Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр сэтинньи ыйга Олоҥхо уонна Хомус күннэрэ бэлиэтэнэллэр. Бу күннэри көрсө мин бииргэ үөрэнэр оҕолорбуттан олоҥхо уонна хомус туһунан кылааһым оҕолоро, 8 «б» кылаастар тугу саныылларын ыйыталастым.
Тумусова Юля:
«Олонхо диэн мин санаабар үөһээ айыылартан анаммыт саха дьонугар үтүө алгыс буолар».
Слободчиков Эрчим:
«Олонхо диэн былыр былыргаттан үөскээн кэлбит төрүт үгэспит. Саамай биллиилээх олоҥхонон «Ньургун Боотур» олоҥхо буолар».
Соломонов Ян:
«Билиҥҥи кэмҥэ оҕолорго олоҥхону кыра эрдэҕиттэн саҕалаан үөрэтэллэр. Былыр олоҥхоһут ыаллары кэрийэ сылдьан олоҥхолуура. Бэйэтин тылынан уустан, ураннаан кэпсиирэ. Саамай биллэр олоҥхонон «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо буолар. Бэйэм уһуйааҥҥа сылдьан олохону толорбутум».
Портнягина Сахая:
«Олоҥхо – норуот тылынан уус-уран айыньыларын чыпчаала буолар. Мин санаабар, олоҥхо үс дойдута биһиги олохпутугар барыта дьүөрэлии уонна үгүскэ үөрэтэр».
Федоров Леня:
«Мин санаабар хас биирдии киһи олоҥхону ааҕыахтаах уонна үөрэтиэхтээх. Олоҥхо биһиги баайбыт буолар».
Федорова Миранда:
«Былыр олоҥхону хас да күн толороллоро. Мин олоҥхону кыра эрдэхпиттэн ааҕабын. Олоҥхо биллэр геройдара Ньургун Боотур, Туйаарыма Куо, Эр Соҕотох, бухатыыр ата уонна да атыттар».
Апросимов Эрэл:
«Хомус – кыракый да буоллар олус күүстээх саха музыкальнай инструмена. Үйэттэн үйэҕэ бэриллэн кэлбит инструмент буолар. Олонхоҕо, араас үөрүүлээх тэрээһиннэргэ туттуллар».
Бурнашева Алина:
«Саха норотун музыкальнай инструмена. Хомус ырыата олус дьикти буолар. Хомуска оонньоон араас кыыл, көтөр саҥатын таһаараллар. Хомус куһаҕан санааны, ыарыыны үтэйэр кыахтаах. Хомус – дьикти музыкальнай инструмент».
Павлов Виталий:
«Мин кыра сааспар сылдьан хомуска оонньур этим, билигин хомуспун балтыбар бэлэхтээбитим. Хомус олус күүстээх, олус үчүгэй тыастаах».
Баишев Степа:
«Хомус диэн биһиги сахалар норуодунай инструмеммыт буолар. Хомус ырыата олус интириэһинэй, кыраһыабай. Кини тыаһа уоскутар, эмтиир кыахтаах. Атын омуктар хомуһу эмиэ тутталлар».
Борисов Павел:
«Хомус биһиги төрүт инструмеммыт. Хомус тыаһынан биһиги атын норуоттарга бэйэбит култуурабытын көрдөрөбүт. Хомус араас көрүҥэ баар. Хомуска үгүс сиргэ элбэх киһи оонньуур».
Иванов Максим:
«Хомус тыаһын араас тэрээһиннэргэ истэбит. Ыһыахха элбэхтик хомус тыаһыыр. Мин санаабар хомус диэн олус үчүгэй инструмент, хомуска оонньооһун олус үчүгэй дьарык буолар».
Аржакова Катя:
«Хомус былыргы инструмент, кини биэс тыһынча сыл аннараа өттүгэр баар буолбута диэн суруйаллар. Кини тыаһа ураты. Кини билигин биһиги төрүт культурабыт символа буолар».
Алексеев Сандал:
«Мин кыра сылдьан хомустуур этим, уһуйааҥҥа үөрэппиттэрэ. Хомус тыаһа олус үчүгэй. Хомуска үөрэнэр олус судургу».
Семенова Айыына:
«Хомус саха норуотун төрүт музыкальнай инструмена. Дьикти тыастаах, былыр ойууттар ооньууллар этэ диэн суруйаллар. Саха хомуһун билигин араас алгыска тутталлар. Хомус биһиги сахабыт сиригэр култуурабыт дьиҥнээх туоһута».
Федорова Сандра:
«Хомус тыаһын иһиттэххэ киһи уоскуйар. Холобур, мин эбэм Варвара Николаевна алгыс оҥорор кэмигэр хомуска оонньуур, ол иһин хомус эбэбин кытары сибээстээх буолан кыра эрдэхпиттэн хомуһу олус сөбүлүүбүн. Хомус эмтиир күүстээх. Өссө атын тюрк омуктарга хомустаахтар. Атын омуктарга камус, камыс, варган диэн ааттаналлар».
Ити курдук, оҕолор бэйэ санааларын сайа этэн олоҥхо уонна хомус олоххо суолталарын быһаардылар. Хас биирдиибитигэр бу саха төрүт үгэстэрэ олус суолталаахтар уонна олохпутугар куруук бааллар.
Сандра Федорова, 8 «б» кылаас, Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас