Аҕа дойду сэриитэ хаарыйан ааспатах ыала, нэһилиэгэ суоҕа буолуо. Нөөрүктээйи нэһилиэгиттэн уоттаах сэриигэ 235 киһи ыҥырыллан барбытыттан кыайыы кынаттаах 119 буойун эргиллэн кэлбитэ.
Сэрии ыар тыынын билбит аҕа көлүөнэ аймах дьоммутун, сэриигэ уол оҕолорун атаарбыт ийэни, уоттаах сэриигэ кыргыспыт, үлэ фронугар, тыылга хара көлөһүннэрин тоҕон кыайыыны уһансыбыт аҕаларбытын, эһэлэрбитин ахтар-саныыр ытык иэспит.
Сэрии бастакы сылыттан саҕалаан военкомат, сороҕор сельсэбиэт аатыгар сотору-сотору арҕааҥы фроҥҥа сэриилэһэ сылдьар уолаттар өлбүттэрин туһунан хомолтолоох биллэриилэр кэлэннэр бары төрөппүттэри, нэһилиэнньэни улаханнык долгуппуттара. Ордук элбэх оҕолоох ийэлэр, аҕалар аймаммыттара. Олор истэригэр 4 уолун сэриигэ атаарбыт Күн күбэй ийэ Оконешников Федор Макарович кэргэнэ Оконешникова Мотрена Львовна буолар.
Сүөдэр Хараттан Эбиикэлэр (Осиповтар) кыыстарын Мотуруонаны кэргэн ылан, 5 уолламмыттара: Макаров Сэмэн, Дьөгүөр (Тыакаан уус), Миитэрэй Суолтайдарга иитиэх сылдьыбыта, Отчут Лэгэнтэй, кыра уол Сүөдэр. Уолаттар бары бэһиэн киһи астынар үлэһит, уус тарбахтаах дьон буолбуттара.
Сэриигэ 4 уол ыҥырыллан барбытыттан 3 кыайыы кынаттаах эргиллэн кэлбиттэрэ, Дьөгүөр сэрии хонуутугар охтубута. Улахан уол Сэмэн тыылга Улуу Кыайыыны уһансыбыта.
Улахан уол Сэмэн эһэтин Макар оҕонньор аатын ылынан Макаров Сэмэн Федорович буолбута.
Семен Федорович сэрии иннинэ оройуоҥҥа МТС тэрилтэтин бастакы трактористартан биирдэстэрэ. 1939 с. ситиһиилээх үлэтин иһин Москваҕа Бүтүн союзтааҕы норуот хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар сылдьыбыта. Тракторист буолан сэрии кэмигэр тыылга хаалларбыттара, Майа тракторнай станциятыгар үлэлээбитэ. Холкуостары кэрийэ сылдьан, бурдуктарын сирин тартарара, бурдук ыһара. Сэрии аас-туор сылларыгар бырааттарын кэргэттэригэр, аймахтарыгар күүс-көмө буолбута.
Кини уола Макаров Егор Семенович 1924 сыллаахха Нөөрүктээйи нэһилиэгин Улуу сыһыытыгар төрөөбүт.
Егор Семенович Макаров Нөөрүктээйи биир бастыҥ ыччата этэ. Армияҕа 1942 сыллаахха ыҥырыллан, Чита уобалаһыгар баар байыаннай чааска түбэһэр. Япония сэриитигэр пулеметчигынан сылдьар. «Хорсунун иһин» хас да бойобуой мэтээллэрдээх төннөр. Сэрииттэн кэлэн олоҕу чөлүгэр түһэриигэ үлэ үөһүгэр түһэр. «Германияны кыайыы иһин», «Японияны кыайыы иһин», «Аҕа дойду сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллэрдээх.
