Саха суруйааччыларын ааҕыы, кинигэ туһунан «кынаттаах» этиилэрэ.
Анна Денисовна Неустроева убайын Н.Д.Неустроев туһунан:
«Кини кинигэни куруук ааҕара. Ордук нуучча улуу суруйааччыларын Пушкин, Лермонтов, Гоголь, Лев Толстой, Чехов уонна Некрасов кинигэлэрин таптаан ааҕара. Кини ити суруйааччылар кинигэлэрин, хартыыналарын биһиэхэ көрдөрөр буолара уонна тус-туспа араартаан кэпсиирэ. Пушкин оҕо эрдээҥҥитин туспа, улааппытын туспа, ийэтин, аҕатын, ойоҕун мэтириэттэрин көрдөрөрө. Лев Николаевич Толстой бэйэтин, эмээхсинин, хас оҕолорун тус-туспа ааттарынан ааттаан, мэтириэттэрин кинигэттэн эмиэ көрдөрөрө. Оннооҕор биһиги ийэбит Ксения Петровна үөрэҕэ суох эрээри, ол убайым Николай кинигэлэртэн көрдөттүүрүнэн, кэнники атын да урут көрбөтөх кинигэлэригэр ити этиллибит суруйааччылар мэтириэттэрин көрдөҕүнэ, чуо билэр буолара».
Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа:
«Улуу дьол ааҕарга баар. Эдэриттэн ааҕа үөрэммит эрэ киһи ол дьолтон үрдүк үөрүүнү сомсор».
Михаил Чооруоһап Амма Аччыгыйын туһунан:
«Олох быстыар диэри, бэл ачыкыта суох ааҕара. Ааҕыы киниэхэ үйэтигэр үрдүк дьоло этэ. Улаханнык оҕустаран ыалдьыар диэри күн аайы син биир эксээмэҥҥэ бэлэмнэнэр сүрэхтээх устудьуон курдук ааҕара. Итинтикэҥ да быһаарыылаах эбээт! Эдэригэр ааҕар дьолу иҥэриммит киһи эрэ кырдьар сааһыгар сыралаахтык ааҕааччы».
Николай Алексеевич Лугинов: «Ойуунускай айымньыларын ааҕан улааппытым…»
Кини аан дойду историятыгар олоҕуран суруйбут “Соломуон Муударай”, “Александр Македонскай” туһунан сытыы көрүүлээх айымньыларын ааҕан улааппатаҕым буоллар “Чыҥыс хаан” суруллуо суоҕа этэ, мин үлэм үтүө үгэһи салҕааһын. Мин Ойуунускай айымньыларыттан “Улуу Кудаҥса”, “Дойду оҕото Дорогуунап Ньукулай” айымньылары оҕо эрдэхпиттэн сөбүлээн ааҕан үөскээбитим. Саҥа улаатан эрдэхпинэ П.А.Ойуунускай 7 томнаах кинигэтэ бэчээттэнэнэ тахсыбыта. Оччотооҕу саха ыала күннээҕи үлэтин-хамнаһын мүлүрүтэн бары анаан мустан бырааһынньык курдук П.А.Ойуунускай айымньытын аахтаран истэр этилэрэ. Биһиги дьоммут барахсаттар: “Бу куһаҕаннык, бу үчүгэйдик ааҕар оҕо”, – диэн араараллара. Хороччу улаатыахпар диэри маннык көстүү баара. Убайбын буллургуу сытыйан диэн сирэллэрэ, ол оҕо үчүгэйдик ааҕар үһү диэн ыҥыраллара. Бу оччотооҕу кэмҥэ тэнийбит көстүү – доргуччу ааҕыы культурата. Билигин литератураны ааҕыы мөлтөөбүт хомолтолоох кэмигэр олоробут…Компьютер биир-икки көлүөнэ эдэр дьону “сиэтэ”. Ол эрээри киһи үөрэххэ тардыһыыта күүстээх. Өскөтүн ааҕыы муодата эргилиннэҕинэ, оҕо аҕыйах кэминэн барытын ааҕан ситиһиэҕэ. Кинигэни аахпат киһи ордук техническэй наукаҕа, математикаҕа сыстаҕас буолбат. Поэзия санааны сайыннарар күүстээх, ол иһин техническэй наукаҕа, математикаҕа туһалаах. Былыргы математиктар литература туһунан кэпсэтэллэрэ, суруйааччылары кытта доҕордоһоллоро. Техническэй наука өрөгөйдөөн сайдыбыт кэмигэр, техническэй үөрэхтээх интеллигенция поэзияны өрө тутар эбит. Аахпат киһиттэн – техническэй өй-санаа кэхтэр. Бу билиҥҥи аахпат кэм бириэмэтэ сотору ааһыаҕа.
Ылылынна: tullukchaan.ru