Биһиги ахсынньы 18 күнүгэр Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр ыытыллыбыт Илин эҥэр уонна Томпо улуустарын эдэр чинчийээччилэрин 5-11 кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах «Төрүччү» өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай конференцияҕа ситиһиилээхтик баран кыттан кэллибит. Тэрийээччилэр — “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата, Хотугу омуктар төрүччүлэрин үөрэтэр-чинчийэр уопсастыбаннай научнай институт уонна А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй.
Оскуолабытыттан 5 оҕо буолан кытынныбыт. Араас хайысхаларынан тарҕаһан дакылааттарбытын аахпыппыт. Ол түмүгүнэн, Романов Рома (5 кылаас) «Төрөөбүт дойдубар сэһэн айан” тиэмэтинэн II степеннээх диплом аатын ылла, “Сосновый бор” лааҕырга, патриотическай форумҥа ыҥырыы тутта. Рудольф Апросимов (5 кылаас) уонна Кристиян Слепцов (6 кылаас) “Араҥастаах- өбүгэлэрбит олорбут төрүт сирдэрэ» диэн тиэмэлэринэн «Мин өбүгэлэрим олорбут алаастара» анал аакка тигистилэр. Ону таһынан, быраатым Аман Афанасьев (7 кылаас) «Төрдүм-ууһум уонна биллиилээх киэн туттар дьоммут» дакылаатынан “Сонун тиэмэ” анал аакка уонна мин Милана Афанасьева “Сахалартан бастакы идэтийбит разведчик Г.М. Андросов төрүччүтэ уонна аймахтара» диэн дакылааппынан кыттан II степеннээх диплом, патриотическай форумҥа ыҥырыы сурукка тигистибит. Бу НПК- ҕа кыттан элбэх саҥаны, сонуну биллим. Саҥа аһыллыахтаах Тааттатааҕы лиссиэйи көрдүбүт.
Оҕо бэйэтин төрүттэрин биллэҕинэ-үөрэттэҕинэ, бэйэтин өссө үчүгэйдик билэр, көмүскэллээх, харысхаллаах буолар. Төрүччү көмөтүнэн тугу барытын билиэххэ сөп дии саныыбын. Ааҕыыларга элбэх оҕо кытынна, бары олус интэриэһинэй тиэмэлэрдээхтэр диэн бэлиэтии көрбүтүм. Бу конференцияны тэрийбит дьоҥҥо, салайааччыларбар махтанабын!
Милана АФАНАСЬЕВА, IX кылаас,
Баайаҕа, Таатта.