«Болуоссат кыыһабын», — диэн күлэр Елена Филиппова. 91 саастаах кырдьаҕас төһө да хаар маҥан баттахтаннар, билигин да тэтиэнэх. Кини атын эмээхситтэрдээҕэр адьас ураты. Эдэрдии эрчимнээх, көрүдьүөһү, күлэри-үөрэри сөбүлүүр, сайаҕас, элэккэй уонна …ыарыытын аахпат. Айкалаабат-дьукалаабат. “Эмп испэппин, тугум да ыалдьыбат ээ”, — диир.
Елена Алексеевна хас күн аайы Ленин болуоссатыгар кэлэн дьаарбайар. Сыала-соруга биир – сахалыы кэпсэтэр. Кимниин баҕар. Ордук төрөөбүт тылларын билэр эдэр оҕолор баалларыттан үөрэр. “Эбээ, бастакы тапталын туһунан өссө кэпсээриий. Хаһан сылласпыккытый, хайдах сэбидээнньэлээбиккитий?”, — дэһэллэр. Оттон Иэлэ эмээхсин дьиҥнээх тапталын бу баардыы өйдүүр. Ол уол хара харахтара, баттаҕа, куолаһа, хаамара, туттара-хаптара – барыта сүрэҕин ортотунан ааһара. Сэттэ уонтан тахса сыл санныгар уулларбыт хаара да кини иэйиитин, көр, өлбөөдүппэтэх.
Киһи-киһи тапталга атын-атыннык сыһыаннаһар, ылынар. Таптыыр диэн хайдаҕый? Олох олорорго, ыал буоларга таптал наада дуо? Тапталлааҕым туспа олохтоох, тэйиччи сылдьар киһи буоллаҕына, кинини тоҕо саныыбын, күммүн-дьылбын барыыбын? Оттон Иэлэ кырдьаҕас кэпсээнэ дьикти иэйии кистэлэҥин атыннык арыйар. Дьиҥнээх таптал уураһыынан, куустуһуунан бигэргэммэт. Күнүүлээбэт, кыыһырбат, кыйахаммат, ордуҕурҕаабат.
Сэрии оҕото
«Мин иитиэх кыыспын, соҕотох оҕо буолан, атаахтык, маанытык улааппытым», — диир Елена Алексеевна. Бэл, сэрии ыар тыынын кини оччо-бачча билбэтэх. Аҕата сэриигэ бара сатаабытын, 50-нун ааспыт киһини ылбатахтар. “Дьон хоргуйан өлүүтэ баарын истэр этибит. Кураан дьыл туран сүөһү өлүүтэ да элбэҕэ. Биһиэхэ икки ынахтаах этибит, олору аһатаары үрэх бастарынан кэрийэ сылдьан кыстаабыппыт. Үүт, суорат астаах буолан, аччыктаабатахпыт. Ийэм лэппиэскэ буһарара. Аҕам эдэр сүөһүтүн өлөрөн, көмүс хостуур дьоҥҥо атыылаан бурдук ылара.
Оскуолата суох сиргэ хас эмэ сыл олорон, хойутаан үөрэммитим. Син үөрэнэн дуомнаабытым (күлэр). Малдьаҕарга түөрт кылааһы бүтэрбитим. Нууччалыы ончу өйдөөбөппүн, инньэ гынан хас эмэ сыл хаалан, сааһым ыраатан хаалла. Бэһис кылааска икки сыл, алтыска эмиэ икки сыл үөрэнэн, 17-бэр бүтэрбитим. Алтыһы бүтэрэн баран тохтообутум. Нуучча тылын билигин да убаастаабаппын, тэлэбиисэр эҥин көрбөппүн, саҥаларын кумаар тыаһын курдук истэбин. Сиэннэрим мөҕүттэллэр”, — диэн күлэр.
Маҥнайгы таптала
Иэлэ дьылҕатын наһаа көрүдьүөстүк, олоххо хайдах баарынан кэпсиир. Бастакы тапталын туһунан кэпсээнэ биир оннук. “Бэйэтигэр эппэккэ таах бүтэйдии таптыырым. Дьиҥинэн, биир көлүччэҕэ сөтүөлээн, бииргэ улааппыт оҕо сааһым доҕоро этэ. Дьэ ол уолум улаатан хаалан, таптаан кэбиһэн, сордоннум. Оо дьэ, эрэйи да көрбүтүм. Хараҕын таба көрбөппүн, кыбыстан сирэйбин кистиибин. Түннүгүнэн ааһан иһэрин көрөммүн дьоллонобун. Харахпынан көрөн, кулгаахпынан саҥатын истэн, аҥардастыы тапталбын көбүтэрим”, — диэн ахтар.
