Мичийээнэлээх Мичил быйыл сайын эбэлэригэр тыаҕа сайылыы таҕыстылар. Уулусса нөҥүө Ираида Васильевна сиэннэрэ Айтал Айыыналыын улуус кииниттэн эмиэ сайылыы кэлбиттэр. Айтал Мичийээнэни кытта саастыы, убайа Мичил кинилэртэн балтараа сыл аҕа. Эбэлэрин дьиэтиттэн биир дьиэ көтөн, эмиэ улуус кииниттэн кэлбит Мичили кытта саастыы Дима диэн уол баар. Уулусса бүтүөр диэри итинник, сайылыы да кэлбит, манна олорор да оҕолор элбэхтэр. Мичийээнэлээх кэлбит киэһэлэригэр кинилэри кытта билсэн, бииргэ сылдьар, сөтүөлүүр буолбуттара.
Сытыы-хотуу Дима нууччалыы-сахалыы кэпсээнэ элбэх. Итии күн буоллаҕына, дьиэлэриттэн балачча ыраах үрэххэ сөтүөлүү бараллар. Ол баран иһэн, наар Дима кэпсээнин истэллэр. Дьэ, кини кэпсээнэ тахсар тиэмэтэ – комикстар геройдара. Дьэ, олору үтүктэ-үтүктэ, иннилэригэр-кэннилэригэр тиргиллэн олорор. Бэтмени үтүктэн, түбэспити барытын дөйүтэн түһэриэхтии дьүһүлэнэр. Комикстары көрбүт буоланнар, Мичиллээх Айтал сороҕор эмиэ кыттыһан өрүкүнэһэн, куоталаһа-куоталаһа ыстаҥалаһан, тутуһан-хабыһан хачымахтаһан ылаллар.
Сороҕор Дима: «Флеш капитан Америка», – дии-дии өрүкүнэйэр. Харли Куины, Джокеры эккирэтэн, ир суолун ирдээн, эҥин-эгэлгэ моһоллору туоруурун кэпсээн, «Ту-ту-ту..! Бух-бух-бух..!» үлүгэрэ. Иннилэригэр киирэн, «ытыалаһыы», «хапсыһыы» кытаанаҕа: Айталга баран түһэр, Мичил моонньун эрийэр, Игнаты «каратэлыыр», аҕылыы-аҕылыы хачымахтаһар.
– «Железный человек» көрбүккүт дуо? Оо, Тони Старк, – дии- дии, түөһүн тоҥсуна-тоҥсуна, Айталга атаакалыыр. Айтал мичээрдии-мичээрдии аһаран биэрэр.
– Ай, бу малявка аһарыгас эбит дуу? – дии-дии, Айталы эккирэтэн сүүрэн тэлэмээттэнэр да, Айтал сүүрүүк буолан, кинини ырааҕынан куотан тамаһыйа турар.
Биир чараас былыттаах буһурук күн сөтүөлүү баран иһэн, Дима эмиэ комикстарын геройдарын «хостоон» эрдэҕинэ, Мичил:
– Бу сырыыга Ньургун Боотуру кэпсээ эрэ, – диэтэ. Өрүкүнэйиэхчэ буолан испит Димабыт, иннигэр туора сытар маска иҥнибиттии, ах бара түстэ, мух-мах барда, онтон:
– А, ханна эрэ истибит курдукпун. А, да, биһиги кылааспытыгар Ньургун Соловьев үөрэнэр, – диэтэ.
– Комикс ээ, хайдах көрбөтөххүнүй? – диэн Мичил Диманы дьээбэлээн, үтэн-анньан көрөр.
– Ээ, не-ет, туох эрэ былыргы буолуо… – Дима Мичийээнэлээх Айыына диэки сэҥээрбэтэхтии көрүтэлиир. Онтон Мичийээнэ эмиэ дьээбэлэниэх санаата киирэн:
– Оттон Манчаарыны билэҕин дуу?
– А, «Игры Манчаары» истэн-истэн, наш сосед, дядя Ариан, кыттыбыта, – Дима көрөн-истэн чаҕылыҥныыр.
Төһө да нуучча кылааһыгар үөрэннэр, Дима итини билбэтиттэн Мичийээнэлээх сөҕө санаатылар.
– Манчаары бэйэтин туһунан кэпсээ ээ, Димаа-а,– диэн Мичийээнэ көрдөспүттүү унаарытар.
– А, оттон кини ваще босстар крутойдуулларын сөбүлээбэт этэ. Манчаары баклан соҕус буолан, сейфэлэрин алдьатан, лавеларын дьадаҥыларга биэрэр, бэйэтэ ылар. Кини ким эрэ диэн жирдяй баай боһу сотору-сотору бомбани гынар. Ол босс, короче, мусордарга тыаһатан, Манчаарыны хаайаллар, – Дима иҥиннэрбэккэ, кэпсээн кэбиһэр. Ону истэн оҕолор бары күлэн «уҥа» сыһаллар.
– Эн, Дима, пробелгын көннөрүүһүгүн, – Айтал Димаҕа чугаһыы-чугаһыы этэр.
