Бу ааспыт субуотаҕа Уус Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгэр кэлин историяҕа суруллан хаалар бэлиэ түгэн тосхойдо. Бу күн музей 45 сылынан музейга И.Д.Жирков аата иҥэриллиитигэр анаан күндү ыалдьытынан космонавт-летчик, РФ Государственнай Дууматын депутаата, “Юнармия” Бүтүн Россиятааҕы общественнай хамсааһын Киин штабын начальнига Романенко Роман Юрьевич буолла.
Быйылгы сылга И.Н. Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолатын иһинэн авиация уонна космонавтика музейа төрүттэммитэ 45 сыла туолбута. Музейы төрүттээбит киһинэн энтузиаст учуутал, Саха АССР үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, В.И.Кузьмин аатынан бириэмийэ лауреата, Саха сиринээҕи салгын транспорын бочуоттаах үлэһитэ, Уус Алдан улууһун уонна Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, оскуола 1959 сыллааҕы выпускнига Жирков Иван Данилович буолар.
Дүпсүҥҥэ космонавт-летчик, РФ Государственнай Дууматын депутаата, “Юнармия” Бүтүн Россиятааҕы общественнай хамсааһын Киин штабын начальнига Романенко Роман Юрьевич ыалдьыттаата.
Кинини кытта К.Э. Циолковскай аатынан космонавтика Россиятааҕы Академиятын Илин регионнааҕы салаатын салайааччыта, академик К.В.Чмаров, “Космоска старт” проект салайааччыта, Москватааҕы авиационнай институт доцена, психологическай наука кандидаата, Амма улууһуттан төрүттээх саха кыыһа С.Е. Захарова, “Полярнай авиалиниялар” АО ген.директора С.В. Винокуров, СӨ экологияҕа, айылҕа баайын туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Я.И. Заровняев, үөрэх, наука миниистирин солбуйааччы В.И. Тихонов уо.д.а. бааллар. Ытыктабыллаах ыалдьыттары саха үгэһин быһыытынан алгыс тылын этэн амалытан, чороонноох кымыһынан айах тутан олохтоохтор Дүпсүн бөһүөлэгэр киирэр анал бэлиэҕэ үөрэ-көтө, долгуйа көрүстүлэр. Салгыы бөһүөлэк ортотугар дьэндэйэн турар В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан технопаарка дьиэтин иннигэр нэһилиэнньэни кытта көрсүһүү ыытылынна. Кыра оҕолуун, аҕам саастаах дьоннуун бары сүргэлэрэ көтөҕүллэн туран ыалдьыттары ытыс тыаһынан айхаллыы көрүстүлэр.
Өрөспүүбүлүкэ, Бүтүн Россия күрэхтэһиилэрин хас да төгүллээх кыайыылаахтара, призердара Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатын “Мүрү» БПК үөрэнээччилэрэ уонна Дүпсүн орто оскуолатын «Кэскил» хомусчуттар ансаамбыла эҕэрдэ нүөмэрдэрин көрдөрдүлэр.
Ыраахтан кэлбит ыалдьыттар Дүпсүн сиригэр-уотугар иккис үктэниилэрэ буолар. Космонавт-летчик Р.Ю. Романенко музейга анаан космоска тахса сылдьыбыт, анал хаатыгар угулла сылдьар космонавт анал ааттаах ырбаахытын, вымпелы, скафандр шевронун, космонавтика туһунан кэлин тахсыбыт кинигэни бэлэх уунна. К.В.Чмаров Р-7 ракета макетын, 2016 сыл муус устар 28 күнүгэр «Восточнай» космодромтан аан бастаан көппүт ракета хаҕын үлтүркэйин, “Космическай Россия устун» кинигэни музейга экспонат быһыытынан бэлэхтээтэ. Бу туристарга аналлаах справочникка Россияҕа баар 57 оскуолалардааҕы космонавтика музейдарын испииһэгэр Дүпсүн оскуолатын музейа Казахстаҥҥа Байконур куорат лицейын иһинэн үлэлиир Аан дойдутааҕы космическай оскуола кэнниттэн иккиһинэн киирбитин биир бэйэм сөҕө, үөрэ көрдүм.
Таһырдьа көрсүһүү кэнниттэн И.Д.Жирков аата музейга иҥэриллиитин сиэрэ-туома ыытылынна. Бэлиэ күҥҥэ кимнээҕэр да долгуйан 60 сыл анараа өттүгэр Дүпсүн орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрбит, И.Д.Жирков оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕотторо: Саха АССР үтүөлээх зоотехнига Т.К. Сивцева, үлэ бэтэрээннэрэ Ф.М.Федоров, И.П. Босиков, В.В.Копырин кыттыыны ыллылар. Ф.М. Федоров кылгас тыл этиитигэр үөлээннээхтэринэн Иван Даниловиһынан өрүүтүн киэн тутталларын бэлиэтээтэ. Үөрэх бастыҥа, музей экскурсовода Протопопова Василиса уонна космонавт-летчик Р.Ю. Романенко И.Д.Жирков аата иҥэриллибитин туоһулуур дуосканы арыйдылар. Салгыы технопаарка территориятыгар киин сиртэн кэлбит ыалдьыттар мас олортулар.
Үөрэнээччилэр уһуйааччыларын кытта биэс ракетаны халлааҥҥа көтүттүлэр. Кыырай халлааҥҥа чыпчылыйыах икки ардыгар көтөн тахсыбыт ракеталары мустубут дьон уруйдаатылар. Ол кэннэ технопаарка саалатыгар К.Э. Циолковскай аатынан космонавтика Бүтүн Россиятааҕы Академиятын Илин регионнааҕы салаатын көһө сылльар мунньаҕа ыытылынна. Манна улуус өттүттэн улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы П.И. Попов, үөрэх управлениетын начальнига И.М. Тарская, Дүпсүн нэһилиэгин баһылыга И.И. Соловьев, эбии үөрэхтээһин киинин директора, И.Д. Жирков уола Д.И. Жирков уо.д.а. кыттыыны ыллылар. К.В. Чмаров салаа ыытар киэҥ өрүттээх үлэтин, космонавт-летчик Р.Ю. Романенко “Юнармия” хамсааһын туһунан билиһиннэрдилэр. С.Е. Захарова 2017 сылга Москваҕа бэчээттэнэн тахсыбыт, В.Г. Зазыкинныын автордаан таһаартарбыт “Психология “Паблик Рилейшнз” или психология эффективного РR” диэн ааттаах үөрэх пособиета буолар халыҥ кинигэни бэлэхтээтэ. Мунньахха санааларын үллэстибит дьон этиилэрэ мунньах боротокуолугар киирдэ, салгыы үлэлэһэр санаалаах тарҕастылар.
Киэҥ куйаарга 103-с киһинэн тахса сылдьыбыт космонавт-летчик Р.Ю. Романенко кыттыылаах тэрээһин чахчы да бырааһынньык тыынынан арыалланан, И.Д. Жирков 45 сыл анараа өттүгэр 1974 сыллаахха олохтообут, аны кини аатын сүгэр музей, саҥа тутуллубут технопаарка баазатыгар ыытылынна.
Көрсүһүүгэ сылдьыбыт кыра оҕоттон саҕалаан бары дьону куйаар кистэлэҥэ абылаата, космонавт-летчигы кытта алтыһан ылыы үрдүк үөрүү, киэн туттуу кыымын сахта.
Ааптар: Е.Н.Сыроватская, уопс.кэрэсп.