“Сосновый бор” сынньалаҥ уонна чэбдигирии киинигэр “Кампус молодежных инноваций” “Цифровое поколение” симиэнэҕэ АйТи эйгэҕэ интэриэстээх уонна ситиһиилээх оҕолор мустан, лааҕыр көхтөөх олоҕор кытта, үөрэнэ, аралдьыйа сылдьаллар. Оҕолор этэрээттэргэ арахсан, АйТи бырайыактары толкуйдаан, көмүскүүр соруктаахтар. Ол түмүгүнэн бастыҥ программист оҕолор Москваҕа «Сколково» инновация киинигэр ыытыллар Россиятааҕы Хакатоҥҥа кыттар быраабы ылыахтара.
“Кентукки” шезлону оҥорон атыылыыбын уонна Парижка олоруохпун баҕарабын»
Александр Местников, IX кылаас үөрэнээччитэ (“Уолан” гимназия, Уус-Алдан):
— Мин 3Д-моделированиенан дьарыктанабын, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэргэ кыттабын. Уопсайынан, АйТи эйгэҕэ интэриэһим улахан. Айсен Охлопковтыын WorldSkills күрэххэ улууска кыттыбыппыт. Сорудаҕа биэрбит кээмэйдэринэн генератор 3Д моделын оҥоруу этэ. Ону өссө анимациялаан, эргийэр гыныахтаахпыт.
Электричествоны эбэтэр ниэби кытта сибээстээх идэни талар санаалаахпын. Инженер буолуохпун баҕарабын. Саха сиригэр ниэби хостуубут даҕаны, ону оҥорон таһаарбаппыт. Ол сайдыан наада. Оччоҕо манна бензин сыаната да чэпчиэ этэ.
Уус-Алдаҥҥа бырамыысыланнас сайдыан сөп дуо? Мин билэрбинэн, Мүрү алааспытыгар ураны көрдүүллэр. Онно анал импульсу, сардаҥаны ыытар кыра будкалары туруорбуттара икки сыл буолла. Ол чинчийии туох түмүккэ кэлэрэ биллэ илик.
Мин санаабар, биһиги улууспутугар тыа хаһаайыстыбата үчүгэйдик сайдыан сөп. “Мүрү ас”үрүҥ аһы оҥорор сыах барыыстаахтык үлэлиир.
Кылааспытыгар алта уол буолан, кыра биисинэстээхпит. Арылхан Сыроватскай аҕата — мас ууһа. Кини уһанар дьиэтигэр биһиги маһынан “Кентукки” диэн шезлонг оҥорон атыылыыбыт. Бырайыагын Павел Олесов убайа, эмиэ мас ууһа уол, айбыта. Өссө Владик Кириллов, Сережа Сергеев, Коля Назаров бааллар. Сакаас ылан, 3 тыһ.солк.сыаналаан атыылыыбыт. Маһын атыылаһабыт. Улуус администрацията көмөлөһүөх буолбута. Уонна сотору кэминэн бэйэбит гимназиябытыгар уһанарга дириэктэрбитин кытта кэпсэппиппит.
Гимназиябытыгар 200-чэ уол үөрэнэр. Кыргыттара суох, оттон син… Атын оскуолалары кытта шефтэһэбит, онно да билсэбит, аралдьыйабыт. Аҥардас уолаттар эрэ буолан, уол оҕо хаачыстыбытын сайыннарыыга улахан болҕомто ууруллар, экспедициялар, “военно-полевой сбор”, “коммунарский сбор”, бэлисипиэтинэн ыраах сиргэ айан, ыытыллар.
Уол оҕо сатыахтааҕын барытын оҥоробун. Дойдубар Курбуһахха оттуубун, бултуубун, тиэхиникэни ыытабын.
Ханна олоруохпун баҕарабын? Парижка!
Ааптар: Таисия Алексеева.