Таатта лиссиэйин Х “А” кылаас оҕолоро Ытык Күөлбүтүттэн сэттэ чааһы быһа айаннаан, Өктөм сиригэр наука дьоҕус академията баар сиригэр кылааһынан айаннаан тиийбиппит. СӨ Бастакы Ил Дархана Михаил Ефимович Николаев архыып-бибилэтиэкэтин сыныйан көрдүбүт. Саха өрөспүүбүлүкэтигэр элбэх да туһаны аҕалбыт, сайдыыны салайбыт улуу киһибит олоҕун-дьаһаҕын билистибит.
Михаил Николаев аҕам саастаах дьоҥҥо пуонда тэрийбитэ, аэропорду туттарбыта, эмтэнэр национальнай кииҥҥэ кардиология салаатын астарбыта. Саха сирэ бэйэтин салайынан, көҥүллүк олороругар турууласпыта. Элбэх кинигэ ааптара.
Экскурсиябытыгар Өктөм үөрэнээччилэрин оскуолаҕа кэтэр таҥастарын сэҥээрдим. Эмиэрикэ киинэтигэр көстөр курдук туттан-хаптан, таҥнан-симэнэн сылдьаллара киһи хараҕар быраҕыллар. Оҕолоро үөрүнньэҥнэр, аламаҕайдар. Бииргэ алтыһан оонньоотубут. Күҥҥэ биэстэ тото-хана аһаатыбыт. МАН-ҥа кэлэн, үс күн үөрэммиппит туһунан сэртипикээт ылан, дьоллоох Дьокуускай суолун туттубут.
Саха тыйаатырыгар сылдьыам оннугар, киинэ көрбүт киһи, диэн санаам сыыһа буолан биэрдэ. П.А.Ойуунускай аатынан саха академическай тыйаатырыгар тобус-толору көрөөччү этэ. “Таптал сүппүт куората” диэн дириҥ ис хоһоонноох, аныгы тыыннаах испэктээкили олус астынным. Сүрэҕим-быарым ортотунан киирдэ. Аныгыскы сырыыга эмиэ хайаан да сылдьыыһыбын дии санаатым. Тыйаатыр уус-уран салайааччыта, РФ норуодунай артыыһа Андрей Саввич Борисов биир дойдулаахпытын Роман Дорофеевы, сиэтэн таһаарбыт сүрүн режиссерун киэн туттан ааттаата. Онон Чөркөөхтөн тахсыбыт талааннаах киһибитинэн испэр киэн тутта санаатым. П.А. Ойуунускай аатынан саха академическай тыйаатырын, Олоҥхо тыйаатырын уонна көрөөччүлэр ааттарыттан үбүлүөйдээх аатырбыт артыыскаҕа Степанида Ильинична Борисоваҕа ытыс тыаһынан махтанныбыт.
Нөҥүө күнүгэр АГИКИ-га, ХИФУ-га, пединститукка сырыттыбыт. Лиссиэйбитин, гимназиябытын бүтэрбит оҕолор преподаватель буолбуттара киһини үөрдэр. Ол курдук, Юлиана Николаевна Захарова наһаа бэркэ үөрэтэр эбит. Выпускникпыт, пединститут студена Айсен Слепцов преподавателин кытта тэҥҥэ оонньуу нөҥүө үөрэҕин билиһиннэрдэ. Кылааспыт салайааччыта Сардана Спартаковна Сыромятникова санаатын ууран, болҕомтоҕо ылан, барытын эрдэттэн толкуйдаабыт, былааннаабыт буолан, хайдах эрэ ис иһиттэн табыллан, туох да мачайа суох сырыттыбыт. Айаммытын, үөрэхпитин төлөөбүт төрөппүттэрбитигэр кылааһым оҕолорун ааттарыттан махтанабын. Үрдүкү үөрэх кыһатын тэрилтэлэрин туһунан өйдөбүл баар буолла.
Кылааһым оҕолорун атын харахпынан көрдүм, бу иннинэ соччо-бачча билбэтэхпин биллим. Уруйдаах олоҕунан тутуһан, алгыстаах айаммытын анааран, кылааһынан бары бииргэ сылдьыбыппыт туһалаах буоллун!
Саша Герасимов, Таатта лиссиэйэ.
keskil14.ru