“Ньукулай үөрэҕэр үчүгэй буолан, салгыы 8-9-с кылаастарга Ньурбаҕа үөрэннэ. Кинини көрө сылдьаары кассирынан Райисполкомҥа үлэҕэ киирдим. Түннүгүнэн ааһан иһэрин көрөн дьоллонобун. Куруук уолбун санаан тахсабын, биирдэ адьас биир тыынынан ырыа айдым. Үс күн көрбөккө ахтан испэр ыллыы-ыллыы ытаатым. “Таптыырбын таайыый”, — дии-дии ытыыбын. Ону саҥаһым истэн айманна. “Түһээтэхпинэ ийэм өлбүт, онтон санаарҕаатым”, — диэтим. Онтон аҕыйах хонон баран, кыыспыт дьонун, дойдутун наһаа ахтар эбит диэн, дьоммор тыаҕа ыытан кэбистилэр. Аны мин онтон ытаа: уолбун муҥ саатар түннүгүнэн көрбөт буоллаҕым.
Ньукулайым үөрэҕэр үчүгэй буолан, салгыы Москубаҕа барбыт аатырда. Теплотехник үөрэҕэр киирбитэ. “Онно киэҥ сиргэ тиийэн нуучча кыыстаннаҕа”, — диэн саныыбын. Дойдубар ааҕар балаҕаҥҥа үлэҕэ киирдим. Аҥарыгар биир Ньикииппэр диэн бырадабыас уол үлэлиир. Биир тылы кэпсэппэппит. Биирдэ быраатынан сурук ыытта. “Мин эйигин сөбүлүүбүн, эн биһиги икки билсэбит дуо?” — диэбит. Мин наһаа аһынным. “Мин Ньукулайы таптыырым курдук аҥардастыы таптыыр буоллаҕа дуу? Барахсаны хайдах эрэ хомоппокко, туох эрэ диэбит киһи”, — дии сырыттым. Арай биирдэ кулуупка сыаҥка туруораары чааскы көрдөөн харабыл хоһугар ыстанан киирдим. Ньикииппэр “Кэл эрэ манна”, — диэтэ. “Туох баарый?” — диэтим. “Мин эйигин сөбүлүүбүн, ыал буолабыт дуо?” — диэн ыйытааччы буолла. Мин ыксыы сылдьан “Ээх!” – диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла. “Ньикииппэр киһи сирбэт уола, дьүһүнэ да үчүгэй этэ. Ол эрээри мин Ньукулайы таптыырым”, — диир. “Оччоҕо Ньикииппэргэ тоҕо сөбүлэстиҥ?” – диибин.
«Ньукулай киэҥ ыырдаах, улахан ычалаах киһи миигин аны көрбөт буоллаҕа диэммин. Аны кини мин таптыырбын билбэт. Хайа, баҕар, миигин отой да сөбүлээбэтэ буолуо. Онтон Ньикииппэр миигин таптыыр. “Эн таптыыр буоллаххына, өйдөһөн олоруохпут буоллаҕа дии”, — диэммин эргэ барбытым», — диир. «Ол аата ыал буоларга таптал наадата суох дуо?», — соһуйабын. «Оннук. Убаастабыл баар буолла да, сөп. Билиҥҥи оҕолор сыллаһа, куустуһа туралларын көрдөхпүнэ, хата, мин кыбыстабын, харахпын кистиибин. Итинник тапталын бүгүн баар, сарсын суох», — диэн судургутук быһаарар.
Олоҕун аргыһа
Ньикииппэр сааһын тухары буҕаалтырдаабыта, партиялаах буолан, ханна ыыталларынан баран иһэрэ. “Кэргэним баҕарбыттарынан дьаһайыахтара диэн партияҕа киириэн ончу баҕарбатаҕа да, күүстэринэн киллэрбиттэрэ. Горнайга, Верхоянскайга, Покровскайга олорбуппут. Онтон кэнники оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр “далаһа” буолаары куоракка көһөн кэлбиппит”, — диир Елена Алексеевна.
Иэлэ эмээхсин сүрэҕин кистэлэҥин бүтэйдии бүөбэйдээн, кимиэхэ да эппэккэ илдьэ сылдьыбыта. Кэнники лаппа сааһыран баран, чугас дьонугар, оҕолоругар, сиэннэригэр кэпсиир идэлэммитэ. Тоҕо диэтэр кини билигин чопчу өйдүүр: ыраас таптала – кини барҕа баайа, дьылҕатын биир дьоһун бэлэҕэ. Ол эрээри кини кэргэнин үтүө эрэ тылынан ахтар. “Күнүүһүтэ суох, бүгүрү үлэһит, үчүгэй аҕа. Ньикииппэр — мин сирдээҕи аналым”, — диэн истиҥник ахтар. «Анараа дойдуга иккис олох баар дииллэр. Манна сиппэтэх ыраҕын онно толорор кыах бэриллэр буоллаҕына, хайыаҥ этэй? Кимиэхэ тиийиэҥ этэй? 62 сыл бииргэ олорбут холоонноох доҕоргор, алта оҕоҥ аҕатыгар, сиэннэриҥ, хос сиэннэриҥ тапталлаах эһээлэригэр Ньикииппэргэ дуу, маҥнайгы тапталгар Ньукулайга дуу?” — диибин. “Ньукулайга буоллаҕа дии!” — диир. Биир да саарбахтааһына суох.
