Киһи-аймах сайдыытын историятыгар аан бастаан сурук-бичик, бэчээттэнэн тахсар кинигэлэр баар буолбуттара. Салгыы – телевидение. Онтон билиҥҥи үйэ иһитиннэрэр, биллэрэр, ситимниир ньыматынан ИТ-технология буолар. Ол эрээри бу салаа итинэн эрэ муҥурдаммат, олох бары эйгэтин хабар.
ИТ-технология коммуникация саҥаттан саҥа ньыматын, компьютер бырагыраамаларын туһанан, аныгы уопсастыба олоҕун, үлэтин-хамнаһын таһымын үрдэтэр, чэпчэтэр сыаллаах-соруктаах. Промышленность, медицина, үөрэҕирии, өҥөнү оҥоруу, тыа хаһаайыстыбата, экономика, социальнай ситим, компьютер оонньуутун индустрията – манна барытыгар саҥа технология өтөн киирэн, сайдыы хаамыытын түргэтэттэ уонна кэҥэттэ.
Бүгүҥҥү биһиги ыалдьыппыт —«СӨ ИТ-салаатын сайдыытын ассоциациятын» бэрэссэдээтэлэ Мичил Стручков.
— Биһиги ассоциациябыт 2013 с. тэриллибитэ. Информационнай технология салаатын сайыннарар, чилиэннэрин үлэлэрин, бырайыактарын өйүүр, киэҥ эйгэҕэ таһаарар, куонкурустары, семинары, о.д.а. тэрээһини ыытар сыаллаах-соруктаах үлэлиир.
— Ассоциацияҕа ханнык тэрилтэлэр киирэллэрий?
— «Синет», «Майтона», «Илларионов А.М.», «Фнтастик Энтертеймент», ООО «АЭБ Айти», «Бунтар», «Центр новых технологий», о.д.а.киирэллэр. Уопсайынан, 27 ИТ-компания. Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ сайдыытын биир сүрүн соругунан цифровизацияны, инновацияны киллэрии диэн туруорбута. Билиҥҥи туругунан, бу сыалы ситиһиигэ сүрүн итэҕэс – каадыр тиийбэтэ.
—Онно анаан туох үлэ барарый?
— Хас биирдии улууска ИТ-кииннэр баар буолуохтаахтар. Тэрийии боппуруоһунан Хаҥалас, Мэҥэ-Хаҥалас, Горнай, Нам, Уус-Алдан улуустарыгар сылдьыбыппыт. Билиҥҥи туругунан Сунтаар, Мэҥэ-Хаҥалас уонна Нам улуустарыгар ИТ-кииннэр үлэлии тураллар. Үлэбит былааныгар курсааннары үөрэтии, стажировка уонна үлэнэн хааччыйыы киирэр. Тыа сирин ыччата ордук элбэх идиэйэлээх, холобур, Хаҥаласка туризм сайдан эрэр. Онно туризм эбийиэктэрэ ханна баарын көрдөрөр мобильнай сыһыарыы (приложение) оҥорбуттара.
—ИТ хайысха тугу биэрэрий?
— Билэрбит курдук, биһиги дойдубут-сирбит олус киэҥ, дьоммут ахсаана аҕыйах. Кыһыммыт уһуна-тымныыта, аны сааһын-күһүнүн суол суох. Оҥорон таһаарар бородуоксуйабыт омук сиригэр тахсара олус ыарахан. Онон аҥардас сирбит баайын атыылаан эрэ буолбакка, нэһилиэнньэбит олоҕун-дьаһаҕын сайыннарарга үлэ барыахтаах. Манна саамай табыгастаах суолунан Саха сиригэр айыллан, оҥоһуллан тахсыбыт ИТ-бородууксуйа буолар. ИТ-бородууксуйаны аан дойдуга барытыгар тарҕатыахха сөп. Ол — программнай обеспечение, компьютер оонньуулара, роботтар, интеллектуальнай бородууксуйа буолаллар. «Синет» оҥорон таһаарбыт «Индрайвер» мобильнай сыһыарыыта Азия, Европа, Америка дойдуларыгар тиийдэ. «Майтона» уонна «Фнтастик Энтертеймент» компьютер оонньууларын аан дойдуга атыылаан, өрөспүүбүлүкэҕэ дохуоту киллэрэллэр, ыччаты үлэнэн хааччыйаллар. Холобур, «Майтонаҕа» уонна «Синекка» холбоон, 800-тэн тахса киһи үлэлииллэр.
— ИТ-салаа үлэһиттэрин хамнаһа үчүгэй дуо?
