Сатабылга кэлиҥ, мустуҥ,
Сайдар суолгун мантан булуоҥ.
Үөрэх, үлэ аргыстанан
Үөрэ – көтө олоруоҥ!
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сыла, Өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сыла, Таатта улууһугар Таптал, Итэҕэл, Эрэл сылларыгар, «Манчаары оонньуулара» XXII Спартакиадатыгар аналлаах Таатта улууһун иитэр-үөрэтэр эйгэтин үлэһиттэрин уонна үөрэнээччилэрин ортотугар ыытыллар «Дьоллоох киһи дойдумсах» бэстибээл ахсынньы 12 күнүгэр «Сатабыл» Оҕо айымньытын дьиэтин тэрийиитинэн үрдүк таһымҥа ааста. Бу бэстибээл «Манчаары оонньууларынан» туһанан, Таатта эрчимин эбэргэ, ураты умсугутар айар эйгэтин тэнитэргэ, ыал, дьиэ-кэргэн, оҕо-аймах айар сатабылларын сайыннарарга туһаайыллар.
Дьиҥнээх саха киһитин анала – төрөөбүт төрүт сирин иччилээһин, оҕо-уруу тэнитэн, айар сатабылларынан дьаһанан, аймах-билэ дьоҥҥо туһалаах буолуу. Төрөөбүт дойдуга олорортон астыныы, өбүгэ төрүт сирин иччилээһин – бу дьол!
Ол да иһин буолуо төрүт түөлбэбит талба Таатта – Саха дойдумсах майгытын туллар тутааҕа, сүрэҕин чопчута. Таатта сирэ саха дьонун тардар күүһэ сөҕүмэр. Таатта дьоно 2025 сылга «Манчаары оонньуулара» ситиһиилээхтик тэриллэригэр бука бары туруннулар.
Бэстэбээл иһинэн күрэх – акция «Айар Сатабыл» ыытылынна. Бу күрэххэ технология учууталлара үөрэнээччилэрин кытта кытыннылар. Барыта 13 оскуолаттан 14 хамаанда илин-кэлин түһүстүлэр. Күрэх «Оҕо сатабыла» чемпионат технологиятынан тэрилиннэ. Учуутал үөрэнээччитин кытта 4 чаас устата анал технологическай картанан «Манчаары XXII оонньуулара» күрэх символларынан аналлаах сувениры оҥоруу буолла.
Уолаттар учууталларын кытта выжигание технологиятын туһанан «Манчаары XXII оонньуулара» 3 символын түһэрэн «Ключница» сувениры оҥордулар.
Түмүккэ:
1 миэстэ — Баайаҕа орто оскуолатын хамаандата.
2 миэстэ — Уолба орто оскуолатын хамаандата.
3 миэстэ — Ытык-Күөл 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын бастакы хамаандата.
Кыргыттар учууталларын кытта оҕуруо тиһэн «Таатта Кытыла» сувенир оҥордулар.
Түмүккэ:
1 миэстэ — Уолба орто оскуолатын хамаандата.
2 миэстэ — Чымнаайы орто оскуолатын хамаандата.
3 миэстэ — Туора-Күөл орто оскуолатын хамаандата.
Бу күн «Сатабыл» Оҕо айымньытын дьиэтэ таһаарбыт «Сатабылтан сайдыыга» кинигэбит биһирэмэ буолла. Кинигэбит күн сирин көрөрүгэр биһиги бары ытыктыыр киһибит психологическай наука кандидата, социологическай наука доктора, АГИКИ профессора, «Сатабыл» наукаҕа салаатын салайааччыта Ульяна Алексеевна Винокурова улахан өҥөлөөх. Кинигэбит барыта 417 лиистээх, элбэх хаартыскалаах, бииргэ алтыһан үлэлиир партнердарбыт ыстатыйалара киирдилэр.
Бэстибээл биир хайысхатынан ас-үөл, оҥоһук дьаарбаҥката «Барыыс» ыытылынна. Оскуолалартан биирдилээн оҕолор уонна дьиэ кэргэттэр кэлэн атыылаан бэйэлэригэр барыыс оҥоһуннулар.
Бэстибээл түмүгүнэн биһиги Оҕо айымньытын дьиэтэ «Сатабыл» иитиллээччилэрэ, төрөппүттэрэ уонна коллектива эҕэрдэ кэнсиэрбитин бэлэхтээтибит.
Бары оҕолорбутугар, төрөппүттэрбитигэр, педагогтарбытыгар, партнердарбытыгар уонна көрөөччүлэрбитигэр махталбыт муҥура суох! Кэскилбит, кэнчээри ыччаппыт — оҕолорбут сайдалларыгар күүс-көмө буолар таһаарыылаах үлэбит үтүө түмүктээх буоллун, үгүс оҕону түмэ, сырдыкка сирдии турдун!
Матрена Алексеева, «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин педагога.
keskil14.ru