Саха сиригэр олохтоох омуктар тимири уһааран туһаммыттара биһиги эрабыт иннинэ бэһис эбэтэр үһүс үйэлэртэн саҕаламмыта диэн учуонайдар быһаараллар. Ону таһынан сахалар былыргы үhүйээн кэпсээннэригэр тимир уустара атын туох да туспа дьарыга суох, куруук тимири уhаараллар уонна уһаналлар, олоҥхоҕо туойуллар бухатыыр аатырбыт тимир Ууhа уhанан оҥорбут дуулаҕа куйаҕын кэтэн, үҥүүтүнэн-батыйатынан сэбилэнэн абааһы бухатыырын кыайыыта, бу Уус оҥорбут тимир сэбэ-сэбиргэлэ ордук үчүгэйин, бөҕөтүн-таҕатын, сытыытын чуолкайдык дакаастаан көрдөрөр. Сүүрбэhис үйэ саҕаланыытыттан ортотугар тиийэ кэмҥэ соҕурууттан кэлэр тимир маллар ордук элбээннэр уонна тупсаннар саха уустарын оҥоруулара сыыйа үтүрүттэрэн, дьон туhанара лаппа аҕыйаан барбыт. Ол эрэн кэнники кэмҥэ саха тимир уустарын оҥоһуктара иккис тыыннанна.
Маннык былыргы үйэлэри уҥуордаан кэлбит саха ууһун төрүт дьарыгын сөргүтүһэр, тимир уустарын эйгэтигэр киэҥник биллэр Николай Михайлович Шамаевка ыалдьыттаатыбыт. Николай Михайлович манна төрөөбүтэ, оскуоланы бүтэрэн аармыйаҕа сулууспалаан кэлэн, Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрэн, ыал буолан дойдутугар олохсуйан олорор. Өр кэмҥэ милицияҕа үлэлээн пенсияҕа тахсыбыта. Фермерскэй хаһаайыстыба тэрийэн үлэлэтэ сылдьыбыта. Билигин сүрүн дьарыга — тимир ууһа. Биһиэхэ хайдах тимири уһанарга тиийэн кэлбитин кэпсээбитин интэриэһиргээн иһиттибит, уус киһи айылҕа күүстэрин кытта ыкса сибээстээҕин биллибит. Атын улууска олорор тимир уус сүбэтинэн, киниэхэ тиийэн уһуйуллубут уонна уус кыһата тэринэн үлэлээн барбыт. Быһах арааһын, батыйа, хомус охсор эрэ буолбакка, аны дэбигис көстүбэт тимир көлө чаастарын кытта оҥорор. Тимир уус быһыытынан араас күрэхтэргэ кыайбытын, миэстэлэспитин, кыттыбытын туоһулуур грамоталарын көрдөрөн кэпсээтэ. Сэмэй майгылаах буолан ситиһиилэрин кэпсии-ипсии сылдьыбат буолан, истэн соһуйдубут, сөхтүбүт. Николай Михайлович инники былаана элбэх.
Баҕалаах дьону, оҕолору үөрэтэн саҕалаабыт. Уһуйбут уолун Айаалы кытта эмиэ күрэхтэргэ кыттыбыттар. Атын улуустан истэн кэлэн үөрэнэллэр эбит. Таас болгуоттан тимири уһааран таһаарбыттарын, айылҕа бэйэтэ чочуйан таһаарбыт үүттээх болгуону булбутун уһаарбакка уура сылдьарын көрдүбүт.
Ураты өйдөөх-санаалаах тимир уус санаатын-көрүүтүн истэн саҥаны биллибит-көрдүбүт, биһиэхэ, оҕолорго, баҕа санаатын эппитэ санаабытын кынаттыыр.
Саяна ГРИГОРЬЕВА, 9 кылаас. Тааһаҕар, Бүлүү