Арай биирдэ Уйбаан диэн уол олорбут. Кини оҕолору кытта оонньуу сылдьан дьиэтигэр хойутаан хаалбыт.Киэһэ кэлэн истэҕинэ эмискэччи ардах бөҕө курулаччы түспүт. Ардах сотору кэминэн тохтообут. Онтон былыттар быыстарыттан толору ый мээчик курдук быган тахсыбыт. Уйбаан үөрбүт уонна халлаан диэки көрбүтэ ый төгүрүйэн бөҕө турар эбит.
Уйбаан ону көрө-көрө хааман испит. Ол иһэн иҥнэн чалбахха умса баран түспүт. Арай көрбүтэ чалбахха ый төгүрүйэ сытар эбит. Хайдах хайдаҕый диэн уол наһаа дьиктиргээбит. Онтон ыйбыт үөһээ турар этэ дии, хайдах үөһэттэн түспүтэй дии санаабыт. Дьиэтигэр кэлэн ийэтигэр: «Мин ыйтан иҥнэн оҕуттум» -, диэбит. Ийэтэ күлбүт уонна эппит: «Тоойуом, оскуолаҕа киирдэххинэ айылҕа уроугар ый туһунан элбэҕи билиэҕиҥ».
