Саха норуотун поэта, оҕо суруйааччыта Иван Васильевич Мигалкин хас биирдии айымньытын норуот өйө-санаата сайдарыгар анаабыта.
Саха өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев ону туоһулаан, махтанан туран Иван Васильевичка уонна кини кэргэнигэр Зоя Васильевнаҕа «Родом с Севера» диэн кинигэтин бэлэхтээбит.
Бу кинигэҕэ Михаил Ефимович Мигалкиннарга анаан маннык суруйбут:
«Зоя уонна Уйбаан Мигалкиннарга, улаханнык ытыктыыр уонна убаастыыр дьоммор, норуот өй санаа өттүнэн сайдарыгар уһулуччу оруолгутугар сүгүрүйэбин. Дьоллоох уһун үйэлээх буолун. 22.08.09 с. Михаил Николаев».
2019 сыл алтынньы 24 күнүгэр Москва куоракка Иван Васильевич Мигалкин 65 сааһын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ биһиги Бастакы Президеммит кини туһунан олус үчүгэйдик эппит. Ол эппит тылларын ис хоһооно маннык:
https://t.me/keskil_media2020/13743
https://vk.com/wall-199463452_24670
Поэзия – литература саамай уустук жанра. Биһиги Саха сиригэр алмаас көрдүүбүт. Биир караты буларга – ол 0,3 гр. – сир анныттан биэс куубу хостуохпутун наада. Ити курдук биһиги эмиэ талааннары көрдүүбүт. Сандаарыы, сырдык (озарение) диэн өйдөбүл баар. Оннук сандаарыыны, сырдыгы (озарениены) баһылаабыт поэттар аҕыйахтар. Аҕыйах ахсааннаах дьоннор ортолоругар сырдыгы баһылаабыт поэттартан биирдэстэрэ биһиги юблярбыт буолар.
Михаил Ефимович итинник нууччалыы эппитин сахалыы тылбаастаатым.
Бастакы Президеммыт Михаил Ефимович Николаев Иван Мигалкины итинник үрдүктүк сыаналыыр, билинэр этэ. Онон биһиги, Иван Мигалкин биир дойдулаахтара, кининэн киэн туттуохтаахпыт, өйдүү-саныы сылдьыахтаахпыт.
Снежанна ГОТОВЦЕВА, VIII кылаас,
«Байаҕантай кэскиллэрэ» юнкор пост,
М.Н. Готовцев аатынан Танда орто оскуолата, Уус Алдан
Хаартыскалар норуот поэта И.В. Мигалкин тус архыыбыттан