«Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы кыһыҥҥы спортивнай оонньууларга саамай элбэх ситиһиилээх спортсменнартан биирдэстэрэ – Ли Ёнжэ. Кини Кореяттан сылдьар, Сеул куоракка олорор.
16 саастаах кореец шорт-трек көрүҥэр уолаттарга уһулуччу көрдөрүүлээх. Ол курдук, 500 миэтэрэҕэ кыһыл көмүс, 1000 м боруонса, 1500 м үрүҥ көмүс мэтээллэр хаһаайына буолла.
—Мин бу оонньуулары олус сөбүлээтим. “Азия оҕолоро” миэхэ умнуллубат кэрэ түгэннэри бэлэхтээтэ, билиибин хаҥатта уонна кыахпын тургутан көрөрбөр кыаҕы биэрдэ. Араас дойду спортсменнарын кытары күрэхтэһэр долгутуулаах эбит. Тоҕо диэтэххэ, дойдугун аатын көмүскүүгүн, чиэһин түһэн биэрбэт гына кыттыахтааххын. Барыларын кытта билистим, сорох уолаттардыын бу 10 хонук иһигэр доҕордуу буола оҕустубут. 500 миэтэрэҕэ бастакынан биэтэккэ кэлбиппин хаһан да умнуом суоҕа! Дьоллоох түгэн этэ! – диэн кэпсиир Ли Ёнжэ.
Ли Ёнжэҕэ норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах бу бастакы күрэхтэһиитэ буолар. Кини иллэҥ кэмигэр көмпүүтэргэ “League of Legends” уонна “PUBG” оонньуурун сөбүлүүр эбит.
—Шорт-треккэ саамай сүрүнэ стратегияҕа уонна хаҥкылыыр тиэхиньикэҕэ үлэлэһии буолар. Мин күн аайы иккитэ дьарыктанабын: сарсыарда 5 чаастан 9-ка уонна киэһэ 16.00-21.00 ч. диэри. Спорт бу көрүҥэ киһини эт-хаан, өй-санаа өттүнэн күүстээх, тулуурдаах буоларга үөрэтэр.
Оттон эн, күндү ааҕааччым, ситиһиилээх буолуоххун баҕарар буоллаххына, Ли Ёнжэ курдук күн аайы бэйэҕин сайыннарарга үлэлэс. Ким дьаныардаахтык дьарыктанар – ол ситиһиилэнэр.
Евдокия Михайлова.