Оконешников Егор Федорович
Дьөгүөр (Тыакаан уус) – иккис уол. Сэрии буолуон иннинэ «Саҥа олох» холкуоска тимир уонна мас ууһунан үлэлээбит. Сергеева Александра Сергеевнаны кытта ыал буолан 1936 сыллаахха Миша диэн уол оҕону төрөппүттэр.
Егор мас ууһа эрэ буолбатах этэ. Оччотооҕу кэмҥэ от, бурдук техникаларын саппаас чааһа суох эбит. Онон Егор араастаан иһэрдэн, салҕаан, таптайан оҥорор үһү.
Дьөгүөр сэриигэ бырааттарын Лэгэнтэйи уонна Сүөдэри кытта бэс ыйын 29 күнүгэр 1942 сыллаахха ыҥырыллыбыттар. Ржев – Вязьма кыргыһыытыгар бааһыран кулун тутар 3 күнүгэр 1943 сыллаахха №444 эвакуационнай госпитальга эмтэнэ сытан өлбүтэ. Көмүс уҥуоҕа Тульскай уобаласка Ефремов куоракка хараллан сытар. Хомойуох иһин, соҕотох уола, Миша 1947 сыллаахха эмискэ ыалдьан олохтон туораабыт. Кэргэнэ Өлөксөөс аҕыйах сыл буолан баран эмиэ өлбүт.
Павлов Дмитрий Степанович
Павлов Дмитрий Степанович, 1904 сыллаахха төрөөбүт, Оконешниковтар үһүс уоллара. Павлов Ыстапаан-Суолтай диэн ыалга иитиэххэ баран Павлов буолбут.
Сэрии иннинэ холкуос араас үлэтигэр сылгыһытынан, болуотунньугунан, оһохчутунан үлэлиир. Мооро халдьаайытыгар саҥа бөһүөлэги тутуспута, дьиэлэргэ оһох оҥорсубута. «Оһохчут Миитээ» диэн аатырбыта.
1943с. саас военкоматтан повестканы тутар. Сулууспата Советскай Армияны атынан хааччыйыы эбит. Онон сулууспалыыр сирдэригэр тиийээт, олорор дьиэлэри, землянкалары, сэргэ, аттарга күрүө, эмтиир, бэчээттиир тэриллэри оҥорбуттар. Сылгылары Монголияттан ылаллар эбит. Монголия уонна бэйэлэрин кыраныыссаларын быыһыттан тиийэн 1000-1200-1300 сылгыны үүрэн аҕалан түүннэри-күннэри, сайыннары-кыһыннары маныыллара. 500-түү сылгыны поездка уган фроҥҥа атаараллара. Сулууспалаабытын үс сылын устатыгар кинилэр 70-ча тыһыынча сылгыны фроҥҥа атаарбыттар. Сайын аайы олохтоох холкулстарга от оттоон көмөлөһөллөрө.
Армияттан 1945 с. алтынньыга демобилизациялан дойдутугар эргиллэн кэлбит, салгыы холкуоһугар үлэлээбит. Тутууга, онтон 1950 сылтан 15-16 сыл эҥкилэ суох холкуос оҕуруотун биригэдьииринэн үлэлээбит.
Саха Мичурина, Государственнай премия лауреата М.Г.Егоровтыын бииргэ үлэлээбит, биригэдьиирдээбит. Үлэҕэ үрдүк көрдөрүүлэрин иһин ВДНХ-ҕа кыттан кэлэр чиэскэ тиксибитэ.
Дмитрий Степанович кэргэнинээн Евдокия Петровналыын – Огдооччуйалыын эйэ-дэмнээхтик 64 сыл олорбуттара.
Элбэхтэ оҕоломмуттарыттан 4 оҕо хаалан, ыал буолан оҕолонон – урууланан билигин сиэннэрэ, хос сиэннэрэ эһэлээх эбэлэрин олохторун салҕыыллар.