— Үчүгэй программист ханна баҕарар үрдүктүк сыаналанар. Хас даҕаны киһи манна, Саха сиригэр, олорон, «Google» Америка хампаанньатыгар үлэлииллэр, хамнастара, биллэн туран, долларынан. Ону эккирэтэ, биһиги айти-компанияларбыт төлүүр хамнастара 70-250 тыһ.солк. буолар. Бу биһиэхэ үрдүк хамнас.
—ИТ-салаатын өйүүр туох үлэ баарый?
—Өрөспүүбүлүкэ инники сайдар кэскилин туһугар Дьокуускай куоракка “IT-паарка” диэн тэриллибитэ. Манна дьону-сэргэни аныгы эйгэни кытта ситимниир аналлаах үгүс үлэ ыытыллар. Саҥа бырайыактары өйөөһүнтэн саҕалаан, оҕолорго аналлаах куруһуоктарга тиийэ.
—«ИТ-парк» резиденнэригэр туох көмөнү оҥороруй?
— Эдэр хампаанньаларга араас көмөнү оҥоробут: үлэлиир офис босхо миэстэтин биэрэбит, юридическай консультацияны оҥоробут уонна салгыы сайдар суолу ыйан, сүбэлиибит. Иккиһинэн, ИТ-пааркаҕа элбэх киһи түмсэр, бэйэ-бэйэни өйөнсөн, уопуту атыстаһар сирэ буолар. Ыччат өй-санаа, билии өттүнэн сайдарыгар анаан, араас интэриэһинэй тэрээһиннэри ыытабыт.
—«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата буоламмыт, оҕолору кытта үлэҕит интэриэһиргэтэр.
—«ИТ- пааркаҕа» хас даҕаны оҕону үөрэтэр тэрилтэлэр бааллар: «Алексей Илларионов оскуолата», «Алтан” ИТ оскуола, «Робототехника киинэ»,«KiberOne» уонна «RUM» анимация студията. Оскуола үөрэнээччилэрэ диэн биһиги инники эрэлбит буолаллар. Саха сиригэр инновацияны кинилэр киллэриэхтэрэ. «Алексей Илларионов оскуолата» Горнайга, Мэҥэ-Ханаласка филиаллардаах. Оҕолорго анаан, «Моя профессия – ИТ» куонкуруһу ыытабыт. Бу сайын ХИФУ дьоҕус компьютернай академията робототехника лааҕырын тэрийбитэ. АГИКИ-ни кытта вэб-дизайнҥа үөрэтэр куурустары ыыттыбыт. Ааспыт сайын Норуоттар икки ардыларынааҕы интеллектуальнай оонньуулары тэрийиигэ, ыытыыга улахан үлэ барбыта. Аны алтынньыга «Сосновый бор» лааҕырга оҕолору мунньуохпут, ИТ-диктант түмүгүнэн ылыахпыт. Бу туһунан «Сосновый бор» киин үлэһитэ Александр Сыромятников кэпсиэҕэ.
Александр Сыромятников: Алтынньы 8-28 күннэригэр «Сосновый бор» лааҕырга «Кампус» симиэнэҕэ 300 оҕону күүтэбит. 14-17 саастаах оскуола үөрэнээччилэрин ылабыт. Манна программированиеҕа үөрэтии, ИТ-хампаанньалар үлэһиттэрин кытта көрсүһүү, Хакатон буолуоҕа. Хакатон түмүгүнэн бастыҥнар Москваҕа Сколково инновация киинигэр ыытыллар Россиятааҕы Хакатоҥҥа күрэхтэһэ барыахтара. Былырыын маннык симиэнэни тэрийэн, бары сөбүлээбиттэрэ. “Фонд новых форм развития образования” 12 мөлүйүөннээх гранын сүүйэн, оҕолору үөрэтэрбитигэр усулуобуйа баар буолла. Онон бу симиэнэ босхо буолар. Ол эрээри биһиги ис-иһиттэн баҕалаах, дьиҥ дьоҕурдаах эрэ оҕолору талыахпыт. Бу лааҕырга путевка кинилэргэ наҕараада быһыытынан туттарыллыа.
—Мичил Викторович, уопсайынан, ИТ-эйгэҕэ ханнык идэлээх дьон наадаларый?
—ИТ-эйгэ өйдөбүлэ олус киэҥ. Манна программист эрэ буолбакка, худуоһунньук, дизайнер, инженер, маркетолог, пиарщик, менеджер, сценарист, суруналыыс, блогер, о.д.а. идэлээх үлэһит наада. Онон бэйэбит кэккэбитигэр оскуола үөрэнээччилэрин ыҥырабыт!
Ааптар: Таисия Алексеева
Хаартыскалар: Интернет