1990 с. балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха АССР уон иккис ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларацияны ылыммыта. Бу историяҕа киирбит докумуон өрөспүүбүлүкэбит социальнай-экономическай бигэ туруктаах буолуутун, норуот духуобунай сайдыытын түстээбитэ.
Саха норуотун чулуу, бас-көс дьоно, үөрэхтээхтэрэ XVII үйэ 70-с сылларыттан саҕалаан, бэйэни салайыныы быраабын уруккуттан туруорсубуттара. Тыгын Дархан сиэнэ Маһары Баһыакап Россия ыраахтааҕытыгар Москваҕа икки төгүл бара сылдьыбыта. Бороҕон улууһун кулубата Сэһэн Ардьакыап Екатерина ыраахтааҕыга “Сахалар тустарынан былааны» илдьибитэ.
Өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһын олохтонуутугар олук уурбут дьоммутунан Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, Василий Никифоров-Күлүмнүүр, Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Степан Аржаков, Исидор Барахов уонна да атыттар буолаллар. Кинилэр сүҥкэн үлэлэринэн 1922 с. муус устар 27 күнүгэр РСФСР Президиумун Киин кэмитиэтин Уурааҕынан Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Республиката (Якутская Автономная Советская Социалистическая Республика) тэриллибитэ. Бу кэмтэн ыла судаарыстыбаннас өйдөбүлэ киирбитэ, өрөспүүбүлүкэ олоҕор улахан дьайыыны оҥорбута.
Сэбиэскэй Сойуус ыһыллар уустук кэмнэригэр, 90-с сылларга, САССР Верховнай Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлэ Михаил Ефимович Николаев РСФСР норуодунай депутаттарын съеһин трибунатыттан Өрөспүүбүлүкэ статуһун үрдэтэн, Российскай Федерация иһинэн сувереннай судаарыстыба таһымыгар таһаарарга этии киллэрбитэ.
1990 с. балаҕан ыйын 27 күнүгэр САССР Верховнай Сэбиэтэ “автономия” диэнтэн аккаастанан, “Якутская-Саха Советская Социалистическая Республика” дэммитэ.
1991 с.алтынньы ыйыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин дуоһунаһа олохтоммута. Ахсынньы ыйга Бастакы Президенинэн Михаил Николаев анаммыта.
1992 с. кулун тутар 31 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, атын Өрөспүүбүлүкэлэри кытта, тэҥ бырааптаах субъект быһыытынан, Федеративнай дуогабарга илии баттаспыта. Ол түмүгэр, Арассыыйа Федеративнай судаарыстыба быһыытынан чөл хаалара ситиһиллибитэ.
1991 с. ахсынньы ыйыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтэ билиҥҥи аатын ылыммыта.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституцията (Төрүт Сокуона) СӨ Верховнай Сэбиэтин 11-с уочарата суох сессиятигэр 1992 сыл муус устар 4 күнүгэр ылыныллыбыта. Манна өрөспүүбүлүкэ бэйэтин социальнай-экономическай сайдыытын, нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын тупсарыыга тугу ордук чорботорун, ханнык хайысхалары сүрүн оҥосторун бэйэтэ быһаарынар кыахтаммыта.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕа СӨ Верховнай Сэбиэтин Уурааҕынан 1992 с. алтынньы 14 күнүгэр, гиэрбэтэ ахсынньы 26 күнүгэр олохтоммуттара.
Билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтэ суверенитеттаах дуо?
Судаарыстыба эрэ суверенитеттанар бырааптаах. Россияҕа киирэр өрөспүүбүлүкэлэр туспа “судаарыстыба” дэммэттэр. Биһиги судаарыстыбабыт – Россия. Российскай Федерация суверенитеттаах. Онон Россия өрөспүүбүлүкэлэрэ бары суверенитеттээхтэр.
Таисия Алексеева.
Хаартыска: Интернет