Биһиги Лөгөйбүт лиссиэйин 4 кылааһын үөрэнээччилэрэ Тимофей Сметанин уонна Яков Стручков суруйбут «Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ» айымньыны ааҕан олус сөбүлээтилэр. Бу кэпсээннэри биһиги «Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ» кинигэтин уонна «Бэлэм буол» сурунаалга саҥалыы комикс буолан тахсыбыт кэпсээннэри аахтыбыт. Оҕолор бэйэлэрин санааларын эттилэр:
«Төбөбөр кус сымыыттаабыта, өлөр суолтан быыһаабыта» кэпсээн биһиги саамай сөбүлээбит кэпсээммит буолар. Бу кэпсээҥҥэ биһиги Мэхээлэчээн булчут мындыр өйүн сөхтүбүт. Бу быһа тардыыга мин маннык уруһуйдаахпын.
Иван Бурнашев
«Этэрбэс чааркаан буолбуттаах» быһа тардыыны мин олус сөбүлээтим, ол курдук бу кэпсээҥҥэ Мэхээлэчээн балтын от тиэйэ илдьэ барар, аҕатын этэрбэһэ уһуллан чааркаан буолан кырынааһы тохтотор дьикти түгэнин олус сөбүлээтим.
Гриша Бурнашев
Биһиги эбии «Тайах тэпсибитэ» уонна «Эһэни миинэн турардаахпын» кэпсээннэри аахтыыбыт. Оҕолор Мэхээлэчээн тайахтан куоппутун олус сэҥээрбиттэрэ. Онтон бэйэм аахпыппын кэннэ оҕолор: «Эһэни мииннэ дуо?» — диэн соһуйбуттуу ыйыппыттара. Мэхээлэчээн кэпсээннэрин ааҕан баран оҕолор «Наһаа өйдөөх, өлүүттэн быыһанар уонна айылҕалыын алтыһар уол кэпсээннэрин аахтыбыт» — диэн былдьаһа былдьаһа кэпсээтилэр. Бу кэпсээннэртэн ордук уолаттар элбэх булт тэриллэрин кытта билбиттэриттэн үөрдүлэр. Оҕолор аныгылыы комикс ойуулаах кэпсээннэри олус сөбүлээн интэриэһиргээн аахтылар. Киһи Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрин ааҕарыгар хараҕар ойуулаан көрөр: киэҥ тайҕатын, дириҥ күөллэрин, көтөр кынаттааҕы, сүүрэр атахтааҕын — тулалыыр эйгэтин. Мэхээлэчээн уобараһа саха булчуттарын уобараһа буолар. Мин биир бэйэм тайҕаҕа сылдьан Баай Барыылаах Байанай кырдьаҕаһы аһатан, хара тыа иччилэрин күндүлээн сылдьабын. Мин санаабар бу кэпсээни хас биир саха оҕото бары ааҕыахтаахтар. Бу киһи айылҕалыын биир ситим буоларын өссө төгүл дириҥэтэн биэрэр. Айылҕа киһи оҕото, ол иһин икки атахтаах эргийэр иэччэхтээх айылҕаны харыстыахтаах, көтөрү-сүүрэри мээнэ өлөрбөккө ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыахтаах.
Павел ГЕРАСИМОВ, LegMedia медиа-киин юнкора
