Сомоҕолоһуу, Туризм сылларыгар анаммыт “Олоҥхо сатабыла – Тааттаҕа” этнокультурнай фестиваль чэрчитинэн “Тааттаҕа — өркөн өйү эрчийии” бастакы фестиваль бэрт көхтөөхтүк буолан ааста.
2013 сылтан Саха сиригэр “World Skills” хамсааһына саҕаламмыта. Онно олук уурсан, таатталар «Оҕо сатабыла — Junior Skills c якутской спецификой» диэн төрүт уонна саҥа үлэҕэ-идэҕэ, олоххо уонна айар сатабылларга уһуйар хамсааһыны тэрийэн, биллэр-көстөр ситиһиилэннилэр, дьиэ-кэргэн, нэһилиэнньэ уонна үөрэх салалтатын биһирэбиллэрин ыллылар. Ол курдук, Таатта оҕолоро 2017 сыллаахха ыытыллыбыт “Junior Skills” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ 18 компетенцияҕа кыттан, 14 көрүҥэр кыайыылаах тахсыбыттара — хас да сыл чочуллубут сатабылларын түмүгэ буолар диэн эрэллээхтик этэбит. Быйыл эмиэ кыайыы бөҕөтө буоллубут.
Аныгы үөрэхтээх киһи дьылҕатын үөрэх ситимэ салайар. Киһи өйүн олоруута туох идэни ылбытынан олоҕурар. Ол иһин Тааттаҕа кэлиҥҥи кэмҥэ оҕо иитиитигэр төрүт уонна саҥа үлэҕэ-идэҕэ, олоххо уонна айар сатабыллар ньымаларыгар үөрэтии күүскэ тарҕанан эрэр. Онон ситимнээн “Тааттаҕа — өркөн өйү эрчийии” бырайыак фестиваль быһыытынан ыытыллынна.
Бу бырайыагы айбыт киһинэн социологическай наука доктора, психологическай наука кандидата, Култуура уонна искусство Арктикатааҕы государственнай институтун профессора Ульяна Винокурова буолар. Кини фестиваль үөрүүлэх аһыллыытыгар кэлэн эҕэрдэлээтэ:
— Саха сатабыла Таатта пассионарнай сириттэн-буоруттан силис тардан тарҕаныахтаах. Ол туһуттан биһиги бары манна кэлэн турабыт. Мантан улуу уоту оттон, биһиги аан дойду бэртээхтэрин, мэйиилээхтэрин кытары тэҥҥэ сэргэстэһэн сылдьарбытыгар Таатта сирэ кынаттаатын!
Фестиваль 7 көрүҥүнэн барда:
- Мындыр өй. Бу – рационализаторство салаата. Олоххо киэҥник туттуллар тиэхиньикэҕэ, дьиэҕэ, араас эйгэҕэ табыгастаах тупсарыылары ситиһэр саҥа оҥоһуктары көрдөрдүлэр. Барыта 15 рационализатор кыттыыны ылла. Барыларыгар Махтал суруктары туттардылар.
- Өркөн өй. Уолбаҕа олорор удуор уус Боппосовтар улахан убайдара Владимир Трофимович 90-с сылларга Уолба оскуолатыгар “Мындыр өй хоһо” диэн куруһуогу үлэлэтэ сылдьыбыта, араас “головоломкалары” бэйэтэ оҥорон, оҕолорго таһаартарара, хомуйтарара. Ол оонньууларынан Боппосовтар күрэх ыыттылар.
—Аҕабыт Владимир Трофимович 1997 cыллаахха Уолба оскуолатыгар «Мындыр өй хоһо» тэриллиитигэр головоломкалары оҥорон көмөлөспүтэ. Билигин да ол хос үлэлии турарыттан үөрэбит. Уолба оскуолата сыл аайы алын сүһүөх кылаас оҕолорун олимпиадатын биир түһүмэҕин кини головоломкаларынан ыытар үгэстээх.
