Ийэ… Суос соҕотох бу биир тылга
Аан дойду бары кэрэтэ,
Олох салҕанар утаҕа,
Түмүллэн сылдьар быһыыта.
Софрон Данилов
Киһиэхэ саамай күндүттэн күндү Ийэ буолар. Саха сиригэр Ийэ күнэ алтынньы үһүс өрөбүлүгэр, Россия үрдүнэн сэтинньиүһүс өрөбүлүгэр, ол аата сэтинньи 24 күнүгэр бэлиэтэнэр. Мин бүгүн эһиэхэ мин нэһилиэкпэр олорон ааспыт Герой-Ийэлэр туһунан билбиппин эһиэхэ кэпсиэхпин баҕарабын.
Евдокия Иннокентьевна Дьячковская (1929-2021). Амма оройуонугар Хайырҕаска (билигин 2-с Чакыр) төрөөбүт. Холкуоска, сопхуоска оҕуруотчутунан, отчутунан, үлэлээбит. Бастыҥ спортсменка, активистка эбит. Сэрии сылларыгар бастыҥ үлэтин иһин “1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэһитин иһин” мэтээллээх. Үлэ, тыыл бэтэрээнэ. 1952 сыллаахха Афанасий Афанасьевич Неустроевтыын ыал буолбуттар. 10 оҕону төрөппүттэр. «Ийэҕэ Албан аат» уордьан 1 ,2, 3 степеннэрин кавалера. 1977 сыллахха «Герой-Ийэ» аатын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарбыттар.
Мария Фомична Бессонова (Нерлова) (1929-1991). Амма улууһун Сатаҕай нэһилиэгэр төрөөбүт. Сэрии ыар кэмигэр Абаҕаҕа холкуоска үлэлээбит. 1949 сыллаахха Иван Егорович Нерловка кэргэн тахсан Чакырга көһөн кэлбит 8 оҕону төрөтөн олорбуттар. Холкуоска маҥнай ыанньыксытынан, кэлин үүт тутааччынан, Чакырдааҕы медпууҥҥа санитарканан үлэлээбит. «Ийэҕэ Албан аат» уордьан 1, 2, 3 степеннэрин кавалера. 1969 сыллаахха 8 оҕолоох ийэҕэ «Герой-Ийэ» үрдүк аатын туттарбыттар.
Ольга Гаврильевна Алексеева (Васильева) (1930-2014). 1930 сыллаахха кулун тутар 4 күнүгэр Амма оройуонугар Төгүлтэ учаастагар төрөөбүт. Эрдэ тулаайах хаалан, кыра эрдэҕиттэн иитиллибит дьонун кытта бириискэҕэ сылдьыһан, таба сиэтэн мас тиэйиитигэр үлэлэспит. Сэрии сылларыгар үлэлээбитэ сыаналанан, “1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэһитин иһин”, Кыайыы үбүлүөйдээх мэтээллэринэн наҕараадаламмыт. 1953 сыллаахха Сунтаар оройуонун 2- Дьаархааныттан төрүттээх Иван Кононович Алексеевы кытта ыал буолан 10 оҕону төрөппүт. 1977 сыллаахха «Герой-Ийэ» үрдүк аат иҥэриллибит.
Евдокия Арсентьевна Игнатьева (1937-1990). Амма улууһун Соморсун нэһилиэгэр төрөөбүт. Сүөһү көрүүтүгэр, ыанньыксыт быһыытынан холкуос тутаах үлэһитэ этэ. Ыанньыксыттыы сылдьан, таһаарыылаах үлэтин иһин элбэх наҕаарадалары, Бочуотунай грамоталары, Махтал суруктары туппута. Бастыҥ общественник, спортсменка эбит. «Ийэҕэ Албан аата» уордьан 1, 2, 3 степеннэрин кавалера. Анастас Федоровичтыын ыал буолан, элбэх оҕолонон олорбуттар. 11 оҕолоох ийэҕэ 1978 сыллаахха «Герой-Ийэ» үрдүк аата иҥэриллибит.
Матрена Егоровна Петрова (Неустроева) (1939-1993). Амма оройуонун Эмис нэһилиэгэр төрөөбүт. Эрдэ тулаайах хаалан холкуоска, сопхуоска субан сүөһү көрүүтүгэр, ыанньыксыттаан, кэнники бочуоттаах сынньалыҥҥа тахсарын саҕана оскуола интернатыгар түүҥҥү ньээҥкэнэн үлэлээбит. 1957 сыллаахха Лээгиттэн төрүттээх Григорий Николаевич Петровка кэргэн тахсан 11 оҕоломмуттар. «Ийэҕэ Албан аата» уордьан 1, 2, 3 степеннэрин кавалера. 1977 сыллаахха «Герой-Ийэ» аатын туппут.
Ити курдук мин нэһилиэкпэр олорон ааспыт Герой-Ийэлэр туһунан биллим. Кинилэр күүстээх, хорсун санааларын, олох чэлгийэ сайдарын, оҕо-уруу элбиирин туһугар киллэрбит кылааттарын өйдөөтүм, сыаналаатым. Герой-Ийэлэри биһиги холобур оҥостуохтаахпыт.
Айгылаана ПЕТРОВА, VI кылаас, 2-с Чакыр орто оскуолата, Амма