Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай поэта, оҕо суруйааччыта, публицист, тылбаасчыт Иван Васильевич Мигалкин үбүлүөйдээх сылыгар элбэх тэрээһиннэр ыытыллаллар. Кини 70 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи викторинаҕа кыттан 2 миэстэни ылан туоһу сурук, кинигэ, 2 тыһыынча бириэмийэ тутан олус үөрдүм.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи викторинаны тэрийээччилэргэ махталбын тириэрдэбин. Викторина боппуруостара олус үчүгэйдик таҥыллан оноһуллубуттар, суруйааччы олоҕун кэрчиктэригэр, айымньыларын ис хоһоонугар аналлаах боппуруостар бааллара. Викторинаҕа эппиэттиирбэр «Писатели Якутии», «Писатели земли Олонхо» диэн дьиэбэр баар кинигэлэри туһаммытым.
Биһиги дьиэбитигэр 20 тыһыынча кинигэ баар. Онтон миэхэ саамай күндү кинигэм Иван Мигалкин автографтаах кинигэтэ. Бу кинигэни 2017 сыллаахха «Бичик» кыһата Ленин болуоссатыгар кинигэ быыстапка-дьаарбаҥкатыгар суруйааччылары кытта көрсүһүү тэрийбитэ, онно сөбүлүүр суруйааччыбыттан Иван Васильевич Мигалкинтан «Алыптаах дойдуга» диэн кинигэтигэр автограф ылан наһаа үөрбүтүм. Иван Васильевич «Петяҕа бары дьолу баҕарабын» диэн суруйбута.
Иван Васильевич айымньыларын кыра эрдэхпиттэн сөбүлээн ааҕабын. Аан бастаан кини суруйбут «Бэрэски», «Будильник» диэн хоһооннорун детсадка сылдьан билсибитим. Бастакы кылааска үөрэнэ сылдьан «Махтал» диэн хоһоонун, «Куоска уонна кутуйах» диэн остуоруйатын сөбүлээн аахпытым. «Көрдөөх Сэличээн», «Доҕордоһуу күүһэ», «Балык ууну тоҕо булбутай» уонна да атын айымньыларын аахпытым. Ол туһунан кыра кылааска үөрэнэ сылдьан суруйбут ыстатыйаларым «Кэскил» хаһыакка уонна куйаар ситимигэр тахсыбыттыра.
Алын кылааска үөрэнэ сылдьан Дьокуускайдааҕы «Арыллыы» суруналыыстыка куруһуогар үөрэммитим. Билигин Иван Васильевич айымньыларын оскуолабатыгар төрөөбүт литература дьарыктарыгар үөрэтэбит. Ону таһынан оскуолабар «Дьулуур» диэн хоһоон куруһуогар сылдьабын. Куруһуокупутун саха тылын уонна төрөөбүт литература учуутала Зинаида Евсеевна Егорова салайан ыытар. Куруһуокка, дьарыктарга саха суруйааччыларын айымньыларын үөрэтэбит, ырытабыт, күрэхтэргэ кыттабыт. Учууталбыт Зинаида Евсеевна күрэхтэргэ, викториналарга кыттыҥ диэн дьаныһан туран дьарыктыыр.
Оҕолорго туһаайан этиэм этэ, Иван Васильевич Мигалкин айымньыларын ааҕыҥ, кини айымньылара үчүгэй киһи буоларга көмөлөһөллөр. Мин Иван Васильевич Мигалкин төрөөбүт дойдутугар Уус Алдан Хоро нэһилиэгэр уонна кини кэргэнинээн Зоя Васильевналыын тэрийбит Кулантай аатынан уран тыл түмэлигэр бара сылдьар баҕалаахпын.
2 тыһыынча бириэмийэбинэн ийэбэр Саха сиригэр ийэ уонна аҕабар Арассыыйаҕа аҕа күннэринэн бэлэх оҥордум. Төрөппүттэрим үөрдүлэр, махтаннылар. Түгэнинэн туһанан ийэлэри, аҕалары ааспыт бэлиэ күннэринэн — Саха сиригэр Ийэ уонна Арассыыйаҕа Аҕа күннэринэн эҕэрдэлиибин!
Иван Васильевич Мигалкин биир дойдулаахтарыгар кини аатын үйэтитэн элбэх тэрээһиннэри ыыталларыгар махтанабын.
Петр Антонов, Дьокуускай куорат Н.И. Шарин аатынан 39 №-дээх
оскуолатын 9-б кылааһын үөрэнээччитэ.
keskil14.ru