Сахалыы тыыннаах-эйгэлээх «Айыы Кыhата» оскуола оҕону олохтон үөрэтэр сыаллаах-соруктаах. Бэртээхэй бырайыактардаах. Олортон биирдэстэрэ — «Эр Хоhуун» лааҕыр быйылгы үлэтин этэҥҥэ түмүктээн кэллэ.
«Айыы кыһатын» оҕолоро быйыл сайын Өймөкөөн ытык кэрэ сирдэрин астына-дуоhуйа көрдүлэр. Араас музейдарга, ‘Полюс Холода», чулуу убайбыт Өксөкүлээх Өлөксөй бэйэтэ туруорбут сэргэлэригэр, кыраhыабай муус оноhуктардаах штольняҕа сырыттылар. Оҕолор маннык кэпсииллэр:
— Саха сүөhүтүн иитэр «Умсаахтаах» диэн сайылыкка сылдьан, саха киһитин үлэтин-хамнаһын эппитиннэн-хааммытынан биллибит. Күрүө уонна сибиинньэ уйатын оҥорон көмөлөстүбүт, ынах да ыан көрдүбүт. Ордук сибиэhэй сүөгэй сиэн астынныбыт. Кэрэ көстүүлээх Индигир өрүс боротуокатыгар киирэн балыктаан күндү дьарҕааны (хариус) амсайдыбыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ аатырбыт Н.Т. Винокуров саха сылгытын иитэр улахан «Тоҥор» хаhаайыстыбаҕа окко-маска үлэлээн бэртээхэй көмө оҥордубут.
Оҕолор уот отторго, ас астыырга, от охсорго, мунньарга, өбүгэлэрбит төрүт дьарыктарыгар булка-алка элбэххэ үөрэннилэр. Кылгас кэм да буоллар уолаттар эр киhи сатабылын эттэригэр-хааннарыгар иҥэрдилэр. Уол оҕо барахсан эр киhи уонна Аҕа буолан дьиэ кэргэнин иитиэ-аhатыа турдаҕа!
Ааптар: «Айыы кыһата» оскуола