Наҕараадалара: «Үлэ Кыһыл Знамята» орден кавалера, «Аҕа дойду Улуу сэриитин 1941-1945 сс килбиэннээх үлэтин иһин», «Германияны кыайыы иһин», Кыайыы үбүлүөйдээх мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Нөөрүктээйи нэһилиэгин, Мэҥэ Хаҥалас оройуонун бочуоттаах гражданина, «Бочуот кинигэлэригэр» киллэриллибитэ.
Оконешников Иннокентий Федорович
Иннокентий Федорович Оконешниковтарга атырдьах ыйын 14 күнүгэр 1906 сыллаахха Улуу Сыһыы диэн сиргэ 4-с уол оҕонон төрөөбүт. Кини 6 сааһыттан улахан дьону кытта хотуур тутан от охсон оттоһор буолбут. Онон «Отчут Лэгэнтэй» диэн таптал ааттаммыт. Ол курдук олох кыра сааһыттан от-мас үлэтигэр эриллэн-мускуллан улааппыт. Анал үөрэҕэ суох да буоллар лигбиэскэ үөрэнэн олус диэн үчүгэй суруксут уонна суотчут буолбут. Кини колхозка үксүн сүөһү биригэдьииринэн үлэлээбитэ.
Хараттан төрүттээх Лукина Татьяна Ионовна диэн кыыһы кэргэн ылан оҕолонон-урууланан, ийэтин илдьэ ыал буолан олордохторуна алдьархайдаах Аҕа дойду сэриитэ туран сэтинньи ый 4 күнүгэр 1941 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллан Арҕаа фроҥҥа Курскай туһаайыытынан уоттаах сэриигэ кыттар. 1943 сыллаахха илиитигэр бааһыран дойдутугар төннөн кэлбит. Ол кэлбитин кэннэ ыарахан ыарыыттан кыыһа, кэргэнэ, ийэтэ утуу-субуу өлбүттэр.Үс чугас дьонун көмөн баран иккиһин ыҥырыллан фроҥҥа барар. Онон соҕотох хаалбыт уол оҕотун аймахтарыгар көрүүгэ-харайыыга хаалларан хос сэриигэ баран коннай депоҕа сулууспатын салҕыыр.
Өрөгөйдөөх кыайыы буолбутун кэннэ 1945 сыллаахха ыам ыйын 16 күнүгэр эфрейтор званиятын иҥэрэллэр, запаска тахсан алтынньы ый 5 күнүгэр этэҥҥэ дойдутугар эргиллэн кэлэр. Кэлээт да үлэ үөһүгэр түһэр. Колхозка, совхозка өр сылларга субан сүөһү биригэдьииринэн таһаарыылаахтык үлэлээбит
Иккистээн олоҕун оҥостон Хатас Баҕарыттан төрүттээх Заровняева Прасковья Николаевна диэн кыыһы кэргэн ылар. Биэс оҕону төрөтөн, улаатыннаран, үөрэттэрбиттэрэ. Оҕолоро бары Нөөрүктэээйи сиригэр – уотугар улэлээн – хамсаан, тэнийэн олороллор.
Киһи быһыытынан сытыары – сымнаҕас майгылаах, элбэх саҥата суох, 40чэ сыл Коммунистическай Партия бэриниилээх чилиэнэ, бэйэтин үлэҕэ дьоҕуурунан, дьоҥҥо – олоххо сыһыанынан, үтүө майгытынан оҕолоругар үтүө холобур буолар.
Иннокентий Федорович үтүө суобастаах үлэтин учуоттаан наҕараадаламмыт мэтээллэрэ: “За долголетний добросовестный труд”, “Ветеран труда”, “За доблестный труд 100-летия со дня рождения В.И.Ленина”, “За Победу Германией Великой Отечественной войне”, “Ударник Коммунистического труда”.
