Тыа сиригэр олох-дьаһах тыын боппуруоһа – кыстыкка киирии. Бу хас биирдии тыа киһитин сүрүн соруга буолар. Ордук сүөһүлээх-астаах, сылгылаах хаһаайыстыбаларга.
Бу күннэргэ аҕабын, бааһынай хаһаайыстыба салайааччытын Радомир Николаевич Ксенофонтовы кытта от, кыстык туһунан кэпсэттибит. Кини этэринэн, быйыл үрэх сирдэргэ от, хойутаан да буоллар, син үүммүт. Алаастар, үрдүк сирдэр курааннаабыттар.
– Сүөһүлээх-астаах дьоҥҥо оппут-маспыт саамай сүрүммүт. Күнү-дьылы баттаһа сыл тахсар оппутун булуммуппут. От ыйыгар, атырдьах ыйыгар кураан күннэр тураннар быйыл от хаачыстыбата куһаҕана суох. Ол гынан баран эрдэ ардаабакка, алаас сирдэрбит курааннаатылар. Онтон саамай битэмииннээх үчүгэй от алаастарга үүнэр, – диэн этэр аҕам.
– Сылгыга быйыл күһүнүн хайдах ааста?
– Күһүн наһаа ардаан, ыарахан соҕус буолла. Сылгы хаһарыгар муустаах, аһыйбыт оту сиэн титириир, ырар. Онон сылгыны быйыл эбии күүскэ аһаттахха эрэ үчүгэйдик сыл тахсара буолуо.
Киһи киһиэхэ көмөлөһөрө диэн былыр-былыргыттан баар. Ол сиэринэн Хадаар дьоно-сэргэтэ атын нэһилиэккэ от атыылаан, кыһалҕаларын быһаарар. Быйыл Амма өрүс уута тахсыбакка, ардах түспэккэ Мындаҕаайы нэһилиэгэр от үүнүүтэ быйыл мөлтөх эбит. Онон Хадаар нэһилиэгэ Мындаҕаайы нэһилиэгэр ордук отун атыылаары олорор.
Ити курдук хардарыта өйөнсөн, кыстыкпытын этэҥҥэ туоруоххайыҥ.
Алёна КСЕНОФОНТОВА, VIII кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы