Бүгүҥҥү, сэтинньи 11 күнүнээҕи, төрөөбүт тылынан тахсар «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» дьарык «Чиэһинэй быһыы — сайдыыга кылаат» диэн тиэмэҕэ ананан ыытылынна. Бу туһунан Майатааҕы В.П. Ларионов аатынан орто оскуола 8а кылааһын үөрэнээччилэрэ уонна кинилэр салайааччылара бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр, дьарык хайдах ааспытын туһунан сырдаттылар.
Вова РОЖИН, Майатааҕы В.П. Ларионов аатынан орто оскуола 8а кылаас үөрэнээччитэ:
Бүгүҥҥү “Дьоһуннааҕы кэпсэтии” уруогуттан тус бэйэм олус элбэҕи биллим дии саныыбын. Хас биирдии Арассыыйаҕа олорор киһи нолуок төлүөхтээх. Нолуок төлөбүрэ киһи-киһиэхэ араас буоларын биллим. Ол курдук, үлэлиир киһи дохуодуттан, олорор дьиэтиттэн, оннооҕор массынатыттан тутулуктаах.
Лилиана АФАНАСЬЕВА, Майатааҕы В.П. Ларионов аатынан орто оскуола 8а кылаас үөрэнээччитэ:
Биһиги бу кылаас чааһыгар Далан “Дьикти саас” айымньытыттан тиэмэҕэ сөп түбэһэр холобур көрдүбүт. Сэһэҥҥэ биир оҕо дьиэҕэ үлэтигэр өйтөн суруйууну суруйбакка киинэ көрө барарга сананар уонна кэлин устан ылыам дии саныыр. Ол гынан баран учууталын, саамай сүрүнэ, бэйэтин иннигэр чиэһинэй буолар быһыыттан устубакка бэйэтэ суруйарын талла. Бу быһыыттан киһи чиэһинэй буолара ордугун өйдөөтүм. Бэйэҥ Дойдугар гражданин быһыытынан хайдах гынан туһалаах киһи буолуохха сөбүн биллим. Гражданин буоларым быһыытынан нолуок төлүөхтээхпин. Ону таһынан, арай эмискэ уулуссаҕа суолга харчы сытарын көрдөхпүтүнэ хайаан да хаһаайыныгар тиксэриэхтээхпит. Чиэһинэй, суобастаах быһыыны оҥоруохтаахпыт.
Мария Дмитриевна ФИЛИППОВА, Майатааҕы В.П. Ларионов аатынан орто оскуола 8а кылаас салайааччыта:
Бүгүн, сэтинньи 11 күнүгэр, биһиэхэ “Дьоһуннааҕы кэпсэтии” уруокпут тиэмэтэ “Чиэһинэй быһыы – сайдыыга кылаат” диэн. 30 эрэ мүнүүтэ иһигэр ыытыллар дьарыкка олус элбэх информация биир сиргэ түмүллүбүтэ кэрэхсэтэр. Презентацията оҕо хараҕын тардар дьэрэкээн ойуулаах, интерактивнай сорудахтаах, садаачалаах, ол холобура быһаарыылаах, видеолаах, Далан “Дьикти саас” сэһэниттэн быһа тардыыны холобур курдук киллэрэн олус үчүгэй кылаас чааһа буолан ааста. Оҕолор өйдөөбүттэрэ буолуо диэммин эрэнэбин. Ыарырҕатыым диэн нолуок ыстатыйаларыгар эбит. Урут билбэтэхпин материалллартан көрөммүн туһанным. Билигин оҕолор даҕаны, улахан да дьон нуучалыы саҥарарга охтобут. Нолуок туһунан научнай терминнэри туһанарбар ыарахаттары көрүстүм. Бэйэм уруоктан саҥа нолуок төлөбүрүн, 57 ыстатыйа туһунан биллим. Оҕолор бу тиэмэҕэ интэриэстээхтэрин бэлиэтии көрөммүн үөрдүм.
В.П. Ларионов аатынан орто оскуола «Мэҥэбил» пресс-киинэ,
Майа, Мэҥэ Хаҥалас