Киһи өйө-санаата, күүһэ-күдэҕэ айылҕа туһугар ситэ уурулла илик. Бөх-сах, сыбаалка, иһэр уубут кыһалҕата хас биирдии нэһилиэккэ сытыытык турар.
Айылҕа — биһиги дьиэбит, кэлэр көлүөнэ ыччаппытыгар хаалларар баайбыт. Айылҕаттан, тулалыыр эйгэбититтэн биһиги инники кэскилбит быһаччы тутулуктааҕын умнумуохха.
Ыччакка маннык харыстабыллаах өйү-санааны олохсутар туһуттан, Хаҥалас орто оскуолата ситимнээх үлэни алын сүһүөх кылаастартан саҕалаан ыытар.
Бу үлэлэргэ оскуола үлэһиттэрэ эрэ буолбакка, Хаҥаластааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрэ З.Н. Анисимова, Ньурба оройуонун айылҕа харыстабылыгар инспектора Н.Д. Николаев, айылҕа харыстабылын общественнай инспектора В.Е. Николаева уонна «Хаҥалас нэһилиэгэ» МТ сүрүннүүр специалиһа А.П. Васильева кыттыыны ылаллар.
Экология кыһалҕаларын сырдатар, ону сэргэ олорор сири тупсарар, көҕөрдөр үлэлэр экология халандаарыгар сөп түбэһэн ыытыллаллар: Уу аан дойдутааҕы күнүгэр, Сир аан дойдутааҕы күнүгэр, Көтөр күнэ, Тулалыыр эйгэ аан дойдутааҕы күнэ, о.д.а. Тэрээһиннэр араас киэбинэн бараллар: быыстапкалар, куонкурустар, бэсиэдэлэр, уолаттарга «Куйуур» күрэҕэ.
Итини сэргэ дьиэ кэргэттэр экологическай бырайыактарын көрүү «Кэнчээри» күрэһэ бэлиэр уон төрдүс сылын ыытыллар. Көрүү-күрэс 7 сиэксийэнэн үлэлиир. Манна кыайбыт үлэлэр оройуоҥҥа, онтон салгыы региональнайга кытта бараллар. Сылын ахсын алын сүһүөх оҕолоро олус үчүгэй бэлэмнээхтэрин көрдөрөллөр.
Нэһилиэкпитигэр «Хомус» общественнай тэрилтэ бырайыагынан араас хайысхалаах үлэ ыытыллар. Бырайыак сүрүн сыалынан нэһилиэк олохтоохторун тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыыга иитии-үөрэтии буолар.
«Сата» куруһуок иитиллээччилэрэ Түүкээн-Чиллэ, Сата-Бүлүү, Сата-Липиит хайысхаларынан экспедицияларга сырыттылар. Оскуола саастаах оҕолорго төрөөбүт дойдуларын кэрэ сирдэрин, эмтээх үүнээйилэрин, айылҕа араас дьиктилэрин билиһиннэрдилэр.
Оҕону кыра эрдэҕиттэн айылҕа кэрэтин болҕойон көрөргө, харыстыырга үөрэтэр өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин умнубакка, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэн иһиллиэхтээх. Оҕо айылҕаны харыстыыр үгэстэри үөрэтэн, билэн-көрөн, этигэр-хааныгар иҥэриннэҕинэ, айылҕаҕа, тулалыыр эйгэбигигэр сыһыаммыт уларыйыа, оту -маһы алдьатарбыт, кыылы-көтөрү кыргарбыт аҕыйыа этэ.
Третьякова Юлия,
Хаҥалас орто оскуолатын
Х кылааһын үөрэнээччитэ,
«Ыллык» пост эдкора.