Мин аатым Виолетта, III «В» кылааска үөрэнэбин. Онно барыта 39 оҕо баар. Биһиги 100% «Кэскил» хаһыаты суруттардыбыт.
Кылаастан 5 үөрэнээччи «Эдкор» куруһуокка дьарыктанабыт. Салайааччы Надежда Павловна Жерготова. Манна төрөөбүт тылбытынан саҥара, хаһыаты ааҕа уонна ыстатыйа суруйа үөрэнэбит.
Саҥа дьылтан сахалыы эйгэлээх «Кэскили» кылааһынан бииргэ ааҕан, элбэҕи билэн-көрөн,санааны атастаһан, хаһыакка тахсыбыт үлэлэлэрбитин ырытан, элбэх саҥаны-кэрэхсэбиллээҕи билиэхпит, сайдыахпыт диэн бигэ эрэллээхпит.
Сахам сирин үөрэнээччилэрин дириҥ историялаах,оҕолорго аналлаах «Кэскил» хаһыаты суруттарыҥ,сэргээн ааҕыҥ диэн ыҥырабын.
Виолетта БЕЛОЛЮБСКАЯ , III «В» кылаас,
«Үктэл» пост, Саха гимназията, Дькуускай.