Мин 2-с Хаҥалас нэһилиэгин Слепцовтар Согдьообул аҕа ууһуттан төрүттээхпин.
3-с хос эһэм Иван Архипович Слепцов (Бакан) 1827 сыллаахха төрөөбүт. Икки кэргэннээх, уопсайа 9 оҕолоох эбит. 1865-69 сылларга Дүөнсэ учаастагар нэһилиэк старостата этэ.
Ол кэмҥэ Вацлав Леопольдович Серошевскайы Орто Халыма улууһун 2-с Хаҥалас нэһилиэгигэр Дүөнсэ диэн учаастакка сыылкаҕа ыыппыттар уонна Бакан дьиэтигэр дьуккаахтатан олордубуттар. Онно олорон кини «Якуты» диэн сахалар олохторун арыйбыт монографиятын саҕалаабыта.
Серошевскай 3-с хос эһэбэр олорон кини оҕолорун үөрэппит. Атыыга-эргиэҥҥэ, олох-дьаһах оҥоһуутугар, сахалыы урууга тэҥҥэ сылдьыспыт. Бакан Серошевскайга сахалар итэҕэллэрин туһунан, сахалыы кэпсээннэри, төрүттэрин туһунан кэпсиир эбит. Ону таһынан, Серошевскай Бакан Ньуустар диэн уолун, Баканныын сылдьыспыт уруутун ойуулаабыта «Якуты» кинигэҕэ киирбит.
Иннэ гынан, үөрэхтээхтэр этэллэринэн, Орто Халымаҕа тиийэн Серошевскай этнографическай научнай үлэтин саҕалыырга, хомуйарга санаммыт. Онуоха мин 3-с хос эһэм Бакан улахан өҥөнү оҥорбут.
Мин иккис хос эһэм — Митрофан Иванович — Отойуус, Бакан уола, 1887 сыллаах төрүөх. Олоҥхоһут. Кууруска үөрэнэн сүөһүнү эмтиир ветеринар буолбут. Урукку алпаабытынан наадатын ааҕар, суруйар үһү. Бастакы кэргэнэ Варвара Спиридоновна 9-с оҕотун төрөтөөт бу олохтон туораабыт. Онтон Егор уонна Мария диэн икки оҕолоох, Софья Николаевнаны кэргэн ылан өссө үс оҕону төрөтөр – Митрофан, Елена, Николай. Онон уопсайа 14 оҕолонор.
Мин хос эһэм Иван Митрофанович 1927 сыллаахха төрүүр. Булчут, холкуос бастыҥ түүлээхситэ. Кэлин ыарытыйан сылгыһыттаабыт, балыктаабыт этэ. Кини кэргэнэ – мин хос эбээм Матрена Николаевна, кинилэр 7 оҕолоохтор, олортон биирдэстэрэ – Никитина Людмила Ивановна – мин ийэм өттүнэн эбээм буолар.
Бу төрүччүнү биһиги Иван Архипов Бакантан саҕалаан кини оҕолорун (9 киһи), сиэннэрин (27 киһи), хос сиэннэрин (68 киһи), иккис хос сиэннэрин (145 киһи), үһүс хос сиэннэрин (154 киһи), төрдүс хос сиэннэрин (55 киһи) хомуйан оҥордубут. Барыта 458 киһи киирдэ. Билигин даҕаны төрүччүбүтүгэр эбии дьон ааттара, саҥа төрөөбүт оҕолор, сибээс туппат, эбэтэр биллибэт дьон дьиэ кэргэннэрэ киирэрэ хаалла. Төрүччүнү мин эбэм уонна эбэм балтыта Светалана Ивановна 2005 сылтан саҕалаан хомуйан оҥорбуттара.
Төрүччүбүтүн тутан олорон көрөргө табыгастаах буоларын курдук кыра буклет-кинигэ оҥордубут. Бу буклеппыт бу сыдьаан хас биирдии ыалыгар тарҕаныахтаах. Инники кэскил өбүгэлэрин билиэхтээх бириэмэтэ кэллэ.
Мин төрүппүнэн киэн туттабын уонна өссө салҕыы Бакан бииргэ төрөөбүттэрин арыйан, кинилэр олохторун билиэм диэн баҕа санаалаахпын.
Айыына УШАКОВА,
VIII кылаас,
Д.С.Слепцов аатынан Эбээх орто оскуолата,
Орто Халыма
Алина Монастыршина уруһуйдара