Суоппар идэтэ чэпчэкитэ суох. Кинилэр баар буолан, биһиги олохпут тэтимнээхтик сайдар, нэһилиэктэр, улуустар, улахан куораттар икки ардыларыгар айан-сырыы олохтонор.
Мин бүгүн эһиэхэ Леонид Иванович Саввин туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Кини – А.А. Черемных аатынан Амматааҕы оҕо искусствотын оскуолатын суоппара. Бу сайын Аммаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар биһигини, “Кэскил” медиа оскуола юнкордарын, олус үчүгэйдик илдьэ сылдьыбыта.
Бу улахан тэрээһини сырдатыыга Леонид Иванович биһигини түргэнник илдьэн-аҕалан үлэбит таһаарыылаах буоларыгар улаханнык көмөлөспүтэ дии саныыбын.
Өссө юнкордар көрдөһүүлэрин толорон, Амма өрүскэ илдьэ сылдьыбыта. Өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан юнкордуу кэлбит оҕолорго Амма кэрэ көстүүтүн – “Кыыс Амма” монумены илдьэн көрдөрбүтэ.
Леонид Иванович суоппардаабыта, массыына уруулун туппута 35 сыл буолбут эбит.
– Суоппар мин санаабар, наар массыына уруулун эрэ тутар диэн буолбатах. Суоппар күннэтэ элбэх дьону кытта алтыһар. Массыынатыгар олорбут дьон иннигэр эппиэтинэһи сүгэр. Амматааҕы оҕо искусствотын оскуолатыгар суоппардыам иннинэ Амма улууһун дьаһалтатыгар суоппардыы сылдьыбытым. Салайааччылары таһар ыарахан үлэ этэ. Сарсыардаттан саҕалаан киэһэ хойукка диэри дьаһалта үлэһиттэрин графигынан сылдьаҕын. Ол кэнниттэн таксилаабытым. Араас кыһалҕалаах дьону илдьэргэ-аҕаларга пассажиры кытта уопсай тылы булуохтааххыт. Такси суоппара кинилэргэ үчүгэйдик сыһыаннаһан, сымнаҕас айаны хааччыйар, – диэн кэпсиир 35 сыл ыстаастаах суоппар.
Салгыы биһиги оҕолору таһар суоппар үлэтин уратытын туһунан кэпсэппиппит.
Леонид Иванович этэринэн, оҕону таһар диэн сүрдээх улахан эппиэтинэс. Манна сөп түбэһэр правалаах буолуохтааххын. Хас рейс аайы ГАИ-га тиийэн массыынатын көрдөрөр. Оҕолору таһар массыына техническэй өттүнэн туруга олох үчүгэй буолуохтаах. Маны таһынан суоппар бэйэтин доруобуйата эмиэ чэгиэн-чэбдик буолуохтаах.
Леонид Иванович Саввиҥҥа Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар үлэлээбит “Кэскил” медиа оскуола юнкордарын аатыттан истиҥ махталбын тиэрдэбин. Уонна “Дети” диэн суруктаах оҕолору таһар араҥас өҥнөөх массыына суоппардарыгар куруук харыстабыллаахтык сыһыаннаһыҥ диэн этиэхпин баҕарабын.
Гаврил ПРОКОПЬЕВ, IX кылаас,
А.Е. Кралин аатынан Абаҕа орто оскуолата, Амма