Н.Е. Мординов – Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата «СахаИгра «Моя Якутия» уопсастыбаннай тэрилтэни кытта “Мин Сахам сирэ” историческай, географическай (2-с тахсыыта), “Саха куукуната”, “Билим” литературнай лотолары атыыга таһаарда. Бырайыак ааптарынан Любовь Семеновна Ильина буолар.
Билиҥҥи карантин кэмигэр оҕолор, улахан да дьон, дьиэлэригэр хааллан олороллоругар бириэмэни атаарарга саамай табыгастааҕынан остуол оонньуута буолар. Остуол оонньуута туохха туһалааҕый?
Бастатан туран, ханнык баҕарар оонньуу туспа быраабылалаах буолан, оҕо быраабыланы тутуһарга, ылыммыт быһаарыныытыгар эппиэттээх буоларга, бэрээдэккэ, тулуурга үөрэнэр. Ол аата оҕо сиэригэр-майгытыгар оруоллаах.
Иккиһинэн, интеллект, билии-көрүү сайдарыгар туһалаах. Манна оҕо логиката, болҕомтото, хараҕынан көрөр паамата, түргэнник толкуйдуур дьоҕура сайдар. Тылын баайа элбиир.
Үсүһүнэн, атын дьону кытта сыһыаҥҥа үөрэтэр. Оҕо дьону кытта кэпсэтэр, туох эмэ туһунан дуогабардаһар, туруорсар үөрүйэҕи ылынар.
Уонна, саамай сүрүнэ, бары дьиэнэн, ыалынан түмсэн олорон, күлэртэн-үөрэртэн ордук туох баар буолуой!
Любовь Ильина, бырайыак ааптара, «СахаИгра «Моя Якутия» уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта:
— Оҕо кыра сааһыттан төрөөбүт дойдутун билэр, таптыыр, бэриниилээх киһи буола улаатарыгар туһуланар остуол оонньууларын оҥорууну 2017 сылтан саҕалаабыппыт. Бастакы оонньуубут «Мин Сахам сирэ» диэн географическай лотону сиэним, Дьокуускай куорат 17 нүөмэрдээх оскуолатын үөрэнээччитэ Настя Пухова (кылаас салайааччыта Коротова В.И.), ийэтиниин Юлия Ноговицыналыын айбыттара. “Инникигэ хардыы” куораттааҕы түһүмэҕэр 1 миэстэни ылбыттарыттан кынаттанан, дьоҥҥо–сэргэҕэ тарҕаммыта. Жюри сүбэтин ылынан, дьиэ кэргэн үбүнэн биир тыһыынча оонньууну Москваҕа оҥотторбуппут.
2018 сыллаахха СӨ Ыччат дьыалатыгар уонна социальнай коммуникацияҕа министерствотын, пединститут уонна «Чуораанчык» сурунаал редакциятын өйөбүлүнэн оҕоҕо аналлаах остуол оонньуутун оҥорууга детсад үлэһиттэрин ортотугар өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус биллэриллибитэ. Онно кыайыылааҕынан Дьокуускай куорат 82 №-дээх «Мичээр» уһуйаан (сэб.Трофимова Ю.И.). кэллэктиибэ буолбута Бу «Познай свой край, Якутию» остуол оонньуута икки тыһыынча экземплярынан оноһуллубута.
2019 сыллаахха оскуолаҕа киириэн иннинээҕи уонна оскуола оҕолоругар аналлаах сайыннарар оонньуулардаах «Төрөөбүт Сахам сирэ» 2 диискэ тахсыбыта. “Мин өрөспүүбүлүкэм” уонна “Байанай” диискэлэргэ Саха сирин уратытын көрдөрөр бэлиэлэр, Саха сирин кыылларын, ытык сирдэр, киин куорат, улуустар тустарынан ыйытыктар, «Бэйэ оонньуута” диэн телевизионнай оонньуу барылынан күрэхтэһии, Саха сирин картатынан таайбараҥнар, мелодист Надежда Макарова ырыаларынан караоке киирбиттэрэ. Диискэни төрөппүт, оҕо саадын иитээччитэ, алын сүһүөх кылаас учуутала оҕону үөрэтиигэ туһаныахтарын сөп.
Бу күннэргэ Н.Е. Мординов – Амма Аччыгыйа аатынан«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын өйөбүлүнэн 4 оонньуу күн сирин көрдө: “Мин Сахам сирэ” историческай, географическай (2-с тахсыыта), “Саха куукуната”, “Билим” литературнай лотолар.
Ааптар быһыытынан географическай лотону сырдатар буоллахха, бу оонньуу ис хоһоонугар биһиги киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин айылҕатыгар сыһыаннаах 72 боппуруос киирдэ. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэбит айылҕа кэрэ –бэлиэ миэстэлэрин, сиртэн хостонор баайдарын, территориятын кыраныыссатын, өрүстэрин-күөллэрин, улуустарын-куораттарын туһунан боппуруостар киирдилэр.
Виктор Борисов, историяны билиһиннэрэр «Сахам сирэ» лото ааптара, мусуой үлэһитэ, кыраайы үөрэтээччи:
— Хомойуох иһин, өрөспүүбүлүкэбит историятын үөрэтии — оскуолаларга булгуччулаах дисциплина быһыытынан суох. Онон дьон Саха сирин историятын, этнографиятын мусуойдарга, Дьокуускайдааҕы «Мин историям» Историческай мультимедийнай комплекска сылдьан уонна кинигэлэртэн ааҕан эрэ билиэн сөп. Ол иһин историяны билиһиннэрэр «Сахам сирэ» оонньуу дьон дойдубут историятын билэргэ көмө буолар аналлаах оҥоһулунна.
«Сахам сирэ» остуол оонньуута — историятын бэлиэ-кэрчик кэмнэрин хабар уонна историяҕа улахан оруоллаах дьону билиһиннэрэр ис хоһоонноох. Историческай наука кандидата Саргылана Егоровна Никитина көмөлөһөн, лотоҕа 12 ыйытыыны бэлэмнээтэ, уоннааҕытын бэйэм толкуйдаатым. Туттубут литературам ааптардарын үгүстэрэ — Саха сирин историятын үөрэтиигэ биллэр дьон: С. Токарев, Ф. Сафронов, Г. Башарин, А. Гоголев, В. Иванов, Р. Бравина, А. Борисов уо.д.а.
Мин идэбинэн мусуой үлэһитэ, кыраайы үөрэтээччи буолабын, историк буолбатахпын, онон бу үлэ научнай ис хоһооно суох. Ол эрээри история айары сөбүлээбэт, онон историческай чахчыны тутуһа сатаатым. Биллэн туран, ханнык баҕарар үлэ итэҕэстээх буолар, онон сыыһа баар да буоллаҕына, кэлин тахсар буоллаҕына, көннөрүллүө.
Оонньуу ис хоһооно интэриэһинэй, чэпчэкитик оонньонор, киһи кылгас кэм иһигэр элбэҕи билэр.
Билиҥҥи эпидемия саҕана дьиэҕэ олорор кэми туһалаахтык атааран, 12-гэ диэри дьон оонньуохтарын сөп. Патриотизм сылыгар бэйэбит историябытын билиэҕиҥ, үөрэтиэҕиҥ. Бэйэбит историябытын билэрбит булгуччулаах!
Мария Габышева, «Якутская кухня» лото-оонньуу ааптара:
— Омук, нуучча айанньыттара, политсыылынайдар уонна учуонайдар өрүү сөҕөллөрө: Кыһын 70-ча кыраадыс тымныыга, сайын 40-ча кыраадыс итиигэр сахалар тугу, хайдах аһаан тыыннаах сылдьалларый? Күн-дьыл итиитэ-тымныыта итиччэ араастаһыытын хайдах тулуйалларый?
Айылҕа 100-тэн тахса кыраадыс араастаһыыта киһи этигэр-сиинигэр сүдү охсууну оҥорор. Ол эрээри саха норуота үйэлэр усталарыгар олорор сирдэрин килиимэтигэр, күннээҕи дьарыгар, сааһыгар, доруобуйатын туругар сөп түбэһэр, “сбалансированнай» аһылык систиэмэтин оҥорбута. Үйэлэр тухары тотоойу, эккэ-хааҥҥа туһалаах, дьиҥнээх төрүт аспытын, олохтоох бородууктаны харыстаан илдьэ сылдьан, баччааҥҥа диэри тириэртэхтэрэ. Аспытыгар баар туһалаах уонна дьиҥнээх араас минеральнай вещество, битэмиин киһи доруобай, актыыбынай, уһун үйэлээх буоларыгар, чэгиэн-чэбдик ыччаты төрөтөрүгэр аналлаахтар.
Ол инниттэн биһиги оҕолорбутугар төрүт аспыт киһи олоҕор туһатын, оруолун билиһиннэриэхтээхпит, үөрэтиэхтээхпит. Билигин доруобуйаҕа буортулаах кэлии искусственнай, химиялаах ас, утах дэлэйдэ. Оҕолорбут күннэтэ «Кока-кола” утаҕы, пиццаны, попкорну уо. д.а буортулаах аһы аһыыллар, доруобуйаларыгар улахан буортуну, охсууну оҥороллор. Анемия, рак, уойуу, остеопороз, сүрэх, хаан баттааһынын ыарыылара олус дэлэйдилэр. Оҕолор доруобуйалара олус айгыраата. Мантан хайдах быыһанабыт, тугу гынабыт?
Саха сирин балыктара белогу, фосфоры, кальцийы, А, Д битэмиини киһи организмыгар толору хааччыйар кыахтаахтар. Быччыыка-собо кальцийынан, фосфорынан олус баай. Онтон таба, идэһэ сылгы, ынах этэ — белогунан толору. Идэһэ сылгы сыата холестерин үөскүүрүн тохтотор. Малокровиеҕа тимирэ элбэх диэн эдэр сылгы быарын сиэтэллэр, хаантан араас бүлүүдэ оҥороллор. Үүттэн, араас отонтон уонна үүнээйиттэн оҥоһуллар утахтарбыт битэмиининэн баайдар, туһалаахтар. Онон төрүт аспыт доруобуйабыт мэктиэтэ буолар.
