Сахаларга «удьуор» диэн төрүт тылбыт. Кырдьаҕастар «удьуор дьон» диэни төрүттээх-уустаах, ааттаах-суоллаах биллэр-көстөр аймах дьоҥҥо сыһыараннар этэр, туттар буолаллара. Сатабыллаах, бары өттүнэн кыахтаах биитэр туох эрэ уратылаах дьон бу тыл киэҥ суолтатын иһигэр киирэллэр дииллэрэ.
Мин кыра эрдэхпиттэн «үүт-үкчү Өлөксөндүрүөп курдук», «Өлөксүндүрүөптэр хааннара», «эһээтин курдук уус буолсу» диэн тыллары истэрим. Ол эрэн улахаҥҥа уурбакка саамай сөбүлүүр дьарыкпынан — пластилин оҥоро-оҥоро олорооччум, араас элбэх фигуралары үтүгүннэрбэккэ эрэ оҥорорум. Кэлин ити дьарыкпын бырахпытым.
Онтон Чаппандаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи «Төрүччү» конференцията буоларын истэн баран илиибэр кыттарга санаммытым, «Көмүс күлүмэ: удьуор уустар Александровтар» диэн кинигэни тута түспүтүм, хаҕыгар уруккуттан билэр киһим курдук дьүһүннээх киһи олороро.
Бу кинигэттэн ааҕан билбитим хос эһэм Петр Николаевич Александров — Уус Бүөккэ диэн Саха сиригэр бастакы ювелир эбит.
Күрэхтэһиилэргэ аналлаах знактары, араас үрүҥ көмүс оҥоһуктары бэйэтэ эскизтаан оҥорор эбит. Эһэм үчүгэй да үлэлэри оҥорбутун көрөн олус сөҕө-махтайа көрдүм.
Ону таһынан, кини иннинээҕи олорон ааспыт аймахтарым эмиэ уустар, ойууттар эбиттэр. Хомойуох иһин, хос эһэм 33 эрэ сааһыгар хомолтолоохтук суох буолан, онтон эһэм 23 эрэ сааһыгар олохтон туораан кинилэр тустарынан кэпсиир дьонум суоҕа.
Эһэм Саха сирин биллэр спортменнары кытта билсибит, чугастык алтыһан ааспыт, оҥоһуктарын бэлэхтээбит эбит.
Конференцияҕа Константин Ильич Аргунов үлэбин хайгаабытын олус астынным, үөрдүм. Эһэм үлэлэрин көрөн баран, кинигэни ааҕан баран хоббибын сөргүтэр эбиппин дии санаатым. Бу кинигэннэн эрэ муҥурдаммакка өссө салгыы төрүччүбүн хасыһар былааннаахпын уонна бырахпыт дьарыкпын төттөрү сөргүтэр эбиппин диэн санаатым.
Аким Александров,
VIII кылаас,
Күндээдэ орто оскуолата, Ньурба