2000 сыллар саҥалара. Устудьуоннуур кэммитигэр доҕотторбун кытта “Кэскил” хаһыакка тахсар “Дьулус” сыһыарыыны оҥорор этибит. Оскуола оҕолоро сөбүлээн ааҕаллара. Оччолорго “Дьулус” биир сүгүрүйээччитинэн Костя Тимофеев буолара.
Үөрэхпин бүтэрэн, «Кэскилгэ» үлэлии сылдьар кэммэр, Константин Тимофеев, хайыы-үйэ Санкт-Петербургтааҕы Киинэ уонна телевидение институтун устудьуона, аны бэйэтэ Питер сонуннарын, санаатын үллэстэр суруктарын ыытар буолбута. Холобур, ырыаһыт Варя Аманатова Петербурга кэлэ сылдьыбытыгар, интервью ылбыта. Дойдутун ахта сылдьар устудьуон, «Кэскилин» умнубата биһигини үөрдэрэ. Кини оскуола сааһыттан «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттары умсугуйан ааҕара, суруйан ыытара.
Ол кэмтэн ыла балачча кэм ааста. «Кэскил» геройа Костя Тимофеев биллэр режиссер буола үүннэ. 2013 сылтан «Кэскил» хаһыат тэрийэр «Оҕо киинэтин сайдар кэскилэ» төгүрүк остуолларын көхтөөх кыттыылааҕа. Оҕо киинэтэ сайдарыгар чахчы кыһаллар, мэлдьи интэриэһинэй санаалаах буолар. Быйыл кулун тутар ыйга «Бэйбэрикээн эмээхсин» диэн киинэни таһаарда.
Мин олохпор оруоллаах хаһыаттар
—90-с сыллар бүтүүлэриттэн «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттары сөбүлээн ааҕарбыт. «Юность Севера» хаһыат «Барабашка» балаһатын эдэр суруналыыс Ирина Любимова интэриэһинэй гына оҥороро. Уопсайынан, оҕолор суруйууларын сэҥээрэн ааҕарым, ырытарым. Бэйэм икки хаһыакка тэҥинэн бэчээттэнэрим. Кылгас кэпсээннэрбин «Юность Севера» ыытарым. Нууччалыы суруйууларым бэрт түргэнник, суһаллык бэчээттэнэн иһэллэриттэн олус үөрэрим, кынаттанарым. Дьокуускайтан Толя Сергеев диэн уол үгүстүк бэчээттэнэрэ. Кини оччолорго «Бизончик» биэрии ыытааччыта этэ, билигин Москваҕа олорор, продюсер. Оччолорго комикс бөҕөнү уруһуйдуур этим. «Кэскил» хаһыакка суруналыыс Таисия Алексеева мин комикс оҥорорум туһунан сырдаппыта. Онон мин олохпор оҕо хаһыаттара улахан оруоллаахтар. Оҕо дьоҕурун уһугуннарыыга бу икки хаһыат төһөлөөх оҕону кынаттаабыттара, айар үлэҕэ умсугуппуттара буолуой?
Киинэни оҕо эрдэхпиттэн устабын
—Оскуолаҕа тыл уруоктарын ордук сөбүлүүрүм, өйтөн суруйууларга «күннүүрүм», табылларым. VII кылааска үөрэнэ сылдьан, «Таҥха киэһэтигэр» диэн толору метрдаах киинэни аан бастаан устубуттааҕым. 2000 с. өйтөн суруйууга, историяҕа, айар үлэҕэ эксээмэни туттаран, Санкт-Петербурга Киинэ уонна телевидение институтугар үөрэххэ киирбитим. Ол кэмтэн бу эйгэҕэ буһа-хата сылдьабын.
