Хаҥалас Өктөмүгэр буола турар Норуоттар икки ардыларынааҕы чинчийэр оскуола ыалдьыттарын ортолоругар Гонконгтан кэлбит биир нууччалыы ыраастык саҥарар уол баар. Кини аата — Антон (Сайбайтонг). Эдэр чинчийээччи историческай бырайыакка кытта сылдьар.
Гонконг дэлэгээссийэтигэр Москваттан төрүттээх уол баар. Антон 17 саастаах. Аҕата биһиги дойдубут киин куоратыгар Гонконг посольствотыгар үлэлээбит буолан, уолчаан Арассыыйаҕа төрөөбүт, улааппыт. Инньэ гынан нуучча тыла киниэхэ иккис төрөөбүт тылын кэриэтэ. Итиэннэ английскайдыы эмиэ билэр.
Антон бэйэтин дойдутунан Гонконгу ааҕар, кинини Москватааҕар ордорор. “Миэхэ дойдум буолан, Гонконга олорор чэпчэки, ол иһин кинини ордоробун”, — диир кини. Саха сиригэр бу иккис сырыыта. Сайдыылаах дойду уола биһиги дойдубутугар ордук салгыны сөбүлээбит. Гонконг дьоно ынахтарбытын, аттарбытын көрө-көрө соһуйуу-өмүрүү бөҕө буолаллар, ньээм сибэккини көрөн долгуйаллар, үөрэллэр. Оттон биирдэ ынах маҥыраабытыгар күлсүү бөҕө буоллулар. Тоҕо дьиэ кыылыттан күлэллэрин ыйыттахха, Антон: «Хаһан да бу курдук чугастан ынаҕы көрбөтөхпүт, биһиэхэ дэриэбинэ диэн олус ыраах, түҥкэтэх сиргэ баар. Онно туох да инфраструктура суох. Эгэ таас дьиэ кэлиэ дуо? Манна дэриэбинэ наһаа чугас уонна сайдыылаах», — диир.
Улааттаҕына урбаанньыт буолуон баҕарар.
Ааптар: Виталий Новиков, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт (РЛИ) үөрэнээччитэ