дьылҕатын биттэнэр, инники олоҕун, идэтин «өтө көрөр»», — дииллэр психологтар. Оҕо оонньуурун тамнааттыыр, киэр илгэр – куһаҕан бит. Кыыһыра-кыыһыра, оҕону мөҕө-мөҕө ыһыллыбыт оонньуурдарын хомуйар төрөппүт улаханнык алҕаһыыр. Оттон кыыһырбыт уохха кыра киһи сөбүлүүр оонньуурун алдьаттахха оҕо кута хомойор, соргута тохтор.
Биллэн турар, хас биир төрөппүт оҕотун кыра сааһыгар дьэрэкээн кинигэнэн, кубигынан хайаан да хааччыйыахтаах. Кэлин сааһынан интэриэһиргиир оонньуурун ылан биэриҥ. Ол эрээри үлүһүйүмэҥ, сөбүлүү көрбүккүтүн барытын атыылаһымаҥ. Аһары элбэх эгэлгэ оонньуурдаах оҕо хайатынан да түптээн оонньообот, барытыттан хал буолар. Оонньууру оҕоҕо уларыта сылдьан үс-түөрт көрүҥү хаалларар ордук. Болҕомтотун ылбатаҕы кистээн баран кэлин биэрдэххэ, сонурҕаан оонньуур буолар.
Туохтан оҥоһуллубута биллибэт, сыттаах-сымардаах Кытай ырыынагыттан аҕыйах хонуктаах да буоллар араас уоттаах-күөстээх эгэлгэ оонньуур ылыах кэриэтэ оҕо өйүн, логическай толкуйун, моторикатын сайыннарар российскай эбэтэр муҥ саатар сертификаттаах оонньууру ыла сатааҥ.
Кэнники кэмҥэ омук мультиктарын дьоруойдара оҕо өйүн-санаатын, уйулҕатын алдьатарга анаммыттар диэн Россия психологтара түмүк оҥордулар. Холобура, Монстр Хай абааһы куукулалар, уола-кыыһа биллибэт, үтүөнү-мөкүнү араарбат Миньоннар, таҥас-сап, уол-кыыс, бэчэрииҥкэ интэриэстээх Винс кыргыттар – аныгы дьалхааннаах үйэҕэ суураллар, симэлийэр көлүөнэни иитэргэ бэлэмниир курдуктар. Билигин оҕо үксэ планшетын, телефонун тута сылдьан күнү күннээн компьютернай оонньууларынан үлүһүйэр. Оттон кинилэр ончу туһата суохтар, ону ааһан оҕоҕо остеохондроһу уонна харах ыарыытын көбүтүөхтэрин сөп.
Оччотугар кыра дьоммутун харыстыыр сыалтан тугу гынабыт? Бобон-хаайан туһа суох. Оҕолоргутугар болҕомтолоох буолуҥ, үчүгэйи, туһалааҕы оонньуурун бэйэҕит тэрийиҥ. Дьыл ханнык да кэмигэр хамсанарын хааччыйыҥ. Кыра сааһыгар велосипед, хаҥкы, хайыһар, ролик ылан биэрдэххэ, оҕо быыкаа эрдэҕиттэн эт-хаан өттүнэн эрчиллэн барар, спортка интэриэстээх буолар. Билиҥҥи үйэ оҕотугар бу түөрт спортивнай инвентарь хайаан да баар буолуохтаах.
Төрөппүт киһи оҕотун кытта тэҥҥэ оонньоһор буоллаҕына, олус үчүгэй. Маныаха ордук остуол оонньуулара сэргэхтэр уонна туһалаахтар. Саахымат, дуобат, хабылык, хаамыска – оҕо өйүн, суоттуур, анаарар дьоҕурун сайыннараллар.