Көмүс, мааны саха остуоруйата
—Киһини өйдүөхпүттэн саха уонна аан дойду омуктарын остуоруйатын сөбүлүүбүн, эккирэтэ сылдьан ааҕабын, тэҥнээн көрөбүн, анаарабын уонна… син биир көрдүүбүн. Холобур, «Ый кыыһа» диэн остуоруйа сахаларга эрэ буолбакка, башкирдарга эмиэ баар. Кытайдар бу остуоруйаны эмиэ «биһиэнэ» дииллэр. «Таал-таал эмээхсин» остуоруйа нанайдарга баар. Оттон Бэйбэрикээн эмээхсин— көмүс, мааны саха остуоруйата. Сюжета да эриэккэс, дириҥ ис хоһоонноох, суолталаах. Чахчы да, киинэ буолуон сөптөөх дьоһун айымньы. Кыра эрдэхпиттэн быраас идэлээх ийэм Дария Романовна, биэбэйиккэ иитээччибит эмиэ, Бэйбэрикээни кэпсииллэрэ. Түөрт саастаахпар Дьокуускайга олохтоох аҕа эдьиийим Мотрена Прокопьевна кэпсээбитин эмиэ өйдүүбүн. Ол иһин оҕо эрдэхпиттэн баҕарбыт санаабын толорон, сөбүлүүр айымньыбын киинэ гынан таһаардым. Киинэни устаары, Уус Алдаҥҥа Бороҕону, Майаҕаһы кэрийбиппит. Суоттуга, норуодунай суруйааччы Суорун Омоллоон аһаҕас халлаан анныгар тэрийбит «Доҕордоһуу» мусуойугар уһулбуппут.
Бастыҥ сценарийга грант олохтонуон наада
—Оҕо киинэтин өрөспүүбүлүкэ үбүлүөн, бастыҥ сценарий суруйуутугар граннары олохтуон наада. Киһи бэйэтэ билэрин ордук табыллан оҥорор. Саха тылын кэскилэ саха киинэтэ баар буоллаҕына уһуоҕа. Оҕо кыра эрдэҕиттэн киинэҕэ быһаарсар буола улаатара ордук: «Бу киинэ үчүгэй», «бу мөлтөх ис хоһоонноох» диэн. Сценарий оҥорорго саҥа, сонун айымньылар салгын кэриэтэ наадалар. Биһиги улаатар сааспытыгар эдэр суруйааччы Константин Эверстов «Туман буолбут таптал» кинигэтэ тахсан, ону батыһан, умсугуйан, утаппыттыы аахпыппыт. Итинник, аныгылыы тылынан эттэххэ, «тренд» буолар ураты, саҥа айымньылар саха киинэтигэр наадалар.
Саха баҕа санаата остуоруйаҕа түмүллэр
Нам улууһун I Хомустаах сэлиэнньэтин олохтооҕо, сэрии кэмин оҕото, Нам улууһун Ытык киһитэ, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, М.Г. Степанова санаатын этэр:
— ”Бэйбэрикээн” киинэ оҕо саас ахтылҕаннаах кэмигэр куустарар дьиктилээхэй эйгэлээх. Саха баҕа санаата остуоруйаҕа түмүллэр, суруллар. Киинэҕэ көстөр саха киэргэлэ, таҥаһа-саба остуоруйа олоҕор дьүөрэлии. Уобарастар бары остуоруйа ис хоһоонун арыйаллар. Режиссер айылҕа кэрэ көстүүлэрин бэркэ үйэтиппит. Киинэни мин дойдубар, солко Суоттуга устубуттарын көрөн, олус үөрдүм, киэн тутуннум. Суотту—Өлүөнэ кытылыгар турар, көрбүт эрэ кэрэхсиир сирэ. Сиэним Кристина Соловьева Муусука үрдүкү оскуолатыгар үөрэнэр. Уруһуйдуур, кыралаан суруйар. Кини: «Киинэ уруу ыһыаҕынан түмүктэммитэ эбитэ буоллар»,—диир. Инникитин маннык үтүө, дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах киинэлэр элбии турдуннар.
Ааптар: Жанна Леонтьева