Биһиги эйэлээх олоххо олоруохтаахпыт, үөрэ-көтө сылдьыахтаахпыт. Сэрии диэн олус куһаҕан. Аҕа дойду сэрииитэ буолан ааспытын умнубаппыт уонна хаһан да умнуо суохтаахпыт. Сыл аайы Кыайыы күнүгэр сэриигэ сылдьыбыт аймахтарбыт, эһэлэрбит, тыылга үлэлээбит эбэлэрбит мэтириэттэрин тутан, “Бессмертный полк” параадыгар хаамабыт. Мин кырдьаҕас эдьиийим, Варвара Петровна Брызгалова сэрии оҕото буолар.
Кини билигин 89 саастаах, тыыл бэтэрээнэ. Урут нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбитэ. Мин кэлэн иһэр Кыайыы 75 сылынан сибээстээн, эдьиийбиттэн интервью ыллым. Кини, төһө да кырдьаҕас буоллар, барытын олус үчүгэйдик кэпсээтэ.
— Сэрии буолар сылыгар эн хас саастаах этигиний? Сэрии саҕаламмытын туһунан эн хантан билбиккиний?
— Мин сэрии саҕаламмытыгар 11 саастаах этим. Ити ыарахан сураҕы Табаҕаҕа ыалга олордохпуна эппиттэрэ. Дьон бары уолуйбуттара.
— Оччолорго тугу үлэлиир этигиний, улахан дьоҥҥо тугу көмөлөспүккүнүй?
— Эдьиийбиниин икки ынаҕы уонна икки ньирэйи көрөр этибит. Оскуола оҕолоро бары окко үлэлиирбит, алааска оту кыраабыллыырбыт. Өйүө-тайаа диэн суох. Сарсыарда дьиэбитигэр лэппиэскэ дуомун сиэн кэлэрбит. Хата окко күнүс биир киһи оҕуһунан айаннаан кэлэн, отчуттарга барыларыгар суораты түҥэтэр этэ. Суораты кэтэһэр аҕай этибит, кыраабыллыы туран, оҕустаах киһи айаннаан иһэрин көрөөрү, сотору-сотору суолу кыҥастаһарбыт. Дьиэбититтэн илдьэ кэлбит истикилээҥкэлэрбитигэр суораты куттарарбыт. Кутаттаан баран, оҕустаах киһи барар этэ. Дьэ, оннук биир истикилээҥкэ суоратынан күнүскү аһылыкпыт бүтэр этэ.
— Кыһыҥҥы кэмҥэ тугу гынар этигит?
— Ийэбит ыанньыксыт буолан, пиэрмэҕэ көмөлөһөрбүт. Ньирэйи эмтэрэрбит, тэбиик ынахтары уоскутан тарбыырбыт. Күһүн бааһынаҕа куолас хомуйуутугар сылдьарбыт. Кыһын Бүтэйдээххэ эбэбэр олорон үөрэнэрим. Оскуолаҕа эбиэккэ кыра хааһыны биэрэллэр этэ.
— Сэрии кэмигэр туох уларыйбытай?
— Уларыйыы бөҕө буолбута. Эр дьон үгүстэрэ сэриигэ барбыттара. Доруобуйалара мөлтөх, инбэлиит дьон эрэ барбатахтара. Онон холкуоска үлэһит илии аҕыйах эр киһи, дьахталлар уонна оскуола оҕолоро буоларбыт. Бааһынаҕа, пиэрмэҕэ, окко үлэлиирбит.
— Эһиги аймахтан кимнээх сэриигэ сылдьыбыттарай?
— Биһиги аймахтан Андрей Иванович уонна Роман Иванович сэриигэ барбыттара. Өндөрөй атаҕын быһа ыттаран, сотору буолаат төннүбүтэ. Арамаан эмиэ эргиллэн кэлбитигэр, үөрүү бөҕө буолбуппут.
— Билиҥҥи оҕолорго тугу этиэҥ этэй?
— Мин билиҥҥи оҕолорго үчүгэй үөрэҕи баҕарабын. Үчүгэйдик үөрэннэххитинэ, элбэҕи ситиһиэххит. Кытаанах доруобуйалаах буолуҥ. Доруобуйа саамай күндү.
Бу интервьюттан мин сэрии диэн куһаҕанын, дьон ыарахан олохтоноллорун үчүгэйдик өйдөөтүм. Уонна былыр оҕолор олус үлэһиттэр эбит диэн санааҕа кэллим.
Рома Брызгалов, IV кылаас.
«Кыымчаан” эдкорпост.
Табаҕа, Мэҥэ-Хаҥалас.