“Инникигэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр научнай конференцияларыгар А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун, айар үлэтин ырытар, чинчийэр “Кулаковскай нэһилиэстибэтэ” диэн ааттаах хайысхаҕа оҕолор көхтөөхтүк кытталлар.
Ол курдук тохсунньу 9-11 күннэригэр ыытылла турар 29-с конференцияҕа 30-ча чинчийээччи үлэтин көмүскээтэ.
Сунтаар улууһун В.Г. Акимов аатынан Бүлүүчээн лиссиэй-интэринээтин Х кылааһын үөрэнээччитэ Лена Магыннырова А.Е Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй ”Ойуун түүлэ” уонна ”Байанай алгыһа” айымньыларыгар олоҕуран саха итэҕэлин туһунан ырытыыны оҥорбут.
Салайааччыта нуучча тылын уонна литературатын учуутала Екатерина Егоровна Дохунаева.
Лена Алексей Елисеевич Кулаковскай ити икки айымньытын ааҕан сахалар Аар Айыы итэҕэллээхпитин туһунан этэр. Саха барытын тыыннааҕымсытан көрөр.
– Өксөкүлээх Өлөксөй “Байанай алгыһа” айымньытын 1900 сыллаахха Уучайга олорон суруйбута. Сахаларга аан бастакы литературнай айымньы буолар. Онтон “Ойуун түүлүн” 1910 сыллаахха суруйбут. “Ойуун түүлэ” айымньынан хас да төгүл спектакль туруоруллубута. Бу айымньы ис хоһоонунан биллиилээх худуоһунньуктар саха олоҕун, өйүн-санаатын көрдөрөр хартыыналары айбыттара. А.Е. Кулаковскай 1877 сыллаахха ытык Таатта сиригэр Дьохсоҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини олох кыра эрдэҕиттэн үөрэнэрин сөбүлүүрэ. Сахалар норуот быһыытынан баар буоларбыт туһугар олоҕун анаабыта. Саха сирин улуустарынан сылдьыбыта. Хоту улуустар олохтоохторугар элбэхтик көмөлөспүтэ. Айымньыларын араас сирдэргэ сылдьан суруйбута. Мин санаабар, саха дьоно буоларбыт быһыытынан, бэйэбит итэҕэлбитин, историябытын, тумус туттар дьоннорбутун билиэхтээхпит. Ол иһин Өксөкүлээх Өлөксөй курдук норуотун туһугар олоҕун анаабыт дьоммутун оскуола саҕаттан үөрэтиэхтээхпит, – диэн этэр эдэр чинчийээччи Лена Магыннырова.
Алена КСЕНОФОНТОВА, VIII кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы