Бүгүн тохсунньу ый 9 күнүгэр XXIX Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы» научнай-практическай кэмпириэнсийэ үөрүүлээх арыллыыта буолла. Манна 3 күн устата эдэр чинчийээччилэр бэйэлэрин үлэлэрин көмүскүөхтэрэ. Биһиги бу күн Саха сиригэр беспилотнай авиационнай систиэмэлэргэ уонна технологиялар (БАС) сиэксийэтин үлэтин көрдүбүт.
Бу хайысха билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ тоҕоостоох, наадалаах уонна дьон интэриэһин тардар эйгэ. Тэрээһин кыттыылаахтара Саха сиригэр БАС – теоретическай уонна практическай туһаныыга сыһыаннаах чинчийиилэри көрдөрдүлэр.
Ол курдук Дьокуускай куорат 23 нүөмэрдээх оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитин Терехов Николайы кытта кэпсэттибит:
– Үтүө күнүнэн! Мин дакылаатым аата «Прогноз изменений биоклиматических условий в экологической нише северного оленя» мин бу тиэмэни бэйэм интириэһиргээммин талбытым, тоҕо диэн хоту олорор дьон олоҕор-дьаһаҕар таба сүрүн оруолу оонньуур. Бу үлэбин оскуоланы бүтэриэхпэр дылы салгыыр санаалаахпын.
Өссө биир интэриэһинэй үлэлээх Бэстээхтээҕи улуснай гимназия 7 кылааһын үөрэнээччитэ Данилов Дамир үлэтин маннык сырдатта:
–Үтүө күнүнэн, мин дакылаатым тиэмэтэ олус интэриэһинэй «Создание туристической карты с.Бердигестях с применением ГИС-технологий» диэн. Бу дакылааты саҥа саҕалаатым уонна инникитин өссө тупсарар санаалаахпын. Атын кыттааччыларга улахан ситиһиилэри баҕарыам этэ.
Ол курдук: Бэрдигэстээх улууһун гимназиятын 11 кылааһын үөрэнээччититтэн Протопопов Айаантан интервью ыллыбыт:
–Үтүө күнүнэн мин дакылаатым тиэмэтэ «Особенности динамики температуры грунтов на территории с.Бердигестях», бу дакылааппын сыл аайы тупсаран үһүс сылбын илдьэ сылдьабын уонна инникитин өссө даҕаны сайыннаран иһиэм. Бары билэрбит курдук Саха сиригэр ирбэт тоҥ баар, ирбэт тоҥ үрдүгэр хайдах дьиэ тутары барытын билиэххэ наада, онон бу тиэмэни талбытым. Бу бары кыттааччыларга ситиһиини баҕарыам этэ уонна бэйэлэрин дакылааттарын сыл ахсын тупсаран, кэҥэтэн иһэллэригэр ыҥырабын.
«Инникигэ хардыы» беспилотнай авиационнай системалар уонна технологиялар (БАС) сиэксийэ экспертын Бехтуев Алексей Алексеевичы кытта кэпсэттибит:
– Үтүө күнүнэн, мин Арктическай оскуола дрон хайысхатыгар оҕолору үөрэтэбин. Быйыл маҥнайгыбын дьүллүүр сүбэ быһыытынан үлэлиибин. Олус интириэһинэй үлэлэри көрдүм, оҕолор бэйэлэрэ баҕа санааларынан кытталлара көстөр. Эһиил бу кыттар оҕолор дакылааттарын бырахпакка сыл аайы тупсаран иһэллэригэр баҕарабын уонна БАС сиэксийэтигэр кыттааччы эбиллиэ диэн эрэнэбин.
Оҕолор үлэлэрин көрөн олус сөбүлээтибит, интэриэһиргээтибит. Чинчийэр үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарабыт.
Кэпсэтиини ыытта: Нария Хоютанова
Хаартыскаҕа түһэрдэ: Нюргуяна Максимова
Г.Д.Бястинов-Бэс Дьарааһын аатынан
Чымынаайы орто оскуолатын эдэр кэрэспэндьиэннэрэ
Keskil14