Бүгүн тохсунньу 10 күнүгэр, XXIX төгүлүн ыытыллар В.П. Ларионов аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы» научно-практическай конференция иккис түһүмэҕэ буола турар. «Североведение» сиэксийэтигэр быйыл үгүс үлэ киирбититтэн иккис түһүмэххэ сүүрбэ үлэ талылынна. Бу үлэлэр сүрүн сыалларынан хоту дойду тыйыс усулуобуйатыгар олорор дьон олохторун чэпчэтии, ону таһынан, аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар култуураларын, тылларын харыстааһын буолар.
Михаил Юрьевич Присяжнай географическэй билим дуоктара, СӨ Билим уонна Үөрэх миниистирин бастакы солбуйааччыта: «Североведение сиэксийэтэ 15-с сылын үлэлиир. Бу хайысхаҕа Арктическай улуустартан эрэ буолбакка атын улуустартан оҕолор эмиэ кытталлара биһигини үөрдэр. Быйылгы сылга хотугу омуктар төрүт оонньууларын нөҥүө тылы үөрэтэр бырайыактар элбээбиттэрин өйдөөн көрүөххэ сөп. Чуолан эбээн тылыгар сыһыаннаах үлэлэр үгүстэр. Ону таһынан, урукку да сылларга быйыл даҕаны техническэй хайысхалаах үлэлэр эмиэ бааллар. Холобур, Физико-техническэй лиссиэй үөрэнээччитэ Айаал Николашкин хаартан сылааһы оҥорор, хаартан уоту таһаарар бырайыактаах. Саамай өйдөөн хаалбыт үлэбинэн Николина Стручкова үлэтэ буолар. Бу бырайыак остуол оонньуутун нөҥүө эбээн тылын үөрэтиигэ, сайыннарыыга сыһыаннаах. Бу бырайыак көмөтүнэн атын омуктар эмиэ бэйэлэрин тылларын сайыннарар кыахтаахтар диэн көрөбүн. Кини бэлиэр үһүс сылын кыттар уонна сылтан-сыл үлэтэ тупсан иһэрэ көстөр. Быйыл кини лауреат аатын ылла».
Николина Стручкова, Үөһээ Дьааҥы улууһун Табалаах орто оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччитэ, «Североведение» сиэксийэтин муҥутуур кыайыылааҕа: «Мин бырайыагым аата «Создание и использование настольных и интерактивных игр в изучении эвенского языка» диэн. Бу бырайыакпынан төрдүс сылбын үлэлиибин. Бастакы сылбар көннөрү теория эрэ курдук кэпсээбитим. Онтон кэлин сайыннаран интерактивнай оонньуу оҥордум. Бу сыллар тухары уопсайа 10 араас оонньуу оҥордубут, онтон сэттэтэ остуол оонньуута. Бэйэм омукпунан эбээн буолбатахпын эрээри бу тылы олус сэҥээрэбин, сайдыан баҕарабын. Кэпсии туран олус долгуйдум, ол эрэн ыйытыыларга барытыгар эппиэттээтим».
Эдэр чинчийээччилэрбит кэскиллээх бырайыактара олоххо киирэн сыаллара-соруктара ситэн хоту дойду чулуу дьонун олохторун тупсаралларыгар баҕарыаҕыҥ.
Оксана ПЕРМЯКОВА, X гуманитарнай кылаас,
«Эрэл» медиа-киин эдкора,
Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт