Алгыс Попов Мэҥэ Хаҥалас улууһун профессор Иван Михайлович Романов аатын сүгэр Төхтүр орто оскуолатын IX кылааһыгар үөрэнээччитэ. Кини 29-с төгүлүн ыытыллыбыт “Инникигэ хардыы” научнай конференцияҕа Төрүччүнү үөрэтии хайысхатыгар ситиһиилээхтик кыттыыны ылла.
Бастакы степеннээх дипломунан наҕараадаланна уонна “Наука, Творчество, Духовность” диэн ааттаах Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-чинчийэр куонкуруска кыттыыны ылар ыҥырыыны тутта. Онон Алгыс Поповка “Кэскил” юнкордарын аатыттан истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит.
Кини “Инникигэ хардыы” конференцияҕа “Бытык аҕа ууһуттан ситимнээн” диэн ааттаах үлэтин билиһиннэрдэ. Бу үлэтин чинчийбитэ сыл буолбут.
– “Басхан” дьыалабыай оонньууга кыттарбар төрүччүбүн оҥорон, хасыһан саҕалаабытым. Онтон салгыы интэриэһиргээн, кэҥэтэн иһэбин, – диэн кэпсиир Алгыс.
Бастаан салайааччытын Ольга Николаевна Максимованы кытта саҕалаабыттар. Ол кэнниттэн музей салайааччытын Диана Егоровна Тарабукинаны кытта айымньылаахтык үлэлии сылдьаллар.
Алгыс Төрүччүгэ ыытыллар научнай конференцияларга кыттан уопут ылар, атын оҕолор үлэлэрин көрөр, бэйэтин сайыннарар https://keskil14.ru/t-r-chch-noruotu-tyynnaah-haallarar-tyyn-hajysha/
Кини төрүччүтүн 13 көлүөнэтин үөрэппит. Барыта 900-кэ киһини түмпүт. Бастаан саҕалыырыгар Иван Иннокентьевич Корякин кинигэтин туһаммыт Түгэх төрдө Баатара оҕонньортон 17-с үйэттэн саҕаланар эбит. Баатара оҕонньортон Бытык аҕа ууһа саҕаланар. Онтон ситимнэнэн Алгыс төрдө-ууһа тэнийэн барбыт.
Алена КСЕНОФОНТОВА, VIII кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы