Быйыл Дьокуускай куорат 23 нүөмэрдээх оскуолатыгар өр сылларга муусука учууталынан үлэлээбит Владимир Иванович Малышкин төрөөбүтэ 75 сылыгар анаан араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытылла тураллар.
Владимир Иванович Малышкин (29.11.1949-5.12.2015) – «Россия Федерациятын норуоту сырдатыы туйгуна», СР үтүөлээх учуутала, «Үөрэх сайдыытыгар кылаатын иһин» мэтээл, Дьокуускай Мэрин «Учуутал дьиэ кэргэнэ» гранын хаһаайына. Кемеровскай уобалас Новокузнецк куоратыгар төрөөбүт. 13 сааһыттан байааҥҥа оонньоон саҕалаабыт. 1967 сыллаахтан Новосибирскай уобалас Березовскай 8 кылаастаах оскуолатыгар физкультура учууталынан үлэтин саҕалаабыт. 1969-1981 сылларга Маршанскай оскуолатыгар үлэлээбит. Бу кэмҥэ тыа клубун «Ваталинка» норуоднай ансаамбылыгар баянистаабыт. 1972 сыллаахха Бүтүн Сойуустааҕы баянистар күрэхтэрин лауреата буолбут. 1981 сыллаахтан Дьокуускай куорат 23 нүөмэрдээх оскуолатыгар муусука учууталынан үлэлээбит. Манна үлэлиир кэмигэр кини үөрэнээччилэригэр спортка, муусукаҕа тапталы иҥэрбит. Оҕолор вокальнай инструментальнай ансаамбылларын, хордарын ону таһынан учууталлар хордарын тэрийбит үтүө өҥөлөөх. Бу үтүө үгэһи тутуһан оскуола иһинэн оҕолор ВИА-лара, хордара, учууталлар хордара ситими быспакка үлэлии турар.
Бүгүн сэтинньи 29 күнүгэр бастакы Өрөспүүбүлүкэтээҕи муусука учууталларын күрэҕэ саҕаланна. Манна Саха сирин араас улуустарыттан 8 кыттааччы кэлэн бэйэлэрин кыахтарын холонон көрө сылдьаллар. Муусука кэрэ эйгэтин оҕолорго арыйыы сатабылларыгар маастар кылаастары аһаҕас уруоктары ыыттылар.
Георгий Афанасьевич Афонский, Дьокуускай куорат В.И. Малышкин аатынан 23 нүөмэрдээх оскуолатын диэриэктэрэ:
«Бүгүн биһиги оскуолабытыгар биһиги оскуолабыт биир чаҕылхай учууталын — Владимир Иванович Малышкин үтүө аатын үйэтитэр Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакытын ыытыллар муусука учууталларын аһаҕас күрэҕэ саҕаланна. Бу бастакы холонуу ол иһин кыттааччылар уруоктары былааннаабыттарын курдук ааһарыгар, тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытылларыгар баҕарабын»
Вера Ивановна Феоктистова, Өлүөхүмэ куораттан кытта кэлбит муусука учуутала:
«Бүгүн бу күрэххэ бастакынан уруок ыытар чиэскэ тиксэн олус үөрдүм. Иккис кылаас оҕолоругар муусука инструменнарын туһунан аһаҕас уруок ыыттым. Оҕолор олус сэргэхтэр, барыта былааннаммытынан буолбата эрээри, учуутал үлэтэ айар үлэ буолан барыта санаабытым хоту ааста. Бэйэм муусука учууталынан 20 сыл үлэлээтим, дьүүллүүр сүбэ уопуттаахпын эмиэ бэлиэтээтэ. Бу идэни таларбар ийэм сүбэтэ көмөлөспүтэ. Кыра эрдэхпиттэн ыллыыр, үҥкүүлүүр этим ол иһин бу хайысханы кытта олохпун ситимнээн үлэлии-хамсыы сылдьабын. Хас биирдии уруогум кэнниттэн бэйэбин сыаналанабын, тугу сыыспыппын, тугу эбиэххэ сөбүн ол иһин биир да уруок хатыламмат, барыта тупсарыллан, саҥардыллан ыытыллар.»