Оконешников Федор Федорович
1919 сыллаахха муус устар 20 күнүгэр Улуу Сыһыыга төрөөбүт. Сэрии иннигэр «Саҥа олох» колхозка араас үлэҕэ үлэлээбит. Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар сылдьыбыт. Үөрэҕэ суохтары үөрэхтээһин күргүөмнээх үлэтигэр кыттыбыта. 1936-37 сс. Киэһээҥҥи оскуола арыллыбыта, онно үлэ кэнниттэн «Илин Төҥүргэстээххэ» совет хонтуоратыгар икки кылаастаах оскуолаҕа Федор Федорович үөрэппитэ. Онон 1937 с. күһүн нэһилиэккэ биэс уон саастарыгар диэри саастаах дьон бары ааҕар, суруйар, суоттуур буоланнар нэһилиэк үрдүнэн государственнай актаны ылбыттар.
1942 с. бэс ыйын 29 күнүгэр Советскай Армияҕа ыҥырыллыбыт. Барбыт эшелонугар үксэ сахалар эбит, кини оройуонунан дьоно уонна нэһилиэгин эдэр ыччата бу барыыга бары кэриэтэ барбыт. Кини чугас аймахтара, бииргэ төрөөбүт убайа Егор баар эбит.
Барыларын тутуһуннарбытынан Челябинскай уобаласка Чебаркуль диэн станцияҕа (Уралга) тириэрпиттэр, онтон тус-туспа чааска тарҕаппыттар. Федор Федорович 72-с запасной артиллерискай полка младшай командир үөрэҕэр курсант быһыытынан түбэһэн биир ый курдук үөрэнэн иһэн оборуонаҕа ыыппыттар, ол 1942 с.от ыйа эбит. 712 стрелковай полкаҕа сахаттан 4 киһи эбиттэр, кини, Игнатьев Петр Захарович (Тыа Хаптайа), Алексеев Дмитрий (Хордоҥсо уола), Дмитриев Николай Егорович (Ходоро).
1943 с. тохсунньу 26 күнүгэр оборуонаны алдьатан Курскай, Орловскай уобаластар нэһилиэнньэлээх пууннарын босхолооһуҥҥа сылдьыбыт, өстөөх күүстээх утарсыытын көрсөллөрө, өстөөх куоратыгар кинилэр дойдуларын тутууларын, дэриэбинэлэрин уоттаах күл-көмөр оҥорон иһэрэ. Бу иһэннэр 1943 с. тохсунньу 30 күнүгэр уҥа илиитинэн бааһыран госпитальга барбыт.
1943 с. ыам ыйын 7 күнүгэр иккиһин фроҥҥа барбыт. Бу сырыыга үһүс Беларусскай фроҥҥа 208-с стрелковай полк, онтон 1136 стрелковай полк ПТР взводугар наводчик быһыытынан.
Ол кэнниттэн Федор Федорович туһааннах эбээһинэһин таһынан командирыгар связной эбээһинэһин толороро. Ол курдук 3 ый устата Смоленскай уобалаһы босхолуур кырыктаах кыргыһыыга сылдьыспыт, ол иһигэр биир бириэмэҕэ ПТР-нан икки өстөөх огневой туочукатын суох оҥорбут иһин “За отвагу” мэтээлинэн наҕараадалаабыттар.
Ини-бии Оконешниковтар, көрсүө-сэмэй майгылаах, сүрдээх сүрэхтээх, үлэһит, ураты мындыр дьон этилэр. Өбүгэ саҕаттан ыла мас, тимир уустара. Бэйэ-бэйэлэригэр олус истиҥ сыһыаннаах, эйэлээх эбиттэр. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Ийэ дойдуларын чиэстээхтик көмүскээбиттэр. Сэрииттэн эргиллэн кэлэн эйэлээх олоҕу тутууга, дойдуну чөлүгэр түһэриигэ хорутуулаахтык үлэлээбиттэр. Ыал буолан элбэх оҕоломмуттар-урууламмыттар, күндүтүк ахтар-саныыр ыччаттардаахтар.
В.Н.Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын медиа киинэ