Сэтинньи 15 күнүгэр Ньурба улууһугар ыытыллыбыт «Төрүччү» научнай-чинчийэр кэмпириэнсийэ биир үтүө саҕалааһынынан С.П. Алексеев-Боһуут аатынан Чаппанда орто оскуолатыгар компьютернай кылааска Д. Киркинский «Древо жизни» төрүччүнү оҥоруу бырагыраамата хас биирдии оҕо үөрэнэр компьютердарыгар турбута буолар. Бу «Cемьеведение» бырагыраама чэрчитинэн уруокка туһаныллар, оҕо төрүччүтүн, төрдүн-ууһун үөрэтэрин, кумааҕыттан сыыппараҕа көһөрөн, үйэтитэн хаалларарга бастакы дьоһун хардыы буолла.
С.П. Алексеев-Боһуут аатынан Чаппанда орто оскуолатын дириэктэрэ Юрий Алексеев, историк, төрүччүнү үөрэтиигэ энтузиаст Хотугу омуктар төрүччүлэрин үөрэтэр-чинчийэр уопсастыбаннай научнай институт дириэктэрэ Константин Аргунов этиитин быһа гыммакка, субуота күн оскуолаҕа Д. Киркинский «Древо жизни» төрүччүнү оҥоруу бырагырааматын компьютернай кылааска киллэттэрдэ. Номнуо бүгүҥҥүттэн үөрэнээччилэр бырагырааманы кытары билистилэр. Дириэктэр Юрий Алексеев салгыы Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын «Төрүччү» бырайыагар кыттыһан, эһиил буолар научнай-чинчийэр үлэҕэ күүскэ бэлэмнэнэн, Д. Киркинскай «Древо жизни» төрүччүнү оҥоруу бырагырааматынан үөрэнээччилэри бэлэмнииргэ санаатын иһитиннэрдэ.
Бүлүү бөлөх улуустарын үөрэнээччилэригэр ыытыллыбыт «Төрүччү. Память предков» научнай-чинчийэр кэмпириэнсийэ кыайыылааҕа, Чаппанда орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Дайаана Тихонова бэйэтин санаатын үллэстэр:
— Мин чинчийэр үлэм «Мин төрүччүм — өбүгэм ситимэ». Манна тоҕус көлүөнэҕэ диэри оҥорбут үлэбин өҥнөрүнэн арааран сыһыарбытым. Бу үлэбин көрдөххө, дьоҥҥо быдан чугас уонна өйдөнүмтүө санааттан оҥорон таһаардым. Холобура, от күөх өҥ — биһиги, оҕолор, буолабыт, араҕас өҥ — биһиги ийэлэрбит уонна аҕаларбыт, онтон эһээлэрбит, эбээлэрбит кыһыл өҥүнэн бэлиэтэнэн сылдьаллар, ити курдук өҥ хас көлүөнэ аайы уларыйар. Үлэбин өссө сайыннарыахтаахпын: хас биирдии киһи бэйэтин көлүөнэтин билэригэр куйаар-кодунан киирэн билиэхтэрэ диэн оҥорор сыаллаахпын.
Олус дириҥ ис хоһоонноох, астык тэрээһиннээх өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх буолан ааста. Бары чинчийэр үлэлэр олус интириэһинэйдэр, истэргэ олус үчүгэй этэ. Бу күрэхтэн бэйэм дьиэ кэргэним улахан историятын, төрдүбэр олус күүстээх дьон олорон уонна үлэлээн ааспыттарын биллим. «Төрүччү» күрэх мин төрдүм-ууһун аартыгын арыйда диэхпин баҕарабын. Тэрийээччилэргэ улахан махтал.
«Төрүччү. Память предков» НПК күрэҕэ быйыл «Оҕо уонна ычча медиатын сайыннарар регионнар икки ардыларынааҕы киин» коммерческайа суох автономнай тэрилтэни кытта «Мин дьиэ кэргэним Аҕа дойду историятыгар» патриотическай форум» диэн Ил Дархан Гранын ылбыт бырайыак биир улахан тэрээһинэ буолар.
keskil14.ru