Мин Таатта улууһун Хара Алдан нэһилиэгэр олоробун. Нэhилиэкпит Алдан өрүс үрдүгэр турар. Алдан эбэбитигэр билигин кыдьымах киирэн эрэр. Алааска олорор оҕолор кыдьымах диэни билбэттэрэ, көрбөтөхтөрө буолуо дии саныыбын.
Кыдьымах диэн өрүс туруутугар устар бытархай муустар. Ол муустар өрүс туруутугар биэрэк кырыытыгар бэйэ — бэйэлэригэр силимнэһэн тоҥоллор. Биһиги Таатта улууһун саамай уһук дэриэбинэтигэр Хара Алдаҥҥа, Алдан эбэ кытылыгар олорор буоламмыт, алтынньы ыйтан саҕалаан, кыдьымах туһунан элбэҕи истэбит, көрөбүт. Билигин кыдьымах киирэн эрэр. Бу кэмҥэ эбэҕэ киирэр сэрэхтээх буолар. Биһиги өрүһүнэн суоллаах дьон, айаммыт тохтуур. Онтон тохсунньуга өрүспүт мууhа халыҥыыр, айан суола аһыллар. Онно сорох дьыл эбэбит кыдьымаҕа улахан, элбэх буоллаҕына айанныырга сылаалаах буолар. Эбэ мууһа хайдах тоҥоро кыдьымахтан улахан тутулуктаах.




Алгыс Попов,
VII кылаас,
Хара Алдан орто оскуолата, Таатта