Фен-шуй исписэлиистэрэ алдьаммыт оонньууру быраҕан иһиҥ диэн сүбэлииллэр. Оттон психологтар алдьаммыты (ордук сыаналаах, хаачыстыбалаах оонньууру) оҕону бэйэтин кытта абырахтыыр ордук дииллэр. Оччотугар кыра киһи быыкаа эрдэҕиттэн малы-салы харыстыырга үөрэнэр. Аныгы силим, крепеж арааһа ханнык да матырыйаалы чөлүгэр түһэриэхтэрин сөп.
Билигин пенсионер буолан олорор икки ини-бии дьахталлар кыра саастарыгар эргиччи ыал буола оонньууллар эбит. Улахан кыыс Света өрүсүһэ-өрүсүһэ оонньууру барытын бэйэтигэр ылан иһэр, балтыгар тугу да ордорбот. Оонньуу ортотугар кырачаан Анюта этэр: «Чэ, буоллун. Аны мин эйиэхэ ыалдьыттыыр киһи буолуом». Улаатан баран Светлана ыал буолан дьиэ-уот тэринэн, оҕо-уруу төрөтөн толуу-мааны ийэ хотун дэппитэ. Оттон Анна сулумах хаалбыта, үйэтин тухары эдьиийин алта оҕотун иитиспитэ, атахтарыгар туруорсубута.
Мотуруона – сэбиэскэй кэмҥэ төрөөбүт буолан баран, элбэх оҕотун сүтэрбитэ, сиэнэ, хос сиэнэ бэйэтин саастыылаахтарыттан лаппа аҕыйах. Кини быыкаайык сылдьан сайылыкка ампаар кэннигэр өлбүт чыычаахтары, чоппуускалары көмөр адьынаттаммыт. Онтукатын бохоруона-бохоруона курдук кириэс туруорар, сибэккинэн венок өрөн чөкө уурар эбит уонна: «Бу мин кыыһым өллө, бу мин уолум өллө», — дии-дии сирэйин саба тута-тутта ытаабыт буолар үһү. Ийэтэ мөҕө, буойа сатаан баран куһаҕан оонньуутун кыккыраччы боппут, таһыйбыт. Ол да буоллар Мотуо саһа-саһа дьон көрбөт сиригэр тиийэн «ритуалын» син биир толорор эбит. «Элбэх оҕобун сүтэрэр быабар оонньоотум ини», — диэхтиирэ Мотуруона эмээхсин.
Петр оҕо сааһыгар куруук үөһэ ыттар идэлээх эбит. Эбэтин ыскаабыттан саҕалаан күрүө баҕанатыгар, сарай үрдүгэр ыттыбыта эрэ баар буолар. Хаста эмэтэ үөһэттэн сууллан кыратык эчэйэн ылбыта. Мөҕүллэр-мөҕүллэр да истибэт. Тыаҕа таҕыстахха маска хатаастар, олбуорга оонньоотоҕуна дьиэ кырыысатын үрдүгэр тахсар уонна барыны-бары үөһэттэн көрөр, ырааҕы одуулуур дьикти дьарыктаммыта. Петр улаатан үөрэхтээх киһи буолбута, үлэтигэр түргэнник үрдээбитэ, кэлин улахан тэрилтэ салайааччыта буолбута.
Быыкаа Сережа күнү быһа алдьаммыт комбайны хасыһар, быраҕыллыбыт массыына кузовыттан тахсыбат. Букунуйар да букунуйар. Оттон Куока уулусса оҕотун мунньан сэриилээх оонньуур. Кини онно хамандыыр. Уолаттар улаатан баран үлэһит дьон буолбуттара. Сергей суоппар идэтин баһылаан куруутун ыраах айаҥҥа сылдьар, Николай полицияҕа үлэлиир.