– Мин сахалыы аахпаппын ээ…
– Нууччалыы тылбаастара эмиэ бааллар ээ, Дима. Мантан инньэ эн биһиэхэ Саха сирин, Өлүөнэ остуолбаларын, Манчаары, Эрчимэн Бэргэн, Ньургун Боотур уо.д.а. тустарынан кэпсиэхтээххин. Эн сотору оскуоланы бүтэрэн үөрэнэ барыаҥ, онно атын омуктарга тугу кэпсиэххиний? – диэн быһааран кэбистэ Мичил. Кини куорат гимназиятын биир бастыҥ үөрэнээччитэ, общественник бөҕө, онон табаарыстарын дьаһайа үөрүйэх. Дима киһи эрэ буоллар, бу сырыыга тугу да саҥарбата.
Сарсыныгар эмиэ итии күн буолла, оҕолор мунньустан сөтүөлүү бардылар. Бу сырыыга Дима саҥата аҕыйаабыт, ол оннугар эмиэ оройуон киинигэр нуучча кылааһыгар үөрэнэр, кинилэртэн балыс Вадим кэпсээнэ элбэх. Кини ужастиктары сөбүлүүр эбит, онтун суолу быһа кэпсээн таҕыста. Мичил кинини эмиэ дьээбэлиэх санаата киирэн:
– Вадим, эн биһиэхэ Хачыгыр туһунан кэпсээ эрэ, – диэтэ.
– А, Хачигир? Где-то слышал. Аа, Айсен кэпсээбитэ.Кини ким эрэ диэн босстарга, короче, үлэлиир. Ваще кинини сотору-сотору долбани гыналлар. Баай маменькин сынок баар, кини еще круче. Биирдэ Хачигир кроссовкатын шнурун бааммакка сылдьан, мууһу квартираҕа киллэрэн быраҕар. Конечно, палево буолар. Предоктар кыыһыран, Хачигири тобуктатыы. Предок Хачигири накауттаан түһэрэр этэ быһыылаах…, – Вадим бэркэ кэпсиибин дуу диэбиттии, тула көрүтэлиир. Ким да тугу да саҥарбат, бары кэлэйбиттии атын сири көрөн кэбиһэллэр, арай Дима тугу да өйдөөбөтөхтүү көрүтэлиир. Бэҕэһээҥҥитин өйдөөн, син кыбыста саныыр быһыылаах.
Мичиллээх бу уолаттарга хайаан да төрөөбүт Сахаларын сирин туһунан тугу эмэ аахтарарга сүбэлэспиттэрэ.
Димаҕа бастаан Софрон Данилов «Манчаарытын» тылбааһын аахтарбыттара. Дима баҕарбатын иһин, мустан олорон, уларса сылдьан оруолларынан ааҕан саҕалаабыттара. Киһилэрэ хаһыс да күннэригэр син интэриэһиргээн, дьиэтигэр илдьэ баран аахпыта. Кэпсииргэ дьоҕурдаах буолан, аахпытын олус үчүгэйдик кэпсиирэ. Ону Вадим эмиэ бэркэ сэргээн истэрэ. Онон интэриэһиргээн, «Манчаарыны» уларсан, начаас аахпыта. Онтон Айтал. Ити курдук, бииртэн-биир кинигэни ааҕан киирэн барбыттара.
Оҕолор эбэлэрэ ону көҕүлээн, сүбэлээн, дьиэтээҕи кинигэлэрин уларсан, көх-нэм буолаллара. Аны муста түстэллэр эрэ, ол кинигэлэри ырытыһар, мөккүһэр буолбуттара. Дима урут дьонноро аахтара сатыыр кинигэлэрин, дьэ, саҥа билсэн эрэрин кэмсинэ кэпсиир буолбута. Төрөөбүт дойдутун туһунан тугу да билбэккэ сылдьыбытыттан кыбыстар, уруккутун курдук сэнээбиттии, мээнэ уу-хаар курдук саҥарталаабат буолбута.
Сир аһа буһан, оҕолор эбэлэрин кытта хаптаҕас, сугун хомуйбуттара. Онтон моонньоҕон саҕаламмыта. Ити курдук оҕолор барыанньа кэһиилээх тиийэн, дьоннорун үөрдээри, отон хомуйар дьарыктаммыттара. Ол сылдьан аахпыт кинигэлэрин кэпсэтэллэрэ, мөккүһэн туран кэлэллэрэ, онтон эмиэ намырыйан, геройдарын ырыталлара. Киэһэ эбэлэрин ынахтарын сылгылаан, иһиттэрин толорон, дьоннорун үөрдэллэрэ.
Сайын барахсан элэс гынан ааһа охсубута, хатыҥ мас сэбирдэҕэ онон-манан кыһыл көмүс дуйдаммыта. Оҕолор олохтоох сирдэринэн тарҕаһар кэмнэрэ тиийэн кэлбитэ. Бастаан Мичийээнэлээх барар буолбуттара. Оҕолор Мичиллээх эбэлэрин дьиэтин таһыгар мустан, киэһэни быһа сайын аахпыт кинигэлэрин геройдарын кэпсэппиттэрэ. Сарсыныгар Мичиллээҕи атаара Айтал, Дима, Вадим, Дьулус, Игнат, Айыына кэлбиттэрэ, Мичиллээххэ Ойуунускай икки туомнаах кинигэтин бэлэхтээбиттэрэ. Оттон Мичиллээх бараары туран, хас биирдиилэригэр Амма Аччыгыйын кэпсээннэрин кинигэтин туттарбыттара. Мичийээнэлээх эбэлэрэ Нина Егоровна уонна Ираида Васильевна оҕолору көрөн туран, сирэйдэрэ сылаас, сырдык мичээринэн сыдьаайбыта.
Октябрина ШАМАЕВА-Чэлгийэ.