Хаартыскаҕа түспэтэх киһи диэн биһиги үйэбитигэр суоҕа буолуо. Оннооҕор, хас биирдии оҕо “селфи” диэн тылы истэн билэр. Оттон хантан бу үөскээбитий? Хаһааҥҥыттан баарый? Үксүбүт төлөпүөн камераламмыт, хаартыска тарҕаммыт кэмиттэн дии саныыр буолуохтаах. Ону баара “селфи” үөскээбитэ номнуо сүүстэн тахса сыл ааспыт…
“Selfie” – “бэйэҥ”, “бэйэҕин” диэн тылбаастанар. Ол аата киһи соҕотох туран бэйэтин хаартыскаҕа түһэрэрэ.
Аан бастакы “селфи”
Былыр 1839 сыллаахха, Роберт Корнелиус ийэлээх аҕатын лаампа атыылыыр маҕаһыыннарын тэлгэһэтигэр бэйэтин хаартыскаҕа түһэрбитэ историяҕа киирбит.
Кини иннинэ биир да киһи өссө маннык түһэ илигэ. Тиэхиньикэ үчүгэйдик да сайда илик кэмэ этэ.
Роберт каадыра үчүгэйдик тахсарын курдук, 15 мүнүүтэни быһа хамсаабакка турбут. Онон, кини бу “селфита” быйыл алтынньыга 180 сылын туолар.
Улуу кинээс кыыһа
Оттон биһиги дойдубутугар, бастакынан “селфилаабыт” киһи – Анастасия Романова, Николай II кыыһа. 1914 сыллаахха, табаарыһыгар сурук ыытаары, бэйэтин сиэркилэ иннигэр туран уһулбута бу кэмҥэ диэри симэлийбэккэ кэлбит. “Илиим сылайан салыбырыы турбута. Хаартыскаҕа түһэрэр олус ыарахан эбит”, — диэн суруктааҕа. Камерата оччолорго “Kodak Brownie” диэн эбит.
Элбэх киһи түмсүбүтэ
99 сыл аннараа өттүгэр, 1920 сыллаахха, идэтийбит хаартыскаҕа түһэрээччилэр мунньустан бастакы каадырдарын оҥорбуттар. Билиҥҥи үйэҕэ доҕотторгун кытта ыллыҥ да түстүҥ уонна элбэхтэн биири талаҕын. Оттон былыр, камералара олус ыарахан буолан, икки киһи эрэ сатаан тутара.
Элбэхтэн биири талабын…
Сахабыт сиригэр “селфины” сөбүлүүр киһи үгүс. Интэриниэт сайдан, олус элбэх киһи онно кыттыста. Кырачааннартан саҕалаан кырдьаҕастарбытыгар тиийэ үлүһүйдэ.
Кыргыттар араастаан туттан-хаптан түһэллэрин сөбүлүүллэр, оннооҕор, дьүһүннэрин тупсараллар. Онно анаан оҥоһуллубут приложение төлөпүөҥҥэ элбэх. Уолаттар да онтон хаалсыбаттар.
17 №-дээх оскуола үөрэнээччитэ, Егоровтар иитиллээччилэрэ, кэрэхсэбиллээх куоластаах Кыымчаана Ефремова “селфита” эгэлгэ. Чоҕулуччу көрбүт харахтардаах, минньигэс мичээрдээх, тэтэркэй иэдэстэрдээх, кэрэчээн кыыс.
Кини этэринэн, кэнники бириэмэҕэ дьээбэлэнэн түһэн чугас дьонноругар эрэ ыытар. Оттон Интэриниэккэ угуон иннинэ, элбэх каадыртан биири, доҕорун кытта сүбэлэһэн талар. Ол иһин буолуо, Инстаграмын көрдөххө, олус үчүгэй хаартыскалардаах.
— Тупсара сатаабаппын, хайдах баарынан угабын. Ол гынан баран, элбэхтэн биири талабын. Саамай өйбөр хатаммыт “селфилар” доҕорбун кытта. Кинилиин биһиги олох аҕыйахтык көрсөр буоламмыт, хас биирдии хаартыска күндү.
Оттон Даниил Лаптев, 5 №-дээх оскуолаҕа үөрэнэр. “Селфи” оҥорорун сөбүлээбэт. Бэйэтэ ис киирбэх дьүһүннээх, спордунан дьарыктанар уол оҕото. ММА-ннан дьарыктанар, хайыһардыыр, муусуканы сөбүлүүр. Дьиҥнээх эр бэрдэ улаатан эрэр.
— Ким эмэ миигин хаартыскаҕа түһэрэрэ ордук, тоҕо ол бэйэбин түһэриэхпиний? – диир.
Сэрэхтээх буолуҥ
Аны кими даҕаны “селфилааҥҥын” соһуппаккын. Ол иһин, дьону кэрэхсээри араастаан түһэр буоллулар. Хайдах эрэ атыттартан чорбойбут киһи диэн. Туохтан да сэрэммэккэ, куттаммакка… Ол сороҕор куһаҕаннык бүтэр.
Кутталлаах, киһини соһутар “селфи” оҥороорулар, туохтан да кэрэйбэттэр. Оннук дьон күнтэн күн оһолго түбэһэллэрэ элбээн иһэр.
Онтон сылтаан, ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтэ бэйэни хаартыскаҕа түһэриниигэ өйдөбүнньүк таһаарбыт: ууга, уокка, үрдүккэ туран, массыына ыыта сылдьан, дьиикэй кыылларга чугаһаан, суол ортотугар туран, дьиҥнээх бэстилиэти тирээн түһүмэҥ диэн.
Бэйэҕитин харыстаныҥ, хаартыскаҕа сэрэхтээхтик түһүҥ.
Ааптар: Айаана Третьякова