Кырачаан Лена оҕолору кытта оонньоору гыммытыгар, эдьиийдэрэ куолутунан ханнык да «тэрилтэҕэ» ылбатылар. «Эн кыраҕын, акаарыгын, биһигини кытта оонньоомо», — диэн кэбистилэр. Лена бу сырыыга ытаабата, туспа баран «хонтуора» тэринэн, «докумуон» бөҕө толордо, кумааҕынан «харчы» бөҕө уруһуйдаата. Сотору оонньооччуларга кэлэн «Хамнас кэллэ», — дии-дии «маҕаһыын», «балыаһа» уонна «оскуола» үлэһиттэригэр оҥорбут «харчытын» түҥэттэ. Онтон ыла хонтуора хотуна буола оонньуур идэлэннэ. Лена улаатан баран баһылаабыт идэтинэн үлэлээбэтэҕэ, ол оннугар билигин бизнеһинэн ситиһиилээхтик дьарыктана сылдьар.
Хас биирдии кырачаан киһи сөбүлээн биир оонньуунан үлүһүйэр. Сорох оҕо сүүрүүлээх-көтүүлээх, айманыылаах оонньуулары талар, сорох оҕо бэйэтэ бэйэтигэр олорон күнү быһа конструктордыыр, ким эрэ оруоллардаах оонньуулары (быраастаах, учууталлаах) ордорор. Аныгы оҕолор үксүлэрэ итини барытын дьүөрэлииллэр, онон быһаччы сыанабыл быһар сатаммат. Ол эрээри оҕо ордук тугунан хайдах оонньуурун сөпкө кэтээн көрөн, талыахтаах идэтин, олоххо, дьоҥҥо сыһыанын быһа холоон билгэлиэххэ сөп.
Массыына. Уол оҕо үксэ кыра сааһыттан массыынанан оонньуур. Кинилэр күүстээх эр дьон буолуохтарын, тимир көлө тэһиинин тутуохтарын баҕараллар. Ол эрээри бу оонньуур кыра киһини оччо-бачча сайыннарбат эбит. Эргиччи массыынанан оонньуур уол олоҕор уһулуччу үрдүк ситиһиилэммэт. Онон болҕомтотун атын интэриэһинэй оонньууга көһөрөргө дьулуһуҥ.
Саллааттар. Быыкаа саллааттар уол оҕоҕо олус туһалаахтар. «Сэриигэ» армия баһылыга стратегиялаах уонна тактикалаах буолуохтаах эбээт, ону ааһан манна өссө дьиссипилиинэ, иерархия баар. Кырачаан «генерал» балаһыанньаны туораттан кэтээн көрөр, сөптөөх быһаарыныыны кэмигэр ылар дьоҕура сайдар. Саллааттарынан лидер-оҕолор оонньууллар.
Конструктор. Бу оҕолор сүрдээх тулуурдаахтар уонна дьаныардаахтар. Конструктор кыра киһи логическай өйүн сайыннарар. Бу оонньуурунан үлүһүйэр оҕолор кэнэҕискитин программист, математик, архитектор буолуохтарын сөп.
Динозаврдар. Үөрэҕи ылынымтыа, билиигэ-көрүүгэ дьулуурдаах, барыны бары түргэнник ылынар оҕолор сөбүлүүр оонньуурдара. Динозаврдарынан үлүһүйэр буоллаҕына, эһиги дьиэ кэргэҥҥэ исследователь, анаарар дьоҕурдаах, сэдэх идэлээх киһи улаатан эрэр диэн тойоннуохха сөп.
Куукула, иһит-хомуос. Кырачаан «принцессаҕа» дьиэҕэ-уокка сыһыаннаах оонньуур хайаатар да баар буолуохтаах. Хас биир кыыс оҕо улаатан баран ийэ, хаһаайка буолар аналлаах эбээт. Ол эрээри улахан кылааска тахсыар диэри ыаллаах оонньуур кыыс эрдэ ыал буоларын биттэнэр эбит.
Сымнаҕас оонньуур. Эһиги оҕоҕут – олус көрсүө, кэпсэтинньэҥ, сайаҕас киһи эбит. Кинини туохтааҕар да сылаас сыһыан ордук долгутар. Сымнаҕас оонньуур – үтүө доҕор. Филологтар, журналистар, психологтар, социальнай эйгэ үлэһиттэрэ, быһатын эттэххэ, гуманитарийдар оонньуурдара.
Бэйэ инф.