Биһиги, ахсыс кылаастар, «Химическэй эргийии» бырайыак чэрчитинэн Харбалаахтааҕы «Тѳлѳн» чох разреһыгар экскурсияҕа баран кэллибит. Биһигини биология учуутала Д.Е. Иванова, кылааспыт салайааччыта Д.А. Налыяхова уонна тѳрѳппүт С.Е. Жараев илдьэ сырыттылар. Кѳрбѳтѳхпүтүн кѳрѳн, билбэтэхпитин билэн, олус сэӊээрэн кэллибит.
Инженер идэлээх Василий Николаевич Попов тэрилтэ туһунан сиһилии кэпсээтэ. Чох разреһа 1967 сыллаахтан үлэтин саҕалаабыт. Ол саҕана 10-ча эрэ үлэһиттээх эбит буоллахтарына, билигин сайдан, чоҕу хостууллара элбээн, 70-тан тахса үлэһиттээх улууспут биир улахан тэрилтэтэ буолбут.
Хостуур чохторо үрдүк хаачыстыбалааҕынан биллэр. Хап-хара уонна кылапачыгас. Чох сылааһы биэрэринэн Дьабарыкы хайаҕа хостонор чохтон итэҕэһэ суох. Харбалаахха хостонор чоҕу аһаҕастык хостууллар. Онон шахтаҕа хостонордооҕор үлэтэ судургу. Ол эрээри эмиэ туспа уустуктардаах эбит.
2018 сыл түмүгүнэн 160 тыһыынча тоннаны хостообуттар. Чоҕу хаһаанар ыскылааты, ууну сѳӊѳрдѳн, рекультивация оӊороллорун кѳрдүбүт.
ААО «Тѳлѳн» директора Прокопий Дмитриевич Рахлеев — үлэһиттэрин усулуобуйатын сѳптѳѳхтүк тэрийэр биир саамай уопуттаах салайааччы. Үлэһиттэр сынньалаӊнарыгар анаан икки этээстээх таас дьиэни туппут. Манна үлэһиттэр аһыыллар, сынньаналлар, дуустаналлар. Наһаа үчүгэй фонтаннаах уонна бэсиэккэлээх сквер баар. Карьер историятын билистибит.
Карьерга киирэн чоҕу “дробилкалыылларын” көрөн сөхтүбүт. Маны таһынан, улахан гараж тутулла турарын, үлэлиир тиэхиньикэлэрин саӊардан иһэллэрин, үлэ үрдүк таһаарыылаахтык бара турарын кѳрдүбүт.
Эдэр специалист Василий Николаевич наһаа үчүгэйдик сиһилии кэпсиир, болҕомтолоох даҕаны, билиилээх даҕаны. Карьерга специалист быһыытынан үлэлииргэ ханнык идэлэргэ үѳрэниэххэ сѳбүн биһиэхэ сүбэлээтэ.
Дьэ, ити курдук таас чох хайдах хостонорун туһунан элбэҕи биллибит-кѳрдүбүт, үгүс толкуйга түстүбүт.
Автор: Александр Николаев, IX кылаас.
Таатта.