Оҕолоор, эһиги кыыдааннаах тымныы кыһыммытыгар үөрэнэр, олорор дьиэлэрбитин кимнээх сылааһынан хааччыйалларын санаан ылааччыгыт дуу? Биһиги ону билээри, нэһилиэкпит биир сүрүн суолталаах миэстэтигэр – Чурапчытааҕы олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр тиийэ сырыттыбыт. ОдьКХ начальнига Георгий Степанович Александровы кытта кытта көрсөн сэһэргэстибит.
– Георгий Степанович, үтүө күнүнэн! Биһиги нэһилиэкпитигэр хас котельнай баарый? Ханнык эбийиэктэри итиинэн хааччыйалларый?
Күн бүгүн Чурапчы нэһилиэгэр Саха өрөспүүбүлүкэтин “Олорор дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыба” судаарыстыбаннай унитарнай тэрилтэ Чурапчытааҕы салаатыгар итиинэн хааччыйыы ситимэ быстыбатын туһугар 118 киһи үлэлии-хамсыы сылдьар. 2024-2025 оттук сезонугар Чурапчы нэһилиэгэр барыта 6 гааһынан оттуллар хочуолунай, 3 киин тепловой пуун үлэлиир.
49 уопсай дьиэни, 280 чааһынай дьиэни, 39 социальнай эбийиэги, 33 административнай тэрилтэни, 85 онтон да атын эбийиэктэри итиинэн хааччыйаллар.
Бу эбийиэктэри хааччыйар ититии ситимин уһуна – 41,12 км.
Быйылгы сылга кииннэммит ситимтэн 357 эбийиэк араҕыста. Гаас ситимигэр 310 дьиэ холбонно.
– Оттук сезона хайдах баран иһэрий, туох өрөмүөн үлэтэ ыытылынна?
– Оттук сезона билиҥҥитэ этэҥҥэ баран иһэр. Капитальнай өрөмүөн үлэтэ 100 бырыһыан түмүктэннэ. Теплотрасса өрөмүөнэ П.П. Пинигин аатынан уулуссаҕа оҥоһулунна. Балыыһа уонна Чурапчы гимназиятын хочуолунайдарын оһохторо өрөмүөннэннилэр. “ЦТП-1” тепловой пуун носуостара уларыйдылар, ититии ситимин көтүрүү үлэтэ ыытылынна.
– Биһиги нэһилиэкпит кыстыгы туорууругар төһө уматык нааданый?
– Төһө уматык наадата барыта эрдэттэн быһаарыллар. Быйыл кыстыгы туоруурга барыта 12795,4 м3 газ туттуллара былааннаммыта. Бу былааммытын тутуһан этэҥҥэ кыстыахпыт диэн эрэнэбит.
– Оператордар сылааһы биэрэр тэрилтэ тутаах дьонноро буолаллар. Кинилэр кимнээҕий?
– Кырдьык, биһиги оператордарбыт тэрилтэ, нэһилиэк тутаах дьонноро буолаллар. Төһө да ыарахан үлэҕэ үлэлээтэллэр, нэһилиэккэ ыытыллар араас хабааннаах дьаһалларга көхтөөхтүк кытталлар, элбэх ситиһиилэри аҕалаллар, тэрилтэ, нэһилиэк аатын куруутун үрдүктүк ааттаталлар.
ОДьКХ үлэһиттэрэ олус уустук уонна эппиэтинэстээх үлэлээхтэр, нэһилиэккэ баар тутууну барытын кэриэтэ итиинэн хааччыйаллар. Тымныы кыһыннаах Сахабыт сиригэр хас биирдии дьиэни-уоту итиинэн хааччыйар дьоммутугар махтал истиҥ тылларын аныыбыт.
Алина МЕСТНИКОВА, Арина СОТНИКОВА, XI кылаас,
«Тумус кыһа» медиа-киин, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията