Алтынньы 21-26 күннэригэр Уус Таатта оскуолатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ, Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр Аҕа күннэригэр аналлаах нэдиэлэ буолла. Нэдиэлэ чэрчитинэн Бүтүн Арассыыйатааҕы «Благодарю» аахсыйа ыытылынна.
Манна хас биирдии кылаас «Аҕабынаан походка», «Аҕабынаан айылҕаҕа» видеороликтары оҥордо. Биһиги аҕаларбыт оҕолорун куска илдьэ сылдьан, булт абылаҥар уһуйаллара, тэҥҥэ үлэҕэ илдьэ сылдьан, олоххо бэлэмнииллэрэ оҥоһуллубут видеороликтарга арылхайдык көһүннэ.
«Мин мааны кыыһым», «Мин хорсун уолум» тиэмэҕэ төрөппүттэр өссө уруһуй куонкуруһугар кытыннылар. Кинилэр талааннара барыбытын сөхтөрдө. Ордук оҕолорун майгыларын арыйан, дьүһүннэрин күүскэ майгыннатан Кристина Геннадьевна Васильева, Саргылаана Николаевна Туласынова, Валерия Петровна Чирикова, Игнат Дмитриевич Кутуков , Артем Васильевич Егоров, Зоя Ивановна Баратова уруһуйдаабыттар. Маны таһынан, кылаастар бары «Мин тапталлаах ийэм», «Мин дьиэ кэргэним» альбом-рапорт оҥорон, оскуолабыт кыраайы үөрэтэр түмэлигэр туттардылар.
Нэдиэлэни «Ийэбинээн бииргэ» куонкурус түмүктээтэ. Куонкурус Бүтүн аан дойдутааҕы оскуола библиотекатын күнүгэр ананна. Бастакы түһүмэххэ айымньы геройдарын билиигэ, ийэлэргэ, кыргыттарга аналлаах ыйытыктарга эппиэттээтилэр. Иккис түһүмэххэ алын сүһүөх кылаас оҕолоро остуоруйалар дьоруойдарын, орто, улахан сүһүөх оҕолоро Андрей Чикачев, Иннокентий Корякин хартыыналарын хомулуктарын хомуйдулар. Үһүс түһүмэххэ бибилэтиэкэҕэ аналлаах тиэрминнэри таайыыга, тиэкиһинэн үлэҕэ, предметтэринэн остуоруйалары таайыыга, көтөрдөр саҥаларын, киинэлэр ырыаларын билиигэ, саха, нуучча литературатын суруйааччыларын хартыынанан таайыыга интерактивнай оонньууга оонньоотулар. Бүтэһик түһүмэххэ кумааҕыттан сибэкки оҥорон, хаһыат, сурунаал саһарбыт страницаларынан сибэкки дьөрбөтүн суулаатылар. Түөрт түһүмэх түмүгүнэн алын сүһүөх кылаастарга маҥнайгы кылаас үөрэнээччитэ Ангелина ийэтинээн Юлия Юрьевна Аянитовалыын, орто сүһүөххэ сэттис кылаас үөрэнээччитэ Кэрэмэн Осипов ийэтинээн Алена Альбертовна Неустроевалыын, үрдүкү сүһүөххэ онус кылаас үөрэнээччитэ Дарина Макарова ийэтинээн Любовь Николаевна Макаровалыын инники күөҥҥэ таҕыстылар. Бары кыттыбыт төрөппүттэр хайҕал суругунан наҕараадаланнылар, кылаас төрөппүтүн кэмитиэтин аатыттан сэмэй бэлэхтэри туттулар.
Онон нэдиэлэ сонуннук, сэргэхтик ааста.
Н.Д. Неустроев аатынан Уус Таатта орто оскуолатын медиа бөлөҕө.
keskil14.ru