Мүрүтээҕи эдэр натуралистар станцияларын үлэһиттэрэ, иитиллээччилэрэ айылҕа чөл туруктаах буоларыгар элбэх үлэни ыыталлар. Айылҕа харыстабылын үлэһиттэрин күнүгэр улуустааҕы хаһыат кэрэспэдьиэнэ кинилэргэ тиийэ сырытта.
Мүрүтээҕи эдэр натуралистар станцияларын олбуорун иһигэр күп-күөх. Теплицалар, айылҕа матырыйаалыттан оҥоһуктар бааллар. Маны сэргэ пластиковай бытыылкалартан олбуор оҥоһуллан эрэрэ харахха быраҕыллар.
Айылҕаҕа бытыылка бөх буолан ыһылла сытара элбээтэ. Ону туһаҕа таһааран, эдэр суруналыыстар «Эко олбуору» оҥорорго санаммыттар. «Сылааһы туттун, оҕуруот аһын тыалтан, сыыстан харыстаатын диэн санааттан маннык дьаһалы ылынныбыт. Тас көстүүтэ төһө кыайалларынан кэрэ, ураты буоллун диэн тута сылдьабыт«, — диэн сатнция эбии үөрэхтээһинин педагога, бырайыак ааптара Валерий Николаевич Бурцев билиһиннэрдэ.
Станция дириэктэрэ Людмила Константиновна Винокурова өр сылларга нэһилиэнньэни кытта айылҕабыт чөл буоларын туһугар үлэлэһэр, араас экологическай лааҕырдары арыйан оҕолору уһуйалларын кэпсээтэ. Оҕолор сайын устата сыыс оту хомуйар аахсыйаҕа кытталлар, оту-маһы чинчийэн научнай үлэ суруйарга үөрэнэллэр, бырайыак суруйаллар, оҕуруот аһын олордорго уһуйуллаллар.
Станция эдэр натуралистарын сайыҥҥы лааҕырыгар күүтэр. Кылгас сайыны баттаһа үлэни оройуттан тутан үлэлииргэ бэлэм.
Ааптар: Айаал Молокотин, ulus.mediaV