Мин аймахтарым Ивановтар – удьуор үлэһит дьон. Дьэ итинэн сиэттэрэн мин күн-бүгүнүгэр диэри сайдар, иннин диэки дьулурҕатык хардыылыыр кэскиллээх олохпутун уһансыбыт удьуор үлэһит дьон – эһэм, эбэм тустарынан кэпсиибин.
Эһэм Иванов Петр Кириллович Мээндиги нэһилиэгэр бастакы управляющайынан үлэлээбитэ. Мээндиги иккистээн төрүттэнэригэр, тэрээһин үлэ ыытыллыытыгар элбэх сыратын биэрбитэ. Кини салайар үлэҕэ дьоҕурдаах, эппит тылын толорор үтүө салайааччы этэ. Субуотунньуктарга, хонуу үлэтигэр, тутууга ыччаты кытта тэҥҥэ сылдьыһара. Ити курдук эһэм төрөөбүт нэһилиэгин туһугар үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Эһэм уопсай үлэҕэ да, чааһынай хаһаайыстыбатыгар да биир тэҥ ситиһиилэрдээх буолара. Дьиэ иһинээҕи дьоно-кэргэнэ, оҕолоро аҕаларын олус өйдүүллэрэ, сүбэ-ама, көмө-тирэх буолаллара.
Эбэм Мария Николаевна Мээндигигэ 1952 сыллаахха кийиит буолан кэлбитэ. Кини нэһилиэк общественнай үлэтигэр активист, үлэһит үтүөтэ этэ. Эбэм өр кэмнэргэ ыччат ферматыгар ыанньыксытынан, ньирэй көрөөччүнэн,биригэдьииринэн, наставнигынан үлэлээбитэ. Ыраас, минньигэс астаах, сир асчыта бэрдэ. Мин эбэм сүрдээх аһыныгас, үөрүнньэҥ, түргэн туттунуулаах, сиэннэрин наһаа таптыыр этэ. Биһиэхэ көмөлөһөрө, сүбэ-ама буолара.
Эбэлээх эһэм курдук оҕолоро , сиэннэрэ чиэһинэйдик иитиллэн үлэлии-хамсыы, үөрэнэ сылдьабыт. Мин кинилэринэн киэҥ туттабын.
Олесов Филипп,
Мээндиги орто оскуолатын «Медиа-киинэ»,
8 кылаас үөрэнээччитэ