Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр Е.Е. Захаров-Хомсомуол Дьөгүөр төрөөбүтэ 90 сылыгар анаммыт Комсомол күнүгэр эдэр коллекционер, Л.В. Киренскэй аатынан Амматааҕы лиссиэй VIII «Б» кылааһын үөрэнээччитин Өркөн Солдатовы көрсөн интервью ыллым. https://t.me/keskil_media2020/13524
– Үтүө күнүнэн, Өркөн, эн санааҕар, комсомол диэн кимий?
– Мин санаабар, комсомол диэн чиэһинэй, биир санаалаах киһи. Биһиги төрөппүттэрбит, эбэлэрбит, эһэлэрбит комсомол кэккэтигэр улааппыттара.
Ол иһин биһиги Комсомол күнүн, кини кэккэтигэр иитиллибит дьону убаастыахтаахпыт.
– Өркөн, эн былыргы малы-салы таҥаска тиийэ мунньар эбиккин, итиннэ ким күүс-көмө буоларый?
– Бастатан туран мин былыргы малы-салы мунньарга чугас дьонум, аймахтарым, эдьиийдэрим көмөлөһөллөр, өйүүллэр. Мин былыргы маллары 13 сааспыттан мунньан саҕалаабытым. Коллециябар саамай былыргы мал –1949 сыллаах патефон. Бу патефону Иркутскай куораттан эдьиийим аҕалан бэлэхтээбитэ. Ону бүгүн көрдөрүүгэ, тыаһата аҕаллым.
– Аныгы үйэҕэ эн саастыы былыргы малы мунньар оҕо аҕыйах. Онтон эйиэхэ былыргы малга иккис тыын биэрэрин туох санааттан кэлэрий?
– Миэхэ былыргыны мунньар наһаа үчүгэй. Маннык мунньарым миэхэ саҥаны, сонуну булан көрөрбөр, арыйарбар көмөлөһөр. Бэйэм саастыылаахтарбар дьоҥҥут былыргы малын-салын быраҕымаҥ, кинилэргэ иккис тыынна бэлэхтээн диэн этиэм этэ. Былыргы да малга саҥаны, сонуну булан көрүөххэ сөп.
Кырдьык даҕаны, Өркөн аҕалан иһитиннэрбит патефонуттан былыргы ырыалар иһиллибиттэрэ ураты эйгэни үөскэттэ. Киһи ону истэ туран санаата уоскуйар. Ону тэҥэ өбүгэлэрбит туттубут малларын, кинилэр историяларын кытта алтыһан аастыбыт. Өркөн курдук оҕолор былыргы мал нөҥүө олох историятын билиһиннэрэллэрэ олус үчүгэй. Бу буоллаҕа дии урукку олох историятын көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тириэрдии диэн. Өркөн, маннык дириҥ санааны иҥэрбиккэр махтал!
Эрчим НИКОЛАЕВ, IX кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма
Ааптар хаартыскалара, видеота