Дьүүллүүр сүбэ бэрэстээбиттэллэрэ бэйэлэрин санааларын эмиэ үллэһиннилэр.
Ульяна Викторовна Кальчу, Дьокуускайдааҕы Педагогичкай колледж преподавателэ: «Дьүүллүүр сүбэ быһыытынан элбэх тэрээһиннэргэ сырыттым, уопуттаах дьону сыаналыыр биллэн турар ыарахаттардаах, бары үчүгэй курдуктар. Кыттааччылар бары олус кыһаллаллар, ким үчүгэй бэлэмнээх кыайдын!»
Татьяна Владимировна Рябоконь, Дьокуускай куорат 3 нүөмэрдээх оскуолаҕа муусука учуутала, куораттааҕы муусука учууталларын методическэй түмсүүтүн салайааччыта: «Маастар кылаастар бэркэ ыытылла тураллар. Манна учуутал улахан дьону үөрэтэр буолан биир улахан уратылаах. Бүгүҥҥү маастар кылаас кыттыылаахтара бэйэлэрин оркестр артыыстарын быһыытынан холонон көрдүлэр, олус астыннылар. Кыттааччыларбытыгар эмиэ улахан дьону кытта үлэлииргэ үчүгэй уопут буолар.»
Николай Михайлович Андросов, Хатас оскуолатын муусука учуутала: «Бу бастакытын ыытыллар күрэх Владимир Иванович Малышкин диэн сүрдээх үчүгэй муусука учууталын сырдык аатыгар ананар. Бүгүн кини төрөөбүт күнэ. Маннык күрэххэ бастакыбын кыттабын, ол иһин сүрдээҕин долгуйабын. Мин бүгүн ыытар тиэмэм «Героизм в авторской песне ««Алеша»-танк – дух боевой»» бу ырыа саха уолаттара анал байыаннай дьайыыга хорсун быһыыларыгар анаммыта. Аҕыс бронетехника утары биир соҕотох таанка киирсиитин Аан дойду барыта болҕойон көрбүтэ. Дойду президенэ уолаттары наҕараадалаабытыгар сахалар бары олус үөрбүппүт. Биһиги киэн туттаммыт ырыа айбыппыт. Бу ырыа олус түргэнник айыллыбыта. Геройдары чиэстээһиҥҥэ бэлэм буолуохтаах диэн икки-үс күн иһинэн бэлэм буолбута. Тутатына араадьыйаҕа ыыппыппыт, Уус Алдаҥҥа геройу көрсөргө уулуссаҕа иһиллибитэ. Бу ырыаны сайыннарарга салгыы үлэлиэхтээхпит. Билигин Россияҕа муусука учубниктарын таһааран эрэллэр ол учебниктарга бу ырыабыт киирэрин ситиһиэхтээхпит. Бу ырыабытын сахалар бары таһаардахпытына барыбыт ситиһиитэ, үөрүүтэ буолуо этэ. Биһиги оҕо сылдьан «Три танкиста» ыллыыр буоллахпытына, билиҥҥи оҕолор бу ырыаны ыллыылларын ситиһиэхтээхпит. Биһиги оскуолабытыгар кадетскай кылаастар бааллар, ону таһынан бэйэм эмиэ былырыыҥҥаттан үөрэтэбин, онон Хатас оҕолоро бу ырыаны ыллыыллар. Биһиги бу ырыаны оҕо өйдүүр гына чэпчэки тыллардаах, мелодиялаах гыммыппыт. Улахан да дьон бу ырыаны ыллаатахтарына эмиэ өйдөрүгэр хаалан хаалар эбит. Ол иһин мин ааптар быһыытынан санаабар табыллыбыт ырыа. Бу ырыа нууччалыы барыйаана эмиэ баар. Атын да регионнарга оҕолор ыллыыллар диэн информация кэлэр. Кыттааччыларга барыларыгар ситиһиини баҕарабын, уопсайа аҕыс кыттааччы оҕолорго олус үчүгэй, интэриэһинэй уруоктары бэлэхтиэхтээхпит.»
Бу курдук күрэх бастакы күнэ түмүктэннэ, кыайыылаахтар ааттара иккис күҥҥэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга ааттаныа.
Прокопий Софронеев