2010 сыллаахха от ыйын 16 күнүгэр аан бастаан «Хаҥалас улууһа» муниципальнай тэриллии дьаһалтатын баһылыга А.С. Владимиров быһаччы өйөбүлүнэн тахсыбыт «Көмүөл» испэктээкил (режиссер Андрей Борисов) көрөөччү уйан дууһатын кылларын таарыйан, толкуйдатан, саала иһэ мэлдьи тобус-толору көрөөччүлээх, ситиһиилээхтик ааһар. Алтынньы 27 күнүгэр үбүлүөйдээх «Көмүс устуудьуйа» 50 сылын чэрчитинэн режиссер Андрей Борисов бастыҥ туруорууларыттан биирдэстэрэ «Көмүөл» испэктээкил ССРС уонна А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата, Россия үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыһа Герасим Васильев 75 сааһын туолар үбүлүөйүгэр ананна.
Герасим Васильев оонньообут оруоллара: «Суоһалдьыйа Толбоннооххо» Чайыҥда, «Хаарыан хампа күөх кытылым» — Мылгун, «Дойду оҕото Дорогуунап Ньукулай» — Дорогуунап Ньукулай, «Ойуун түүлэ» — Ойуун, «Эргиллиэм хайаан да» — «Манньыаттаах» уо.д.а. Аан бастаан оҕо сааспар көрбүт испэктээкиллэрбиттэн биирдэстэрэ — «Дойду оҕото Дорогуунап Ньукулай». Онно Герасим Васильев Дорогуунап Ньукулайы оонньуурун өйдөөн хаалбытым. Тыйаатыр миэхэ сол кэмтэн кэрэлиин алтыһар баҕам кыната буолбута. Онтон «Хаарыан хампа күөх кытылын», «Ойуун түүлүн», «Илиир Хоруолу» хаста эмэтэ көрөн, тыйаатыр кэрэ эйгэтигэр абылатан, умсугуйан… Герасим Васильев оонньуур бары испэктээкиллэригэр хас биирдии оруолун чаҕылхайдык толору арыйар, көрөөччүгэ итэҕэтиилээхтик өйдөнөн хаалар уратылаах.
ХХ үйэ холоруктуу ытыллар дьалхааныгар саха интеллигенцията, ол иһигэр Ксенофонтовтар кыргыллан, ыар дьылҕаламмыттара, сырдык тыыннара быстыбыта. «Көмүөл» испэктээккэ оҕолорун уустук дьылҕаларын өйүнэн-сүрэҕинэн аһарар аҕа Баһылай Микииппэрэбис оруолун Герасим Васильев кырдьыктаахтык оонньуур. Оҕолорун сүтэрбит аҕа монолога оонньуу биир бэлиэ, күүстээх түгэнэ. «Көмүөл» — көрөөччүнү таарыйар, долгутар, толкуйдатар олус сатаммыт туруоруу.
«Көмүөлү» туруорбут режиссер, Саха тыйаатырын уус-уран салайааччыта, Россия норуодунай артыыһа, ССРС, РФ, СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата Андрей Борисов:
– Москваҕа бииргэ үөрэммит үөлээннээҕим, Россия үтүөлээх артыыһа, Герасим Васильев 75 сааһын туолла. Бу күннэргэ Индия премьер-миниистирэ Нарендра Моди «Говорю от всего сердца» радионан биэриигэ ыраах хоту сытар Саха сиригэр Олоҥхо тыйаатыра Калидаса «Абхиджняна-Шакунтала» поэматынан «Сахаанталаны» туруорбутун туһунан сөҕөн-махтайан кэпсээтэ. Олоҥхо тыйаатыра үөскүүрүгэр, сайдарыгар Герасим Васильев улахан оруоллаах. Кини хайдахтаах курдук эппиэттээх оруоллары оонньоон кэллэ? Ыллаан-туойан бардаҕына, куту-сүрү долгутар. Улуу Кудаҥсаҕа Ойуунускай, «Хаарыан хампа күөх кытылым» испэктээккэ Мылгун буолан дьигиһийэн турара, ити трагедияны оонньуура сүрдээх. «Бүдүрүйбүт — көммөт» трагедияҕа хараҕын чирэччи көрөн турара бу баар.
Афанасий Ноев, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ:
— Быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо-аймах сыла. «Көмүөл» — сахалар дьиэ кэргэнинэн хайдах тэринэн, оҕо иитиитинэн дьарыктанан кэлбиппитин көрдөрөр дьоһун туруоруу. Харысхал суруйуутугар, Андрей Борисов туруоруутугар «Көмүөл» испэктээкили орто уонна эдэр көлүөнэ дьону иитиигэ өрүүтүн сырдык сулус быһыытынан ылынабыт. Чулуу дьоммут ааттара үйэтитиллэ турара көстөр.
«Көмүөлү» көрө олорон, биир түгэни санаан кэллим: уонтан тахса сыллааҕыта алтынньы ыйга чэпчэтиилээх сурутуу чэрчитинэн бэчээт үлэһиттэрэ Покровскай куоракка барбыппыт. Онуоха ол көрсүһүүгэ сылдьыбыт дьонтон «Кэскил» хаһыаты Ксенофонтовтар сыдьааннара, СӨ үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна Зоя Ивановна Ксенофонтова кэлэн суруйтарбыта. Кини онно кылаабынай редакторбытын Нина Иннокентьевна Протопопованы сураспыта, эҕэрдэтин тиэрпитэ.
Жанна Леонтьева.