Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр тыа хаһаайыстыбатын техникумугар XVIII төгүлүн ыытыллар орто анал үөрэхтэргэ үөрэнэр устуодьуоннар икки ардыларыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инники идэҕэ хардыы» научнай практическай форум буолла. Быйылгы форум Арассыыйа Федерациятын сенатора Егор Афанасьевич Борисов 70-сааһыгар ананна.
Педагогика билимин хайысхатыгар эбии үөрэхтээһин, инклюзивнай үөрэхтээһин уонна анал үөрэхтээһин салаатыгар 13 орто анал үөрэхтээһин устудьуоннара кыттыыны ыллылар. Манна устудьуоннар эбии үөрэхтээһин уруоктарыгар үөрэтэр саҥа ньымаларын, методикаларын, технологияларын туһунан дакылааттарын көмүскээтилэр.
Экспиэртиир хамыһыйа састаабыгар «Сосновый бор» оҕо доруобуйатын чэбдигирдэр уонна сынньалаҥ лааҕырын дириэктэри үөрэх өттүгэр солбуйааччыта Галина Егоровна Слепцова, «Юные Якутяне» өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин эбии үөрэхтээһин салаатын методиһа Мария Афанасьевна Федорова уонна хамыһыйа бэрэссэдээтэлэ ФГБОУ ВО «Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт үнүстүүтүн» эбии үөрэхтээһин бакылтыатын декана Манасытова Марианна Алексеевна .
Экспиэрдэр сүрүн киритиэрийдэрэ: дакылаат тиэмэтин уһулуччу суолталааҕа, туох саҥаны киллэрбитэ, устудьуон бэйэтин үлэтин төһө баһылаабытын уонна дакылаатын хайдах дьон иннигэр туран көмүскүүрэ, хайдах ыйытыыларга эппиэттиирэ.
Марианна Алексеевна Манасытова, экспиэртиир хамыһыйа бэрэссэдээтэлэ: Дакылааттар бары аныгы ирдэбилгэ эппиэттииллэр, инниктин да салгыы чочуллуохтарын наада. Биһиги сүрүн сыалбыт-сорукпут сиппит-хоппут, саҥа сүүрээннээх, идеялаах дакылааттары, өрөспүүбүлүкэ аатыттан соҕуруу Москваҕа, Санкт-Петербурга уо.да.а куораттарга ыытар, таһымнарыгар эппиэттиир үлэлэрии көрдүүбүт.
Михаил Захаров, тыа хаһаайыстыбатын техникумун иккис кууруһун устудьуона: Тиэмэм аата «Проект: настольная игра как инструмент формирования профессиональной мотивации у студентов сельскохозяйственного техникума» — диэн. Салайааччым Таисия Васильевна Ануфриева. Биһиги тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үөрэнэр устудьуоннарга аналлаах остуол оонньуутун оҥордубут. Тыа хаһаайыстыбатыгар, балык хаһаайыстыбытагар уонна кыыллары үөрэтии туһунан ыйытыылардаах карточкалары толкуйдаабыппыт. Экспэримиэн быһыытынан устудьуоннарга оонньотон көрбүппүт. Бары олус сэҥээрбиттэрэ, сөбүлээбиттэрэ.
Алексей Батарин, медколледж иккис кууруһун устудьуона: Тиэмэм аата “ Использование пазла в обучении иностранного языка”. Холобур, медецинэ тиэрминнэрин үөрэтэргэ, аангылыйа тылын үөрэтэргэ ыарахан буоллаҕына пазлынан туһанан үөрэтиэххэ сөп диэн бу үлэбитигэр быһаардыбыт. Бастаан киһи скелетыттан саҕалаабыппыт, онтон салгыы киһи органнарын уонна ниэрбэ систиэмэтигэр оҥоруохпут. Бу пазлы бастакы куурустарга оонньотон көрбүппүт.
Форум түмүгүнэн бастыҥ үлэлээх кыттааччылар дипломунан уонна сертификаттарынан наҕараадаланыахтара, талыллыбыт дакылааттар Араассыыйатааҕы научнай кэмпириэнсийэлэргэ рекомендация ылыахтара.
Виктория КОЛОДЕЗНИКОВА,
Keskil14.ru