“Чужая душа – потемки”, — диэн нуучча өһүн хоһооно этэринии, мин бу олорон, кинини адьас өйдөөбөтүм. Иэлэ кырдьаҕас: “Ньукулайым – Таҥара биэрбит бэлэҕэ, кини – мин аанньалым. Ыарыйдахпына, туохтан эрэ санаарҕаатахпына, түүлбэр көһүннэ да, үтүөрэн хаалабын, настырыанньаланабын. Биирдэ бэһис оҕом кэнниттэн араах ыарыы буллулар. Куоракка ыытар буоллулар. Мин оҕолорбун кууһа-кууһа ытаатым да ытаатым, санаам наһаа түстэ. Ньукулайым түүлбэр көстөн биэрбэтэ. Онтон куораттыам биир күн хаалбытыгар биир оҕобун кууһан утуйа сыттым. Арай күнүс курдук Ньукулайым мичээрдээбитинэн ааны тэлэйэ баттаан, киирэн кэллэ. Мин уһукта биэрдим, үөрүүбүттэн күл да күл буоллум. Оҕонньорум “Тоҕо түүннэри күлэҕин?” — диир. “Үчүгэй түүлү түһээтим, оҕонньор!” — диибин. Балтараа ый куоракка балыаһаҕа сыттым, настырыанньа, күлүү-үөрүү бөҕөбүн, кэпсэтэн-ипсэтэн, дьээбэлэһэн-хооболоһон, дьон сүргэтин көтөҕөбүн. Онтон анаалыстарым үчүгэй буолан хааллылар, доруобайгын диэн дойдубар ыыттылар”, — диэн ахтар.
“Ньикииппэрдиин бэйэ-бэйэбитин өйдөһөн, өйөнсөн, дьоллоохтук олорбуппут. Кини мин атын уолу бүтэйдии таптыырбын биллэр даҕаны, хаһан да онон сирэй-харах аспат, күлүү гыммат этэ. Маалыкайга олордохпутуна Ньукулай биһиэхэ биирдэ эмэ кэлэн хонон барааччы. Бастакы электричествоны кини киллэрбитэ. Ньикииппэрдиин доҕордоһон, булка, муҥхаҕа бииргэ сылдьааччылар. “Оо, мин эмээхсиним куһаҕан уолу таптыа дуо? Ньукулай – үчүгэй уол!” — диир этэ.
Төһө да үөрэҕэ суох буолларбын, алта оҕом бары үөрэхтээх, үлэһит дьон, ыал ийэлэрэ, аҕалара. Улаханым Людмила агроном, Маргарита товаровед, Василий физкультура институтун бүтэрбитэ, Зоя Горнайга нэһилиэк баһылыга, Володям тиис оҥорор. Надежда Амма Абаҕатыгар учууталлыыр. Сүүрбэ сиэннээхпин, 31 хос сиэннээхпин. Оҕолорум, сиэннэрим – Таҥара биэрбит дьоло”, — диир ытык кырдьаҕас. Уонна: “Уол оҕо үчүгэй. Бачыыҥка, биир көстүүм ыллын да сөп. Майгыта да судургу, көнө. Кыыс оҕо ороскуота да элбэх, хаппырыыһа да үгүс”, — диэн эбэн этэр.
Кини арай таптыыр киһитэ ыал буолбатаҕыттан, оҕоломмотоҕуттан олус хомойор. Ньукулай уол эдэр мөссүөнэ, истиҥ мичээрэ, куолаһа, кута-сүрэ Иэлэ сүрэҕэр өрүү тыыннаах…
Таптыырбын таайыый
Елена Филиппова тыллара, матыыба
Сэмэй көрсүө бэйэҕин
Сэмээр көрөн хайгыыбын
Килбик ыраас хараххын
Көрөн күүскэ таптыыбын
Тапталым далбарым
Таптыырбын таайыый
Күнүс суолга иһэргин
Көрүөм диэммин күүтэбин
Киэһэ киинэ аайытын
Кэлиэ диэммин кэтиибин
Тапталым далбарым
Таптыырбын таайыый
Кулуупка үҥкүү киэһэ эн
Куруук суоххун билэбин
Кинигэ, хаһыат ааҕан
Кэлбэтэ буолуо диибин
Тапталым далбарым
Таптыырбын таайыый
Баҕар атын аналыҥ
Баарын кыайан билбэтим
Баалаабаппын тапталбын
Буруй буолуо диэбэппин
Тапталым далбарым
Таптыырбын таайыый
Ааптар: Ондьук сиэнэ