Аан дойду учуонайдара үөрэтэн көрүүлэринэн, ханнык баҕарар киһи төрөөбүт дойдутун этэ-хаана үөрэммит төрүт аһын аһыыр, чэгиэн чэбдик (арыгы испэт, табах , наркотик тарпат) олоҕу тутуһар, сөбүлүүр дьарыктаах (үлэлээх), уопсастыбаннай олоххо көхтөөх буоллаҕына, уһун үйэлэнэр, доруобай буолар. ВОЗ чинчийиитинэн, киһи доруобуйата аһылыгыттан тутулуктаах диэн быһаараллар.
Оҕоҕо төрүт аспытын билиһиннэрии, үөрэтии суолтата хаһааҥҥытааҕар да улаатта. Онно дьиэ кэргэнтэн саҕалаан, төрүт аһы оҕолорбутугар аһатан, ылыннаран, үөрүйэх оҥорор эбээһинэстээхпит. Аһылык туһунан лото дьиэ кэргэнтэн саҕаланан, оҕоҕо, ыччаттарбытыгар төрүт аһылыкка билиини, наадыйыыны иҥэриэхтээх. Нэһилиэнньэни төрүт ас бородуукталарынан хааччыйыы государственнай политика сүнньүнэн буолуохтаах. Олохтоох аһы-үөлү дэлэтии соруга турар. Оччоҕо дьон-сэргэ буортулаах, химиялаах омук аһыгар наадыйыа суоҕа этэ. Оҕолорбут доруобай, актыыбынай, уһун үйэлээх, чэгиэн ыччаттаах дьон буоллуннар!
Ольга Семенова, Н.Е. Мординов – Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ:
Дойдубутугар тапталбыт тулхадыйбат олоҕунан төрөөбүт тылбыт, төрөөбүт саҥабыт буолар. Саха литературата норуот уус-уран айымньыларын утумнаан, бу өйдөбүл суолтатын ордук дириҥэтэн, үйэлэргэ өлбөт тыыннаабыта. «Сурукка киирбит литература үөскээһинэ — далааһыннаах саҥа ньыма көстүүтэ»,- диэтэхпитинэ, сыыспаппыт. Кэлин үөскээбит араас оонньуулар, ол иһигэр остуол оонньуулара эмиэ, норуот олоҕун ис хоһоонун, үөрүйэхтэрин тарҕатар саҥа ньыма быһыытынан киирбиттэрэ. Онон кэми-кэрдиини кытта кэлэр ханнык баҕарар ньыма суолтатын өйдөөн, ситим быстыбат буоларын хайа да өттүттэн сөпкө ылынан, олохпут ис хоһоонун байытыах эрэ кэриҥнээхпит. Маныаха олох ханнык баҕарар араҥатыгар ис туругу илдьэ сылдьар муударай дьоммут, анал үөрэхтээхтэрбит күүс-көмө, сүбэ буолалларыгар киһи үөрэр.
«Билим» литературнай лотону таҥарбытыгар «Чуораанчык» сурунаал уонна «Кэскил» хаһыаттар уонунан сылларга муспут баай фондаларыттан тутуннубут. Бырайыагы «Кэскил» оҕо кыһатын иһигэр сүрүннүүр эрэдээктэр Татьяна Ильинична Жиркова салайда. Маны сэргэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи национальнай бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр салаатыттан Туйаара Николаевна Готовцева хас биирдии ыйытыыны, хаартысканы, уруһуйу талыыга далааһыннаах үлэни ыытыста. Биллиилээх суруйааччы, тылбаасчыт Николай Егорович Винокуров – Урсун литература ис эйгэтигэр сылдьарын быһыытынан сүбэлииригэр көрдөспүппүтүн быһа гыммата. Киниэхэ ис сүрэхпититтэн махтанабыт.
Барыта бу кэмпилиэккэ 4 көрүҥ лото киирдэ. Билиҥҥитэ хас да көлүөнэ үөрүйэҕэр сөп түбэһэн, интеллектуальнай алтыһыыга сөптөөх олугу ууруо уонна саха литературатын сэргээн ааҕар дьоммут-сэргэбит утумнааччыларын иитэр-такайар хамсааһыннарыгар күүс-көмө буолуоҕа диэн эрэнэбит.
Атыыланар сирдэрэ: «PROФОТО» студия (Петр Алексеев уул.73), Бэчээт дьиэтин киоската, «Чуораанчык» сурунаал эрэдээксийэтэ (Орджоникидзе, 31), «Престиж» атыы дьиэтэ (Ойуунускай уул., 5).
ОНЛАЙН атыы: https://profotoykt.pro/product/istoricheskoe-loto-moya-yakutiya/
Төлөпүөннэр (ватсап): 89142610289. «Моя Якутия» лотону Дьокуускай куоракка дьиэҕитигэр диэри 50 солкуобайга аҕалан биэрэллэр https://profotoykt.pro/product/istori
89142266547 нүөмэринэн босхо аҕалан биэрии өҥөтүн оҥороллор.