Оҕолорум эһэлэрэ оҥорбут «головоломкаларын» кыраларыттан оонньоон улааттылар. Биллэн турар, ол толкуйдуур дьоҕурдара сайдарыгар көмөлөстөҕө. Иккиэн мындырдаан уһанар буоллулар. Улахан уол Алиан бу соторутааҕыта WorldSkills өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэр «малярное дело» диэн компетенцияҕа бастаата. Муус устарга Кемерово күрэхтэһэ бараары сылдьар. Кыра уолум Андриан, алтыс кылаас үөрэнээччитэ, ытык, олоппос, эт кырбыыр, о.д.а. хаһаайыстыбаҕа туһалаах тэриллэри оҥорон атыылаан, бэйэтэ харчы мунньан, наадыйарын ылынар. Онон, оҕону гаджеттан, көмпүүтэртэн тэйитэн, бэйэтэ эт илиитинэн таарыйан, ийэ өйүнэн толкуйдаан оҥорон таһаарар оонньууларын төрөппүттэр билиһиннэриэх, оонньотуох кэриҥнээхпит, — диир Алексей Боппосов.
«Өркөн өйгө» Гран-прини Ытык Күөл 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ Стручкова Карина ылла. Габышев Эрчим (Ытык Күөл лицейэ) бастаата. Дедюкин Максим (Ытык Күөл 2-с оскуолата) иккистээтэ. Мосоркин Степа (Уолба) үһүстээтэ.
Уус, рационализатор Иван Трофимович Боппосов “Саха балаҕана” диэн хомулук оонньууну айбыт. Манна I миэстэни Боппосов Андриан ылла (Ытык Күөл гимназията). Былчахов Айлан (Оҕо айымньытын дьиэтэ) иккистээтэ. Дедюкин Максим (Ытык Күөл 2-с оск.) үһүстээтэ.
- Тобулук өй. Саха өйү эрчийэр ньымаларынан уонна тэриллэринэн, ол эбэтэр интеллектуальнай тренажердарга күрэхтэһии. Бабанова Сайаана (Ытык Күөл “Солнышко” оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ, сал. Д.А. Захарова) кыайыылаах таҕыста.
4. Өйү эрчийэр оонньуурдары уонна оонньуулары улахан дьон билиһиннэрэн кэпсээтилэр. Н.П. Сунхалырова, С.А. Дедюкина (Ытык Күөл “Чуораанчык” оҕо уһуйаана) – I миэстэ. Нь.И. Егорова, В.И. Егоров (Ытык Күөл “Эрэл” киинэ) иккис, А.И. Колодезникова (Кыйы, “Сардаана” оҕо уһуйаана) үһүс буоллулар.
5. Саха бэргэн тыла-өһө. Бу түһүмэххэ дьиэ кэргэнинэн сахалыы саҥа таабырыннары, өс хоһооннорун айан кэлбиттэр. Уолбаттан Даниловтар дьиэ кэргэн кыайыылаах аатын ыллылар.
6. Булугас тыл өйө. Дьиэ кэргэнинэн сахалыы кроссворду оҥорууга Федоров Данил “Кэрэхсэбиллээх үлэ” номинацияны ылла (Ытык Күөл, лицейэ).
I миэстэ — Слепцов Валентин, Прокопьев Сергей, Яковлев Максим, (“Сатабыл”, Оҕо айымньытын киинэ).
II миэстэ — Даниловтар дьиэ кэргэн (Уолба).
III миэстэ — Дайбанныров Аян, Баишев Женя (“Сатабыл”).
- “Тииҥ мэйии”. Өйгө хатыыр кыахха күрэхтэһии (образнай фигуралары өйгө хатааһыҥҥа уонна тылынан хоһоону тута үөрэтэргэ).
I миэстэ — Бочурова Сайыына, Уолба орто оскуолата.
II миэстэ — Стручкова Карина, Ытык Күөл 2-с оскуолата.
III миэстэ — Татаринов Андрей, Ытык Күөл лицейэ.
Сахалыы ийэ өйү сайыннарар үөрүйэхтэри, сатабыллары оҕо сайдарыгар туттуу, ону туһанарга көҕүлүүр фестиваль бэркэ ааста.
Саха өй үлэтин туругар, суолтатыгар киэҥ, дириҥ суолтаны уурар. Ону Былатыан Ойуунускай кэриэс-хомуруос тылларыгар чуолкайдык эппитэ:
«Эрэниэҕиҥ-итэҕэйиэҕиҥ
Икки атахтаах
Эрэйэ-буруйа өлөрүн,
Өлөртөн өлбөт өйүн,
Өйүнэн өлбөт бэйэтин».
«Сатабыл» Оҕо айымньытын киинэ,
Ытык Күөл, Таатта.