«Дьиҥ күүстээх уонна дьиҥ кэрэ хаһан да айдаана-дарбаана суох, сэмэй буолааччы»,- диэн киэн туттар биир дойдулаахпыт Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа эппитинии, норуокка туһалааҕы, дьоһуну, кэрэни айа сылдьар «Далбар эбээлэр» түмсүү сүрдээх элбэҕи, үйэлээҕи айан-тутан кэлбиттэрэ хайыы үйэ 15 сыл буолбут эбит. Кинилэр бары элбэх оҕолоох ийэлэр, элбэх сиэн тапталлаах эбэлэрэ буолаллар. Ол эрэн, күннээҕи дьиэ түбүгүттэн быыс булан, нэһилиэк араас тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттан, сэргэхситэллэрин, түмсэн олорон, араас тиэмэлэргэ кыбытык иис ньыматынан көбүөр тигэн, быыстапкаларга кытталларын, Харбалаахпытын ааттаталларын киһи эрэ сөҕөр-махтайар. Үгүс үлэлэрин нэһилиэкпит тэрилтэлэригэр алгыһы кытта бэлэх ууммуттара үтүө киэргэл-ымыы буолан, араҥаччылыы турара киһини үөрдэр.
«Далбар эбээлэр» түмсүү үлэтин сүрүн сыала саха ииһин тилиннэрии, ону үүнэр көлүөнэҕэ бэлэх гынан хаалларыы, үтүөнү-кэрэни кэрэхсииргэ угуйуу, уһуйуу буолар. Кинилэр бу түмсүүлэригэр бары биир халыыптаах сахалыы таҥас хастыы да кэмпилиэгин тигиннилэр, ону таһынан, сахалыы сону оһуордаан-бичиктээн тиктибиттэрэ нэһилиэкпит кэрэ аҥаардарыгар үтүө холобур буолан, умсугутар, абылыыр, үтүктээччи сыл аайы элбээн иһэриттэн киһи эрэ астынар.
Бу түмсүүнү педагогическай үлэ бэтэрээнэ СӨ үөрэҕириитин туйгуна Надежда Степановна Терякова салайар. Кини сыллата аайы эргийэн кэлэр үбүлүөйдээх күннэргэ анаан дириҥ ис хоһоонноох былааны сүрүннүүр. Спонсордары кытта быһаччы үлэлэһэн, араас матырыйаалы булар -талар. Уонна дьэ күннэтэ кэриэтэ түмсэн, иис үлэтэ оргуйа түһэр.
Эбээлэр барахсаттар ииһинэн эрэ муҥурдамматтар, хомус тардан, ырыа арааһын үөрэтэн ыллаан, сыанаттан түспэт идэлээхтэр. Өссө анал дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар араҥаччылыыр сиэткэлэри, сылаас таҥаһы тигэн тиксэрээччилэр эмиэ кинилэр.Самаан сайын ыһыаҕын алгыһын түһүлгэтин төрүттээччилэр эмиэ кинилэр.
Кинилэр бу айымньылаах үлэлэрин үйэтитэн, 3 альбом кинигэни бэлиэ күннэригэр анаан, бэчээттэтэн испиттэрэ олус хайҕаллаах!
«Далбар эбээлэр» көхтөөх түмсүү үтүө холобурун батыһан, биһиги Харбалаахпытыгар араас хайысханан дьарыктанар элбэх түмсүү баар буолла.
Бүгүн нэһилиэк дьоно сынньалаҥ киинигэр түмсэн, үбүлүөйдээх «Далбар эбээлэр» түмсүүнү чиэстээтилэр, эҕэрдэлээтилэр. Баҕа санаа бастыҥын эттилэр, араас бэлэхтэри туттардылар, түмсүү үлэтэ сөҕүрүйбэккэ, өссө иккис тыыны ылан, уһуйуунан дьарыктанан, эдэрдэргэ сүбэ-соргу буола турарыгар үтүө баҕаларын тиэртилэр. Дьоро киэһэҕэ ыаллыы сытар Чычымахтан, Чымнаайыттан иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ кэлэн, ыалдьыттаан, бэйэлэрин үлэлэрин туһунан кэпсээбиттэрэ, «Далбар эбээлэри» эҕэрдэлээн, ырыа ыллаабыттара бу кэрэ түгэни ордук дириҥ ис хоһоонноото.
Араас быыстапкаларга, күөн күрэстэргэ туран, бар дьону үөрдүбүт «Далбар Эбээлэрбит» дьоһун үлэлэрэ сынньалаҥ киинин иһигэр тилэри тардыллан, үгүс үөрүүнү бэлэхтээтэ, киэн туттуу иһирэх иэйиитинэн ыга кууста. Ытыктабыллаах эбээлэрбит, кырдьары-ыалдьары киэр кыйдаан, куруук үөрэ-көтө сылдьыҥ, үйэлээҕи айыҥ-тутуҥ!
Валентина Кривошапкина, Харбалаах, Таатта